28.10.2023 | 14:00

Эр киһи наада дуо?

Эр киһи наада дуо?
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бу киһи эмиэ мэлийдэ. Күүтэн-күүтэн көхсүм сылайда, кэтэһэн-кэтэһэн кэтэҕим элэйдэ. Баҕайы, эмиэ ханна эрэ халаара сылдьара буолуо, эбэтэр гаражка тиийэн хаартылыы олороро дуу? Уопсайынан, эр киһи туохха наадалааҕый? Күннээҕи олоххо дуу, түүҥҥү таҕылы ханнарыыга дуу? Саатар дьиэтигэр кэлэн дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн тэлэбиисэр да көрөрө баҕалаах.

Сорох дьахталлар эрбит суох буоллаҕына көҥүл тыынабыт, талбыппытынан аһыыбыт-сиибит, барабыт-кэлэбит диэхтииллэр да, онно төрүт итэҕэйбэппин. Билиҥҥи көҥүл үйэҕэ ханна баҕарар киһи көҥүл тыынар ини. Ол эрдэрэ тыынар салгыннарын былдьаһаллар дуу, эбэтэр хас биирдии хаамыыларын маныыллар дуу. Таһараа Балбаара эрим өлбүтүн кэннэ биирдэ сынньаммытым диир. Оннук айылаах киһини сылаппат киһи этэ, Ньукууската. Биирдэ эмит арыгылаан кэлэн баран лабаҥхалыырын истэрим. Олус сытыары-сымнаҕас майгылаах, көнө, үлэһит барахсан этэ. Ол Балбаара бэйэтэ хаартыһыттары, лотуоһуттары мунньарын мэһэйдэтэн этэр-тыынар ини. Билигин, дьэ, баҕатын хоту аанын да саппат буоллулар. Дьиэҕэ киирдэххэ ыыс-быдаан буруо, арыгы-табах сыта буолар. Ол мин киирбитим да ахсааннаах. Кыра наадалаах киһи сылдьыбат ыала буолан турар.

Кэрэ Кээчэ эмиэ оҕонньоруттан иҥнэр. Күнү быһа дьиэҕэ сытан тахсар, саала киэргэлэ буолла диир. Кини да киһитэ хас эмит нэдиэлэ саалыы бардаҕына суланара элбиир. Мин киһибин көрдөһөн маһын хайыттарар, ыалын оҕолорун соруйара элбиир. Оннооҕор биирдэ дьүөгэлэрэ кэлбиттэригэр, кыһыл арыгытын кытары киирэн астардаҕа үһү. Оттон тарбаххынан баттаатыҥ да бүттэҕэ дии. Хайаан да эр киһи эрэ арыйыахтаах үһү дуо? Мин киһибин көрөр сылтаҕа ини. Бээ, тохтуургут буолуо. Ол аайы миэнэ да тылын былас түһэрэ-түһэрэ ойон иһэр. Ааттыын Кэрэ Кээчэ буоллаҕа, эр киһи сирбэт дьахтара. Уоһун хаас атаҕын курдук кып-кыһылынан кырааскаланан, хараҕын халтаһатыгар хас да кыламаны уруһуйдаан баран топпут андаатар курдук төттөрү-таары хаамыталаатаҕына, эр дьон эргийэ-эргийэ көрөллөр. Бээ, мин Соппуруоммун аны киниэхэ ыытыа суохпун.

Бэҕэһээ киирэн эрим баран эрэр диэн сыыбыргаан тахсыбыта. Ону тоҕо эрэ Соппуруонум сэргии истибитэ. “Ханна, төһө өр буола барар?” – диэн ыйыталаспыта ээ. Бай, хата онно сытара буолуо. Ол эрээри икки-үс хонугунан барар диэтэ этэ дуу. Мин да киһим эдэригэр быччаҥнатан уол оҕото этэ. Хата, хас да кыыстан былдьаан мин, кыыс оҕото, эрийэ баттаан ылбытым. Туттум да торуоска буоллаҕым. Кинини уһаты-туора хаамтарыы суох. Дьиэҕэ олор, онон бүтэр диэн бирикээс кэнниттэн уҥа-хаҥас хаамтаран бэрт. Харах далыттан таҕыстаҕына, соччо эрэмньитэ суох киһи.

Эдэрбитигэр бииргэ саалыырбыт, отоннуурбут, оттуурбут. Кэлин сааһыран, айаны кыайбат, матасыыкылга да баппат буоламмын, дьиэҕэ хаалар этим. Онтон хата бу аҕыйах сылтан бэттэх “куһу-куобаҕы кытары дуогабардастым, аны саалаабаппын”  диэн, саатын, сэбин барытын уолугар туттарбыта. Хата, онтуҥ сынньалаҥ.

Ити Малаанньа барахсан оҕонньоро бултуу барарыгар олох сэриигэ атаарар курдук сүүрэр-көтөр. Куоракка киирэн анаан саатын ботуруонун, массыынатын, матасыыкылын саппааһын барытын атыылаһан тахсар. Аны саалыы барарыгар бэрийэрэ диэн, киһи кэпсии да барбат. Наскытыттан, кээнчэтиттэн саҕалаан, аһыгар-үөлүгэр, батарантааһыгар тиийэ бэрийэр. Киһитэ: “Малаанньа, халыҥ наскым ханна баарый, сэлиэччигим ханна сүттэ, балааккам ампаарга баар этэ, ботуруоммун ханна уурбуккунуй, саабын булумаары гынным, куруускам, миискэм, арыым, саахарым, сири аһатар аһым”, – диэн барытын эмээхсининэн буллаттарар. Ити кэннэ саалыы барбыт да диэн.

Саатар саата ыйанан турар истиэнэтин булбат урдус буоллаҕа. Ол аайы Малаанньата тиритэ-хорута сүүр да сүүр, тыын быһаҕаһынан тыына-тыына харбыалас да харбыалас. Дьиэттэн таһааран, атааран, бүтэйин сабан баран дьэ “һуу” гынаахтыыр. Былырыын киһитэ астаах үрүсээгин умнан төннөн кэлэн Малаанньатын дэлби мөхпүт сурахтааҕа.

Дьэ, ити кэннэ эр киһи наада диэҥ. Туохха наадалааҕый, бэйэтин кыһалҕатын, бэл, таҥаһын-сабын, саатын булуммат буоллаҕына. Ол биһиги омуктар курдук үстүү этээстээх дьиэбит суох. Биир утуйар хос, онно биир ыскаапка таҥаспыт, орон анныгар ботуруоммут, дьиэ түөрт истиэнэтиттэн бииригэр саабыт ыйанан турар эбээт.

Мин Соппуруонум хата саалаабат буолан абыраата. Ол оннугар хаартыга ылларан эрэр дуу... Иллэҥ да эрэй буоллаҕа. Тугунан эмэ дьарыктыахха баара. Бу киһи, кырдьык да, хойутаата ээ. Чааспыт ыраатта, күөс буһан бэлэм. Дьэ, бэйиккэй, билигин түбэһэ киирэн кэлэриҥ буоллар, барахсаммын оннун булларарым буолуо. Тута бэйэтигэр атаакалыыр ордук, ону билбит баҕайым. Тугу эмит быһааран этиэн иннинэ, бэйэм уот кутаанан үрдүгэр түһэбин. Арба, Сүөкүлэ эрин дьиэтиттэн тэйитимээри куораттан киирэн кытайдартан тэриэлкэ ылан тахсыбыт үһү. Ол аан дойду ханаалын барытын көрдөрөр дииллэр. Онон киһитэ күнү быһа дьиэттэн арахсыбат буолбут. Бэл, арыгытын бырахпыт, араас киинэни, биэриини көрөн хата өйө халыҥаабыт, билэрэ-көрөрө үксээбит дииллэр. Мин эмиэ киһибэр ол этэр тэриэлкэлэрин ыларым дуу. Соппуруонум аттыбар баара миэхэ наһаа күндү. Туох да диэҥ, эрэ суох биир да күн сатаан олорбот эбиппин. Сордооҕу, мөҥөн-этэн да биэрээхтиибин быһыылаах. Чэ, бээ, аралдьыйдын, сылдьа түстүн, хата бу киэһэ харчыбытын ааҕан-суоттаан Микиитэ уолунан куораттан тэриэлкэ сакаастыыр эбиппин. Оччоҕо мин да Соппуруонум ханна да аралдьыйбакка, куруук мин аттыбар баар буолуо этэ. Оо, барахсаммын аҕынным даҕаны...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...