28.12.2021 | 13:00

Эрдэһит абитуриеннарга туһаайан

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Сөбүлүүр, ымсыырар үөрэххэр киириэххин баҕарар буоллаххына, бастатан туран, кыра кылаастан кыһаллыахха наада. Тоҕо диэтэххэ кэнники сылларга үрдүк үөрэххэ туттарсыы, бүддьүөт миэстэтигэр хапсыы лаппа ыараата.

Ол төрүөтүнэн аныгы ыччат хастыы эмэ идэҕэ үөрэнэр буолбута уонна үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ сөптөөх үлэ миэстэтин булбаттара буолар. Ол эрээри барыларын биир халыыпка угар эмиэ “ноолоох”. Онон эһиэхэ, күндү эдэркээн ааҕааччыларбытыгар, эһиилги абитураҕа бэлэм сырыттыннар диэн, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет быйылгы үөрэххэ киириитэ, туттарсыыта хайдах ааспытын билиһиннэрэбит.

 

БКЭ-ттэн элбэх тутулуктаах

Эдуард Колесов, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тутар хамыыһыйатын исписэлииһэ:

— 2021 сыл түмүгүнэн ХИФУ бакалавр, специалитет үөрэхтэригэр көрүллүбүт 3018 бүддьүөт миэстэтигэр 100% абитуриент киирэн, үөрэх-билии кыһатын сомсо сылдьар. Быйылгы сылга тутар хамыыһыйа түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир кэлим эксээмэн орто баала – 64,22 таҕыста. Ол аата оҕолорбут оскуола биэрэр үөрэҕин чопчу ылыналлар диэн буолар.

— Судаарыстыба ордук ханнык идэлэргэ бүддьүөт миэстэтин көрөрүй?

“Лечебное дело” (Медицинэ института) – 150 миэстэ, “Горное дело” (Горнай институт) – 70 миэстэ, “Строительство (Промышленное и гражданское строительство)» (Инженернэй-техническэй институт) – 56 миэстэ,  “Педиатрия” (Медицинэ института) – 55 миэстэ, “Электроэнергетика и электротехника” (Физико-техническэй институт) – 50 миэстэ.

— БКЭ үрдүк баалларын статистика быһыытынан оҥорон таһаарбыт буолуохтааххыт. Дьэ, быйыл ханнык улуустар БКЭ-ҕэ үрдүк көрдөрүүлээхтэрий?

 

Улуус

БКЭ орто баала

БКЭ баалынан туһанан киирбит оҕо ахсаана

Амма

65,23

42

Горнай

65,11

67

Нерюнгри куората

64,69

37

Үөһээ Бүлүү

63,44

38

Дьокуускай куорат

63,41

764

— Аныгы үйэ ыччата ордук ханнык үөрэхтэргэ куонкурустаһан киирэрий?

Урукку да сылларга юрист идэтэ инники күөҥҥэ сылдьара, билигин даҕаны суолтатын сүтэрэ илик. Холобура, юридическай факультекка биир миэстэҕэ 24,25 киһи куонкурустаһар. Омук тылын салаатыгар, чуолаан, кэриэй тылыгар элбэх оҕо талаһар, сибээс уонна сетевой программа уонна омук тылын тылбаасчыттарын үөрэхтэрэ куруук инники күөҥҥэ тураллар.

 

2021 сылга саамай элбэх сайабылыанньа киирбит үөрэхтэрэ

1. 31.05.01 “Лечебное дело” (Медицинэ института) – 533 сайабылыанньа;

2. 09.03.01 “Информатика и вычислительная техника” (Математика уонна информатика института ) – 349 сайабылыанньа;

3. 31.05.02 “Педиатрия” (Медицина института) – 273 сайабылыанньа;

4. 09.03.03 “Прикладная информатика” (Математика уонна информатика института ) – 264 сайабылыанньа;

5. 08.03.01 Строительство (Промышленное и гражданское строительство) (Инженернэй-техническэй институт) – 257 сайабылыанньа.

Үөрэх ылаары, билии сомсоору

Данил Николаев, ХИФУ физико-техническэй институтун дириэктэрэ:

2021 сылга үрдүк үөрэххэ туттарсыы тэрээһинэ, аһаҕастык эттэххэ, холкутук ааста диир кыаҕым суох. Былырыын-быйыл пандемиянан сибээстээн үөрэххэ киирэргэ ирдэнэр докумуоннары интэриниэт нөҥүө хомуйдубут. Оҕолор хас да хайысхаҕа уонна хас да үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсар буоланнар, бастаан миэстэ субу туолуох курдук көстүбүтэ. Сорох хайысхаҕа биир миэстэҕэ 7 киһиэхэ тиийэ киириэн баҕалаах баар диэн көстөрө. Онтон оҕолор атын куораттарга баар үөрэххэ киирэннэр эбэтэр ХИФУ иһигэр атын хайысханы таланнар, абитуриент ахсаана биллэ көҕүрээбитэ. Ол кэннэ агитация үлэтин күүһүрдэн, хас биирдии оҕону, төрөппүтү кытта кэпсэтии баран, институкка көрүллүбүт бүддьүөт миэстэлэрин толорбуппут. Оҕолор икки хайысханы ордук сөбүлээн талаллар: Электроэнергетика уонна электротехника (киирбит оҕолор БКЭ-рин орто бааллара 71,93) уонна Физика (Фундаментальная физика; Медицинская физика) (киирбит оҕолор БКЭ-рин орто баала 60,73). Энергетика уонна медицина биһиги олохпутугар суолтатын бары билэбит, оҕолор ону өйдөөн туран талаллар.

Технология сайдыбыт үйэтигэр инженердэри үөрэтэн таһаарар хайысхалары оҕолор сэҥээрэллэр эрээри, физика БКЭ туттарааччы ахсаана сылтан сыл аҕыйаан иһэр. Үрдүк бааллаах оҕолор соҕуруу куораттарга – МГУ, МФТИ, Бауман аатынан МВТУ, СПбГУ, ТГУ, НГУ уо.д.а. киирэргэ эрдэттэн бэлэмнэнэллэр. Физика учуутала буолуон баҕалаах оҕо ахсаана, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, эмиэ аҕыйаабыта көстөр. Ханнык улуус оҕолоро үрдүк бааллары көрдөрөллөрүн чопчулаан этэр кыаҕым суох. Оҕо ситиһиитэ, ханнык үөрэххэ талаһара учууталлартан, төрөппүттэртэн, оскуолаттан уонна университет ыытар профориентация үлэтиттэн тутулуктаах.

— Эһиги институккутугар киирбит оҕолор төһө бырыаһыаннара үлэ булаллар, бары үлэ миэстэтинэн хааччыллаллар дуо?

Түөрт сыл үөрэнэн бакалавр дипломун ылбыт оҕолортон син элбэҕэ магистратураҕа киирэллэр, эбии икки сыл үөрэнэллэр. Үөрэҕи бүтэрбит оҕолор бары үлэ булаллар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо, ол эрэн бары үөрэммит хайысхаларынан үлэлииллэр диэбэппин. «Физик үөрэхтээх киһи хаһан да үлэтэ суох хаалбат» диэн куруук сөбүлээн этэбин.

— Уопсастыбаҕа үрдүк үөрэх суолтата түһэн эрэр курдук. Бу манна эн тус бэйэҥ санааҥ хайдаҕый?

Кэлиҥҥи сылларга оҕолор тоҕус кылаас кэннэ орто үөрэххэ туттарсар буолбуттара баар суол. Биир өттүнэн, «БКЭ-ни кыайан туттарыахпыт суоҕа” диэн куттанар курдуктар; иккиһинэн, «эрдэ үөрэҕи бүтэрэн, идэни баһылаан, хамнастаах үлэһит буолан тус олохпун оҥостуом, дьоммор көмөлөһүөм» дииллэр. Орто үөрэх кэннэ үрдүк үөрэх кыһатыгар киирээччи эмиэ элбээтэ. Билигин 11 кылаас кэннэ үөрэнэ сылдьар устудьуоннары оробуочай идэҕэ үөрэтэргэ хамсааһын баар, туһалаах дии саныыбын. Киһи олоҕун тухары үөрэнэ сырыттаҕына, билиҥҥи түргэнник уларыйар үйэ кэмигэр ситиһиилээхтик үлэлээн-хамсаан сылдьыаҕа дии саныыбын.

— Оскуоланы бүтэрээччи тугу гыннаҕына, баҕарар үөрэҕэр киирэрий?

Оҕолорго инники дьылҕаҕытын эрдэттэн былааннаан олоххутун оҥостуҥ диэн сүбэлиэм этэ. Аҥаардас төрөппүт баҕа санаатынан буолбакка, табаарыстары үтүктүбэккэ, бэйэҕит идэни талан, ол хайысхатыгар эбии дьарыктанан, кинигэлэри ааҕан, эрдэттэн тирэх оҥосторгутугар баҕарабын. Английскай тылы, информатиканы кыһаллан үөрэтэргитигэр ыҥырабын, билигин информация үйэтигэр олоробут. Үөрэҕирии ньымаларыгар уларыйыы элбээн иһэр, быйылгыттан ХИФУ-га устудьуон оҕо бэйэтэ үөрэҕин суолун талар кыахтанна (индивидуальная образовательная траектория). Ол аата устудьуон ханнык дисциплиналары үөрэтэрин бэйэтэ талан, араас факультет/институт оҕолорун кытта холбоһон группаҕа киирэн дьарыктанар. Омук тылын урукку курдук нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ буолбакка, биир сыл устата күн аайы дьарыктанар буоллулар, уун-утары олорон кэпсэтиитэ элбэх.

Оҕолор үрдүк үөрэхтэнэн ситиһиилээх үлэһит буолан Сахабыт сирин, Арассыыйаны, аан дойдуну сайыннарыахтара диэн бигэ эрэллээхпин.

 

Стас Андреев, ХИФУ юридическай факультетын 2-с кууруһун устудьуона:

2020 сыллаахха Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-оскуоланы бүтэрбитим. 2020 сыл оскуоланы бүтэрээчччилэр уратыбыт диэн, хара хамсык охсуутун бастакынан көрсүбүппүт. Иннэ-кэннэ биллибэт ыарыы эмискэ кэлиитэ, күн аайы чугас дьонуҥ ыалдьаллара, өлүү-сүтүү элбээһинэ уйулҕаны улаханнык хамсаппыта. Ону сэргэ биир кэлим эксээмэни хайдах туттарабыт диэнтэн долгуйуу, урут билбэтэх булкаас үөрэхпит эбии буолбута. Ыраахтан олорон үөрэнии диэни урут түһээн да баттаппатах дьоҥҥо ыксааһын-ыгылыйыы да баар этэ. Төрөппүттэрбит, учууталларбыт өйөөн, санаабытын көтөҕөн, туруоруммут сорукпутун ситэн, баҕарбыт үөрэхпитигэр туттарсан киирбиппит.

Ыраахтан олорон үөрэнии билигин саҥа киирэн эрэр буолан, итэҕэһэ элбэх. Тыа сиригэр интэриниэт мөлтөҕө кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Итини таһынан, урукку өттүгэр учууталы кытта сирэй көрсөн олорон дьарыктанарга үөрэммит буолан, ыраахтан олорон үөрэнэргэ ыйытыыны ситэри ыйыппакка хаалыы курдук боппуруостар элбэхтик көстөллөр. Билигин сыыйа үөрэнэн эрэбит.

Мин баҕа санаам диэн, ХИФУ-га үөрэх төлөбүрүгэр төрүт олохтоохторго, саха оҕотугар чэпчэтии боппуруоһун университет салалтата көрөрө буоллар. Биир өттүнэн эттэххэ, биһиги университеппыт устудьуоннарын олоххо көхтөөх позициялаах, бэлэмнээх уонна чахчы саҥа үйэ балысханыгар сөптөөх исписэлиис буолан тахсалларыгар кыһамньытын уурар.

 

Устудьуоннуур кэм хас биирдии киһиэхэ биир саамай дьикти кэрдиис. Бу суруйа олороммун бэйэм устудьуоннаабыт сылларбын санаатым. Наһаа да үчүгэй, сырдык кэмнэр ааспыттар. Университет ыытар тэрээһиннэрэ, көрдөөх биэчэрдэр, билии-көрүү, наука уонна уопсастыбаннай үлэ...

Онон, күндү ааҕааччым! Саҥа дьыл өрөбүллэрин кэннэ тутатына биир кэлим эксээмэн боруобалыыр тургутууларын ааһаргыт тиийэн кэлэр, олоххутугар биир улахан суолу хардыылыыргыт үүнэр. Билиҥҥитэ туох идэлээх исписэлиис буолан, ханнык тэрилтэҕэ үлэлииргитин, олоххут суолун устун тугунан дьарыктаныахтааххытын номнуо быһаарынан олорор буолуохтааххыт. Этэргэ дылы, олоҕу көрүүгүт, толкуйгут икки төгүл түргэтээн иһэр буолуохтаах. Онон, бэйэҕитигэр эрэ эрэниҥ, төрөппүттэргит баҕаларынан эбэтэр ким эрэ өй укпутунан сиэттэримэҥ! Аныгы кэмҥэ ордук наадалаах идэни баһылыырга дьулуһан, олоххут биир саамай умнуллубат устудьуон сыллара чаҕылхайдык аастын.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....