21.12.2023 | 10:00

Эрэх-турах сананыахха

(Бэрэсидьиэн пресс-конференциятыттан)
Эрэх-турах сананыахха
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Ааспыт чэппиэргэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үгэс буолбут “Быһа линията” буолан ааста. Быйыл “Быһа линия” бэрэсидьиэн сыл түмүгүнэн оҥорор пресс-конференциятын кытта дьүөрэлэстэ уонна 4 чаастан уһуннук буолан ааста. Ол кэм иһигэр судаарыстыбабыт аҕа баһылыга 67 киирбит ыйытыыга хоруйдаата. Олортон сороҕун таһаарабыт.

Анал байыаннай эпэрээссийэ хаамыытын туһунан:

“Утарсааччы улахан кимэн киириини былаанныырын иһитиннэрбитэ. Онтуката ханан да сатаммата... Утары көрсөр линияларбытыгар барытыгар биһиги Сэбилэниилээх күүстэрбит балаһыанньаларын тупсарынан, күүһүрдэн иһэллэр. Билигин бары көхтөөхтүк хамсанар-имсэнэр, туттар-хаптар кэмнэрэ. Ол тухары турукпут куһаҕана суох”.

 

Украинаны кытта ил-эйэ олохтонор усулуобуйатын туһунан:

“Эйэ биһиги анал байыаннай эпэрээссийэбит сыалларын ситистэхпитинэ эрэ олохтонуоҕа. Ол сыаллар уларыйбаттар. Биһиги Украина денацификациятын, демилитаризациятын уонна нейтральнай статустанарын туһунан этэн турабыт. Кэпсэтии көмөтүнэн дуогабардаһа сатыахпыт эрээри, бэлиэтээн эттэххэ, Стамбулга номнуо дуогабардаһан турабыт, ону кинилэр туора илгибиттэрэ. Атын кыахтар эмиэ бааллар – эбэтэр дуогабардаһабыт, эбэтэр күүһүнэн күһэйэбит”.

 

Мобилизация саҥа долгунун туһунан:

“Билигин Анал байыаннай эпэрээссийэ буола турар сиригэр 617 тыһыынча Арассыыйа байыаннайа баар... 468 тыһыынча киһини ылбыппыт (бэйэ баҕатынан барааччылары – эрэд.). Дьон байыаннай эпэрээссийэҕэ барыыта аччаабат, күн аайы балтараалыы тыһыынча киһи барар. Доброволецтары кытта холбоон мөлүйүөн аҥаарыгар тиийэр киһи буолуоҕа. Оччоҕо тоҕо мобилизация наада буолуой? Бүгүн оннук наада тирии илик”.

 

Экономика тирэҕин туһунан:

“Арассыыйа экономиката бигэ тирэхтээх, иннибит диэки баран иһэр кыахтаахпыт. Ол тирэхпит хас да үктэллээх. Бастатан туран, саамай сүрүнэ – Арассыыйа уопсастыбатын бүттүүн сомоҕолоһуута. Иккиһинэн – финансовай уонна экономическай систиэмэбит тулхадыйбат тирэхтээх. Үсүһүнэн, биллэн турар, сэбилэниилээх күүстэрбит,  аармыйа уонна куттал суох буолуутун сулууспалара,  кыахтара улаатан эрэ иһэр”.

 

ВВП уонна нэһилиэнньэ дохуотун үрдээһинэ:

“Экономика сайдыытын сүрүн көрдөрүүтэ – ВВП (валовый внутренний продукт) сыл бүтэһигэр 3,5 % тэҥнэһэрэ күүтүллэр. Бу үчүгэй көрдөрүү, ол аата биһиги былырыыҥҥы түһүүбүтүттэн таҕыстыбыт. Дьон ылар хамнаһа, сыл түмүгүнэн, 8%  үрдүөҕэ, бу инфляцияны суоттаан туран. Барыларыгар оннук буолуо диэбэппин, дойду үрдүнэн ортотунан ылыллар статистика көрдөрөр – нэһилиэнньэ дохуота улаатан иһэр”.

Инфляцияны утары охсуһуу туһунан:

“Хомойуох иһин, инфляция улаатта, сыл түмүгэр 7,5 % буолара, баҕар, 8 % тиийэрэ күүтүллэр. Киин баан уонна бырабыыталыстыба сөптөөх миэрэлэри ылаллар. Бу туһунан элбэҕи кэпсэтиэххэ сөп, ключевой ставканы үрдэтии туһунан о.д.а. Сыалбытыгар тиийиэхтээхпит”.

 

Киһи үйэтэ уһаабытын туһунан:

“2021 сылга Арассыыйаҕа киһи үйэтэ ортотунан 70,06 сыл этэ, 2022 сылга – 72,73 сыл, 2023 сылга 74 сыл буолла. Бу дойдубутугар ыытыллар социальнай политика, экономика көрдөрүүлэрин үтүө түмүктэрэ”.

 

Саҥа регионнар сайдыыларын туһунан:

“Саҥа регионнар сайдыыларыгар сыллата триллион солкуобай тыырыллыаҕа. Маны таһынан Арассыыйа регионнарын бырааттыы сибээстэрэ олохтонно. Атын регионнар номнуо саҥа регионнар сайдыыларыгар, олохторун чөлүгэр түһэриигэ 150 млрд  солк. ыыттылар. Салҕыы өссө регионнар 100 миллиард солк. угуохтаахтар. Манна саҥа холбоспут регионнар Арассыыйа бүддьүөтүгэр быйыл 170 млрд солк. киллэрбиттэрин бэлиэтиэххэ наада – бу регионнар экономикалара атаҕар туран эрэрин бэлиэтэ”.

 

Дьиэ кэргэн ипотекатын уһатыы туһунан:

“Дьиэ кэргэн ипотекатын бырагыраамата сотору бүтэр – 2024 сыл от ыйыгар диэри үлэлиир. Бырабыыталыстыба билигин бу ипотеканы уһатар туһунан толкуйдуур. Биллэн турар, судаарыстыба бүддьүөт кыаҕын учуоттуохтаах. Ол эрэн, мин санаабар, дьиэ кэргэн ипотекатын болдьоҕо уһатыллыахтаах”.

 

ОДьКХ төлөбүрүгэр биэнсийэлээхтэртэн комиссияны тутуу туһунан:

“Биллэн турар, аҕам саастаахтартан комиссия харчыта тутуллара сыыһа. Бу быһаарыллыбыт боппуруос – комиссия төлөбүрүттэн биэнсийэлээхтэр босхолонуохтара”.

 

Аһынан-үөлүнэн хааччыллыы туһунан:

“Быйыл рекордтаах үүнүү – 150 мөл. туонна туораахтааҕы ыллыбыт. Бу 146 мөл. туонна бурдук буолар. Үчүгэй түмүк. Уопсайынан, тыа хаһаайыстыбатын салаатын түмүктэрэ үчүгэйинэн сыаналаныахтарын сөп. Аһынан-үөлүнэн хааччыллыыга туох да куттал суоһаабат”.

 

Арасыыйаҕа дьахтар оҕотун түһэртэриитин тула тахсыбыт мөккүөр туһунан:

“Арассыыйаҕа аборт бобулла илик. Оттон бобуу туһунан кэпсэтэр буоллахха, арыгыны боппуттарын да ылан көрүөххэ, суррогатнай арыгы, дьон бэйэтэ арыгы оҥосторо элбээбитэ. Суррогат арыгыттан суорума суолламмыт киһи ахсаана элбээбитэ. Бу кыһалҕаны быһаарыы икки өрүттээх: бастакыта – төрүт сыаннастарбытыгар төннүү, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн үрдүк суолтатын өйдөтүү; иккиһэ – нэһилиэнньэ материальнай хааччыллыыта. Дьахтар консультациятын кабинеттарын, төрүүр дьиэлэри сайыннарыахха наада”.

 

Палестина уонна Израиль атааннаһыыларын туһунан:

“Онно буола турар – улахан иэдээн. Украинаны билигин элбэхтик кэпсэтэбит, ол эрэн анал байыаннай эпэрээссийэни уонна билигин Газа сиригэр-уотугар буола турары тэҥнээн көрүҥ... Уратыларын бэлиэтээҥ. Украинаҕа итинник көстүү тахса илик. ООН Генеральнай сэкирэтээрэ сектор Газа билигин саамай улахан оҕо кылабыыһата буолла диэтэ. Бу этии элбэҕи өйдөтөр”.

 

Евросойууһу кытта сыһыан туһунан:

“Бу биһигиттэн эрэ тутулуктаммат. Балаһыанньаны биһиги буорту гымматах буоллахпыт. Биһиги интэриэстэрбитин атын кэккэҕэ сыҕарытан туран, сыһыаннарын буорту гыммыттара. Үгүс европейскай лидердэр генерал де Голь курдук тутталлар-хапталлар, оттон дьиҥ олоххо маршал Петен курдуктар, ол киһи Аан дойду иккис сэриитигэр оккупаннарга бэринэн, коллаборационист буолбута”.

 

АХШ кытта сыһыан туһунан:

“Биһиги кинилэри кытта сыһыан олохтуурга бэлэммит. АХШ – суолталаах уонна наадалаах дойду. Ол эрэн туохха олоҕуран сыһыаммыт тупсуон сөбө биллибэт. АХШ иһигэр уларыйыылар-тэлэрийиилэр таҕыстахтарына, атын дьону убаастыыр, компромисска барар буоллахтарына... Санкцияларынан уонна байыаннай дьайыыларынан бэйэлэрин кыһалҕаларын быһаара сатыылларын тохтоттохторуна, толору сыһыаны олохтуур акылаат ууруллуон сөп”.

 

Арассыыйаҕа кэлэр миграннар тустарынан:

 “Судургута суох кыһалҕа... Үлэ ырыынагар – 2,9 % үлэтэ суох буолуу бэлиэтэнэр, ол аата суоҕун кэриэтэ. Оттон үлэһиттэргэ наадыйыы үрдүк. Ол аата биһиги, Арассыыйа олохтоохторун туохха да күөмчүлээбэккэ, экономическай кыһалҕаларбытын быһаарыныахтаахпыт.

Миграннары үлэлэтэр наада дуо? Наада буолар. Биһиги, бастатан туран, идэтийбит үлэһиттэргэ наадыйабыт. Үлэлии киирэр миграннар биһиги сокуоннарбытын убаастыыллара, Арассыыйа норуоттарын үгэстэрин ытыктыыллара, оттон туһааннаах уорганнар ону кэтииллэрэ тоҕоостоох”.

 

Арассыыйаны иһиттэн дьалкыта сатааһын туһунан:

“Исламофобия, антисемитизм, русофобия уонна онтон да атын итиниэхэ майгынныыр көстүүлэр элбии тураллар, элбиэх да чинчилээхтэр. Уопсастыбаны иһиттэн долгута сатыылларыгар бэриниэ суохтаахпыт, уодьуганнаан иһиэхтээхпит”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...