Эрдэ улаханнык саҥарымаҥ, харыстааҥ
Бу күннэргэ 19 саастаах уол Вячеслав Дьяконов “Чемпион кубогар” бастыырын кытта харса суох хайҕааһын буолла. Оттон Уһук Илин көҥүл тустууга чемпионатыгар биэс кыһыл көмүс дьэ, мэтээллэммиппитин истэн, Айсен Николаев Хаджимурад Гацаловы ыҥыран аҕалан сыыспатах, тута тубустубут диэн өрө көтөҕүллүүлээх суруйуу тахса охсубут. Биһиги олимпийскай чемпионнарбыт тугу билэллэрин кистээбэккэ, онно эбии С.Преображенскай, А.Медведь, А.Иваницкай, И.Ярыгин, А.Бураков, Сайтиевтар кэлэн эмиэ сүбэлии сылдьыбыттара. Биир күрэхтэһии иннинэ аҕыйах хонукка сүбэттэн, сонурҕатан син кыратык санааларынан тактиканан дьулуһуннарбыта буолуо да, маастарыстыбаҕа төһө бэйэлээҕи эбиэҕэй? Кини кэлбэтэҕэ да буоллар итинтэн оччо итэҕэс тустуо суох инилэр. Буряттары урут тулуппат буоларбыт. Кинилэрдиин кавказецтартан ыраах сылдьааччылардыын, тэҥ да көмүстэннибит диэн, киһиргэнэр кэрэгэй.
Аҕатын алгыстаах суолунан
Оҕоҥ ааккын ааттатара төрөппүккэ төһөлөөх күндүнүй? Ол туһугар үгүстэр кыһанан эрдэхпит да, кыаллара аҕыйах.
”Дыгын оонньууларын” алта төгүллээх Аан Дархана Николай Дьяконов уолаттарын спорка, булка батыһыннара сылдьарын үөрэ истэрбит. Вячеславын көҥүл тустууга биэрэн сэттэ сыл эрчийтэрбит. Сорохтор ити көрүҥтэн эчэйэн туораабыта диэн суруйаллар. Аҕата ютубунан “Урааҥхай” Тургун Поповка интервьютугар Слава эчэйиитэ суох бэйэтин баҕа санаатын толороору, тустуу секциятыттан аҕатын суолунан элбэх көрүҥнээх түһүлгэҕэ киирсэргэ анаан бэлэмнэнээри барбыт.
Өссө былырыын бу элбэх көрүҥнээх киирсиигэ холонуон баҕарбыт. Сэттэ төгүллээх Аан Дархан аатын ылбыт Иван Белолюбскай бирииһигэр “Чемпион кубогын” быйылгы түһүлгэтэ ааспыт өрөбүлгэ түмүктэннэ.
Барыта 26 боотур кытынна. Күүстээхтэртэн Петр Старостин, Дмитрий Попов эрэ суохтар. Күрэхтэһээччилэртэн саамай эдэрдэрэ 19 саастаах Слава Дьяконов миэстэлэһиэ, эгэ, бастыа дии санаабыт баара биллибэтэҕэ. Арай айбыт аҕата бүөм санаалааҕа эбитэ дуу, ону да быктарбатаҕа. Уксааччылар патриоттаан эҥин да талыыларыгар биэстии киһи аатыгар кытта кини араспаанньата суоҕа.
Дьэ, доҕор, уолбут бары көрүҥҥэ инникилэр кэккэлэригэр тахсан истэ. Улахаҥҥа тахсар киһи эрдэ сиһин иҥиирэ ситээччи, холун былчыҥа хойдооччу. Оннук буолбукка дылы.
Бастаан үгэс курдук “үс төгүл үс”. Манна 2020 сыллааҕы “Дыгын оонньуулара” ыытыллыахтарыгар диэри дэгиттэринэн атыттартан таһыччы дэниллэ сылдьыбыт Хаҥалас Хотойо маастар Егор Филиппов бастакы көтүүтүн кэннэ кини тилэҕин уурбут олугар ырааҕынан тиийээччилэрэ суох. Онно эрэнэр буолан, иккис-үһүс холонууга тахсыбакка атын көрүҥҥэ бэлэмнэнэ, сынньана баран хаалааччы. Бу да сырыыга оннук, үһүс киһинэн ыстанаат – 34,32 м бара турда.
Ньурбаттан атах оонньуутун маастара Николай Обоев – 32, 83 м иккис миэстэҕэ тахсан болҕомто киинигэр киирдэ. Уопуттаах Николай Матаннанов – 32,47 м – үһүс олоруста. Бу сырыыга эрчиллиитэ табыллыбыт дуу, тугу эрэ оҥороорой?
Слава Дьяконов итиччэ ыйааһыннаах уол маҥнайгыттан хаалсыбат:
1 түһүмэх. “Үс төгүл үс” – 5 м (31,44 м);
2 –с түһүмэх. “Тутум эргиир” – 1 м;
3-с түһүмэх. Мас тардыһыыта — 14 м;
4-с түһүмэх. Оҕунан ытыы – 9 м;
5 –с түһүмэх. Сүүрүү — 3 м;
6-с түһүмэх. Хапсаҕай – 8 м.
Итиниэхэ диэри араас соһутуу (сенсация) бөҕө буолла.
2-с түһүмэххэ – “Тутум эргииргэ” уопуттаах “Дыгын оонньууларын—2012” лауреата, Амма Ааттааҕа Леонид Филиппов 60 эргиири аахтарда. Кини иннигэр саамай эдэрдэр түстүлэр. 20 саастаах, Уус Алдан Дүпсүнүттэн төрүттээх Никита Новгородов Славаттан түөрт эрэ эргииринэн тиийбэккэ (61 эргиир) иккискэ таҕыста. (Бу уол “Дыгын оонньуулара-2020” күөрэйбитэ. 12 чулууттан бүтэһиктэн иккис буолта. Бу сырыыга уопсай түмүккэ онус миэстэ буолла. Эдэрдэр өссө эбиллиэхтэрэ турдаҕа).
3–с түһүмэххэ – мас тардыһыытыгар, Егор Филипповтэҥнээҕин булбакка, эмиэ өрүттүөхчэ буолла. Рестлиҥҥа аан дойдуга биллэр маастар Дьулустаан Ноговицын иккис буолан балаһыанньатын тупсарда. Вячеслав Андросов (Чурапчы) үһүскэ тахсан соһутта. Икки сүрүн претендент Намтан Артем Варданян – 9 м., Леонид Филиппов15 м. буоллулар. Артемҥа быраата Вячеслав Дьяконов иккиэннэрин сэниэтин эспэттии суоттаан, Ньукулай уолугар дьаһал биэрдэҕэ дуу, утарыласпата.
4 – с түһүмэх. Оҕунан ытыы – охсуулаах көрүҥ. Биэс бэргэн ордук “бултуйдулар, бары тэбис-тэҥ отут иккилии очукуону ааҕыстылар. Онон эбии ытыалаһыы түмүгэр боротокуолга миэстэлэргэ маннык турдулар:
1. Алексей Кузьмицкай (Чурапчы)
2.Леонид Филиппов
3.Дьулустаан Ноговицын
4.Николай Матаннанов
5.Никита Новгородов
Артиллерист Гавриил Протодьяконов төрөөбүт түөлбэтиттэн чугас Чурапчы Чыаппаратыгар үөскээбит саҥа бэргэн ытааччы Кузьмицкай: “Аармыйаттан саҥа кэллим. Иллэрээ күн эрэ Белолюбскай оҕун аан бастаан илиибэр ылбытым. Айсен Семенов хайдах кыҥыырга, ытарга үөрэппитэ. Ол иннинэ оҕу тутан да көрө илигим”, – диэн соһутта.
Үгүс киһи, кинилэр бэһиэн, саамай чэпчэки “сыаналаахтарга” (биэстии очукуоҕа) куобахха, (сэттэлии очукуоҕа) куска бары иккилиигэ тиксэн, 24-түү очукуолары ылбыттара. Оттон “күндү түүлээххэ” тииҥҥэ тиксии уустугурда. Уоннуу очукуоҕа үс инники миэстэлээхтэр бастакыларыгар сыыһан баран иккистэригэр таптылар.
Бу көрүҥҥэ икки сүрүн претендеҥҥэ байанай биэрбэтэ. Артем Варданян бу сырыыга 16-с эрэ буолла. Егор Филиппов куһаҕана суох этэ да, бу сырыыга адьас табыллыбата. Барыллааһын ытыы иннинэ оҕун аҥаар кыната туллубутун кэтэрдэн баран куобаҕы “куоттарда”. Куска ытыытыгар оҕун кирсэ саатыгар саайыллыытыгар бүтүннүү үрэл гынан тостуталаан алдьаммыт мастара муостаҕа түһэн лаһыгыраатылар.
Дьон: “Оо!” – эрэ дэһэн хааллылар. Көмөлөһөөччүтэ Алексей Кузьмин кинини сүүрүүнэн арыаллыы сылдьар. Элээрдэ, хантан эрэ атын сааны булан аҕалла. Ытан көрдө. Тута хантан нэмин билэ охсуой? Олох да ыраахха хаалла – 18 м.
5–с түһүмэххэ—400 м сүүрүүгэ эдэрдэр инникилээтилэр: 1 м. – Николай Обоев, 2 м. – Петр Прудецкай (Дьааҥы). Урукку лидердэр Егор Филиппов, Леонид Филиппов, Николай Матаннанов төрдүс-бэһис-алтыс, Артем Варданян – тохсус миэстэҕэ суруллар бириэмэлэри көрдөрдүлэр.
6-с түһүмэххэ—хапсаҕайга бу көрүҥ хоруола Владимир Федоров (Ньурба) кими да илиилээх-атахтаах оҥорбото. Мэҥэ Хаҥаластан маастар Давыд Колесов киниэхэ умса таттаран, иккискэ хаалла. Үһүскэ күүстээх-уохтаах Дьулустаан Ноговицын таҕыста.
Урукку ааттаахтар адаарыстылар. Егор Филиппов манна өрүттээрэй диэбиппит. Өр сыл лидердээбит буолан үөрэппиттэр аҕай чинчилээх. Бэйэтиттэн быдан кыра, Өлөөн өрүөлэ Айсен Семенов маҥнайгы хапсыһыытыгар уонна Павел Друзьяновтан үһүс эргииргэ Егору атахха түһүүтүгэр, халбарыйан биэрэн тас уорҕатынан таралытан, ойоҕоһунан төкүнүттүлэр. Филиппов көбүөргэ киирсиигэ 17-с эрэ миэстэлэннэ. Ол да буоллар, кыһыйбытын биллэрбэттии туттар. Артем Варданян сынньаннар да абыраммата, алтыс эргииринэн Владимир Федоровынан алтыска атаарылынна.
Дьэ, бүтэһик түһүмэх—“таас көтөҕүү” (дьиҥэр 120 кг ыйааһыннаах куулу ыраахха илдьии). Тааһы тобуккар ууран, илиигин сынньатыаххын сөп. Куул куһаҕана – тобуккар хайдах да уур, түһэр.
Сэттис түһүмэх иннинэ алта көрүҥү холбуу ааҕыыга ким хаһыс миэстэҕэ иһэрин көрөбүт:
1.Леонид Филиппов –36 очукуо
2.Вячеслав Дьяконов—40 очукуо
3.Николай Матаннанов –45 очукуо
4.Дьулустаан Ноговицын - 49 очукуо
Егор Филиппов, Варданян тэҥнэр –51 очукуо
Ыараханы көтөҕүүгэ Леонид оччо ыраатааччыта суох. Оттон Ноговицын рекордсмен. Слава төһө кыайарынан бара сатыырга дьулуһуохтаах. Барыта ити сэрэйиллибит курдук буолла.
Егор Филиппов түргэн тэтиминэн, сүүрэр–хаамар икки ардынан барда, 210,5 миэтэрэ ыраах илтэ.
Дмитрий Петров (Бүлүү) Егор ити күннээҕи рекордугар тиийэн, олорон сынньанан баран, онтон куулу тобугар уура сылдьан салгыы ааһа атыллаталаата - 227,25 м.
Вячеслав Дьяконов 110 м тиийэн сынньанна. Аҕата кэккэлэһэ хааман иһэн сүбэ бөҕө, олорор кэмигэр: “Тобуккар уур. Тыын. Эмискэ түөскүнэн өрө анньан тур”. Хааман истэҕинэ: “Баран ис, баран ис, үөһэ көр. Олох түһэримэ. 160-ҥҥа тиэрдиэххин наада”, – диир. Уол туох баар күүһүн тиһэххэ диэри биэрдэ – 173.68 м.
Бу кэннэ: “Слава бастыыр буолла быһыылаах”, – диэн буолла.
Дьулустаан Ноговицын, төһө баҕарар барыах көрүҥнээҕэ да, аа-дьуо баран истэҕинэ: “230 м буолла”, – дииллэрин кытта, манна лидердээн иһэр Петров көрдөрүүтүн ааспытын билэн, мантан ордук барыахтара суоҕа диэн эрэнэн ууран кэбистэ (230, 34 м). Атыттар, арыый көрдөрүүлээхтэр Вячеславтан уонча, сүүрбэччэ см хааллылар. Көтөҕөн баран, 25 эрэ миэтэрэ бараат, мүччү туппут эмиэ баар.
Түмүгэ:
1.Вячеслав Дьяконов (Нам) –44 очк.
2.Дьулустаан Ноговицын (Горнай) –50 очк.
3.Леонид Филиппов (Амма)--50 очк.
4.Николай Матаннанов (Таатта) –51 очк.
5. Егор Филиппов (Хаҥалас) – 54 очк.
6. Павел Друзьянов (Чурапчы)—61 очк.
Кинилэртэн түөрт инники суруллубуту аны сайын “Дыгын оонньууларыгар” көрүөхпүт. Үс киһи манна путевка ылла, Леонид Филиппов быһа киириэхтээх.
Манна алта маастар кыттан, бары аҕыс миэстэ иһигэр киирдилэр. Итинник бөрөлөртөн Дьяконов бастакы миэстэни былдьаата, бастакы разрядтаах Николай Матаннанов төрдүскэ кыбылынна.
Вячеслав оруобуна аҕатын курдук бастакы улахан кыайыытын 19 сааһыгар ситистэ. “Мантан ыла многоборье күрэхтэһилэрэ буоллахтарын аайы барытыгар кыттыам”, – диэтэ Максим Тихонов “GELIXMAX” блогар.
Вячеслав ДЬЯКОНОВ аҕатын Николай ДЬЯКОНОВ туйаҕын хатаран, рекортары ааһа түһэригэр алгыаҕыҥ!
Вася, это уже другой, второй материал
Хапытаан кыайыынан көҕүлээтэ
Улан-Удэҕа түмүктэммит Уһук Илин ФО көҥүл тустууга чемпионатыгар биллиилээх тренер Иван Дмитриев урут оччо иһиллибэтэх уола Уйгулаан Иванов (57 кг) уонна “Роман Дмитриевкэ” биллэ сылдьыбыт Костя Капрынов (65 кг) олимпийскай ыйааһыннарга бастаабыттарын сэҥээрдим.
Саамай кыра ыйааһыннаахтарга – 57 кг – 12 кыттааччыттан наҕараадаҕа сахалар пьедесталга бэйэлэрэ турдулар:
1. Уйгулаан Иванов
2. Фёдор Постников
3. Дмитрий Илларионов
3. Егор Вензель
Ол эрээри бу ыйааһыҥҥа эрэллэрбит игирэ Копыловтар биир-икки эргииринэн бэйэбит уолаттарбытыгар хотторон туораабыттарыттан үгүстэр хомойдулар.
Дьэ, Арассыыйа чемпионатыгар тугу көрдөрөллөр? Атын ыйааһыннарга Арассыыйаны аймыыр оччо кыаллара саарбах.
61кг
1. Алдар Бальжинимаев (Бурятия)
2. Жаргал Дамдинов (Бурятия)
3. Ньургун Александров (Саха)
3. Семён Владимиров (Саха)
70кг.
1. Булат Батоев (Бурятия)
2. Николай Сивцев (Саха)
3. Албан Аввакумов (Саха)
3. Виктор Рассадин (Саха)
Көрөргүт курдук, бу эмиэ суоттанар ыйааһыннарбытыгар урут кыайар Алдарбыт айбардаата. Жаргал бу да сырыыга биһиэхэ дабдаҥнаан кэбистэ. Аны Булат буулаата, Батоев боотурҕаата.
65 кг үгүстэр Пётр Павловы кэтэспиттэрэ үһүс буолла.
74 кг буряттар мэтээли барытын дьиэлэригэр үллэһиннилэр. Урут итиннэ кыайталыыр Герман Устинов үөһээ ыйааһыҥҥа (79 кг) тахсан холонуутун билиммэтэ, бастаата.
86 кг. Никита Софронов, Алексей Ефимов иккис-үһүс миэстэлэргэ таҕыстылар.
Ньургун Сергин хапытаанынан мээнэ талыллыбатаҕын биллэрдэ. 92 кг чемпионнаата.
Кузьма Сивцев (97 кг) Уһук Илиҥҥэ сэттис төгүлүн бастаата, Итинэн ФО олохтонуоҕуттан маннык түһүлгэ атын статустаммытын кэннэ ыытыллыытыгар рекорд олохтоото. Кини ыйааһыныгар Андрей Ароновпыт үһүс.
125 кг Европа призера Балдан Цыжипов (Бурятия) баатыргыыра биллэр этэ. Манна Никита Хабаровпыт – үһүс.
Хамаанданан түмүк:
1. Бурятия Өрөспүүбүлүкэтэ (5-6-6)=17
2. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ (5-3-10)=18
3. Хабаровскай кыраай (0-1-1)=2
4. Забайкальскай кыраай (0-0-2)=2