Эргэ оптуобустар маршруттан уһулуннулар
Олохтоох дьаһалта куорат маршруттарын бас билээччилэригэр 2007-2009 сыллаах хаарбах оптуобустары нэрээккэ – дьону тиэйэр графикка киллэрбэттэригэр көрдөһөн иһитиннэрии ыытта.
Ол курдук, 2021 сыл сэтинньи 17 күнүгэр ыытыллыбыт модьуйууга этиллэринэн, “ЦДС” ХЭС реестрыттан 11 сылтан үөһээ сүүрбүт болдьохтоох оптуобустар уһуллаллар. Бу 4, 5, 6, 8, 14, 15, 16, 20, 25, 41 уо.д.а. маршруттарынан сүүрэр тиэхиньикэ.
News.Ykt.Ru сайтка “Союзавто” коммерческайа суох уопсастыба дириэктэрэ Андрей Косицкий иһитиннэрбитинэн, бу оптуобус айаныгар дьайбат:
— Сыл аайы маршрутнай тиэхиньикэ саҥардыллан иһэр. 11 сылтан уһуннук сүүрбүт оптуобустар быһа холоон 10% ылыахтара. Күн бүгүн урбаанньыттар балаансаларыгар 630 оптуобус баар, онтон линияҕа – 300 тахса. Маны таһынан, кулун тутар бүтэһигэр Дьокуускайга саҥа оптуобустар кэлиэхтээхтэр.
Урут иһитиннэрбиттэринэн, саас Дьокуускайга КАВЗ уонна ПАЗ “Вектор NEXT” мааркалаах 100 саҥа оптуобус кэлиэхтээх. Бастакы баартыйа – кулун тутар 27 күнүгэр, иккис муус устар 10 күнүгэр диэри кэлиэхтээхтэр. Бу сүүс оптуобустан 65 ЯПАК МУТ маршрутунан айанныахтара, ол иһигэр оройуоннарынан дьону тиэйиэхтэрэ. ПАЗ «Вектор NEXT» мааркалаах 35 оптуобуһу “Союз Авто” коммерческайа суох тэрилтэ ылбыт.
Дьокуускайга билигин 19 тиэйээччи дьону таһыынан дьарыктанар. Онтон биир муниципальнай (ЯПАК), атыттара – аччыгый уонна орто предпринимательствонан дьарыктанааччылар. Түһэрсиллибит контракт быһыытынан 578 уонна 47 муниципальнай оптуобустар дьону тиэйэллэр. Күн аайы маршрукка 270-290 оптуобус тахсар.