10.05.2020 | 12:44

Эр киһи «геройдаах» буолуохтаах

Эр киһи «геройдаах» буолуохтаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Чуолаан дьахтар аймах ииппит уол оҕото кыыстыҥы майгылаах, нарын-намчы буола улаатара кистэл буолбатах. Сорох-сорохторго ол кэлин букатын даҕаны «муода» курдук буолла. Тоҕо? Бу ыйытыы, арааһа, аныгы төрөппүтү үгүстүк мунчаардар буолуохтаах. Оттон куорат сиригэр уол оҕону үлэҕэ сыһыарыы, эр киһилии иитии букатын даҕаны кыаллыбат боппуруоска кубулуйан эрэр.

Бүгүн кэпсиир ыччатым Максим Спиридонов бу кыһалҕаны таба таайан, иллэрээ сылтан “Юные искатели” кулуубу үлэлэтэр.

Максим Спиридонов идэтинэн физкултуура учуутала. 2007 сыллаахха Бүлүү Бороҕонун оскуолатын бүтэрэн баран, оччотооҕуга Саха госуниверситетын ФКуоС институтугар туттарсан киирбит. 2012 сыллаахха ХИФУ-ну бүтэрбит. Бэйэтин кыанар, спортка чугас, сытыы-хотуу уолчаан, биллэн турар, аармыйаҕа да тиийэн, элбэх саллаакка холобурга сылдьыбыт. “Бастыҥ саллаат” судаарыстыбаннай наҕараадатын оччотооҕу Хабаровскай кыраай губернатора Шпорц бэйэтинэн туттарбыт. Эдэр киһини бу элбэххэ кынаттаабыт.

Аармыйаттан кэлэн, 2014 сыллаахха “Сосновай Бор” оҕону сынньатар уонна чэбдигирдэр кииҥҥэ оҕону этэ-хаан өттүнэн эрчийэр үлэҕэ киирэр.

– Аҕам Март Михайлович Спиридонов Бүлүү Бороҕонуттан төрүттээх, Бүлүүгэ олохсуйан баран, үйэтин-сааһын тухары салайар үлэҕэ сылдьыбыта – СПТУ-га завучтаабыта, Бороҕон оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ, нэһилиэккэ баһылыгынан үлэлии сылдьыбыта. Олоххо саамай улахан уонна баай оскуоланы миэхэ аҕам биэрбитэ. Бэйэбин өйдүөхпүттэн кинини батыһа сылдьан балаакканан хоно сытан оттуурбутун, мас кэрдэрбитин, булка, балыкка, туох-баар үлэҕэ тэҥҥэ түсүһэрбин олус күндүтүк саныыбын. Мин оҕо эрдэхпинэ туризм, айылҕалыын алтыһыы уо.д.а. лааҕырдар суохтара, наар хаппыыста олордуута эҥин баара, - диэн ахтар Максим.

Онон дьэ, оҕо эрдэҕинээҕи баҕа санаатын олоххо киллэрэн, куорат оҕолоругар «Юные искатели» куруһуогу арыйан үлэлэтэр. Маныаха кини Спиридоновтар педагогическай династияларын салҕааччы буолара төһүү буолбута саарбаҕа суох. Онуоха эбии «Сосновый бор» лааҕырга үлэлии сылдьан, кэтэхтэн Пермнээҕи судаарыстыбаннай университекка үөрэнэн, аан дойду таһымнаах бакалавриаты бүтэрэн, оҕо иллэҥ кэмин көдьүүстээхтик атаарарыгар көмөлөһөр билиитин-көрүүтүн байытан, ыра санаатын чиҥэтэн биэрбит.

КУЛУУП ҮЛЭТЭ ХАЙДАХ САҔАЛАННА?

Биирдэ төрөппүттэр көрдөһүүлэринэн оҕолору тыаҕа илдьэ барбытым. 9-с кылаас үөрэнээччилэрэ. Тиийэн баран, уотта оттуҥ, уута баһан таһаарыҥ диэн сорудахтаатым. Кэлбитим, оҕолорум күлэ-күлэ олороллор, уоттарын сатаан оттубатахтар, үүнэн турар мас лабаатын тоһутан, отто сатыы олороллор эбит. Ону көрөн, испэр сонньуйа санаатым, кыбыһынным даҕаны. Оттон уу баһа барбыт уолаттарым солуур аҥаарынан кумаҕы баһан таһаарбыттар. Эр киһи сатаан уот оттубатын, уу баспатын, мас булбатын көрөммүн, сүрдээх улахан санааҕа киирдим. “Ким эрэ кинилэри үөрэтиэхтээх”, -  диэн толкуйга түстүм.

Бу сыл Максим СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин нөҥүө субуота, өрөбүл күн үлэлиир дьарыктары саҕалыыр. Манна туһаҕы иитии, кутааны оттуу, бэстилиэтинэн ытыы, медкөмөнү оҥоруу үөрүйэхтэрин үөрэтэр, кэпсиир, ол билиилэрин тута айылҕаҕа похуокка баран чиҥэтэн иһэллэр. Итинтин кэҥэтэн, салгыы “Юные искатели” кулуубу тэрийэр. Куорат пааркатыттан чугас буоллун диэн, Стадухин уулуссатыгар дьиэ куортамныыр. Куруһуогун ордук төрөппүттэр биһирээн, баҕалаах оҕо элбээн, аны сайыҥҥы кэмҥэ лааҕыр курдук үлэлиир буолбут.

“СУОЛДЬУТ” ЛААҔЫР

Өскөтүн атын лааҕырдарга оҕо сынньана барар буоллаҕына, биһиги лааҕырбыт оҕо бэйэтигэр чугас дьарыгын булунарыгар көмөлөһөр. Куоракка уол оҕо дьарыга билигин тугуй? Үгүстэр көмпүүтэринэн, төлөпүөнүнэн, планшетынан, видео оонньуунан аралдьытыналлар. Баҕар, сорох оҕо тыа сиригэр тахсара буолуо. Ол эрэн ахсааннааҕа эрэ. Уол оҕо үөрэҕин таһынан, хайаан даҕаны сүрэҕэ сытар дьарыктаах буолуохтаах. Ол эр киһи дьарыгар чугаһа өссө ордук. Лааҕырга оҕолор, эппитим курдук, кутаа оттууттан, бастакы көмөнү оҥорууттан саҕалаан, араас сатабылларга үөрэнэллэр. Бэйэлэригэр чугас дьарыгы булан, онтуларын салгыы сайыннаран, дьиҥнээх эр киһилии иитиллэн тахсыахтаахтар.

Кыһын ылбыт билиилэринэн эксээмэн туттардахтарына, халлаан сылыйдаҕына похуокка тахсарбытыгар босхо сылдьар бырааптаналлар. Айылҕаҕа археологияҕа эмиэ холонобут. Холобура, Хаҥалас улууһугар трилобит кырамталарын булан, оҕолор олус үөрбүттэрэ. Булумньуларын бэйэлэригэр ылар буолан, ордук интэриэстээхтик көрдүүллэр.

Дьэ, оннооҕор маҕаһыынтан килиэп тахсан ылары ыарырҕатар аныгы оҕолорго, смартфонтан уонна колаттан ыараханы көтөхпөт ыччаттарга туһалаах лааҕар эбит.  

ГАДЖЕТ ОҔОЛОРО

Төрөппүттэр төлөпүөнтэн, көмпүүтэртэн букатын арахсыбат оҕолорун күүстэринэн кэриэтэ аҕалан, 10-нуу хонуктаах похуоттарга ыыталлара баар суол. «Хамсыы сылдьар собону хатырыктаан аһаҕас уокка буһарыахтааҕар, бэл, аан бастаан амсайбыт, сири аһатар, эһэкээни күндүлүүр диэни билбэт, дьиэлэриттэн аҕалбыт астарын бэйэлэрэ эрэ сиир былааннаах оҕолору кытта үлэлиир уустук уонна эппиэтинэстээх. Ол эрээри норуот кэскилин туһугар, ким эрэ итинэн дьарыктаныахтаах дии саныыбын», — диэн этэр  салайааччы.

ДЬАХТАР ИИТЭР УОЛА

Аҥаардас ийэлэр иитэр уол оҕолоро үксүлэрэ өй-санаа өттүнэн дьахтардыҥы толкуйдаах буолар кутталлаахтар. Статистика да чахчытынан, буруйу оҥоруу үгүс өттүгэр аҥаардас ийэ ииппит мааны, атаах оҕолоруттан тахсар. Аҕата суох иитиллибит эбэтэр аhара арыгылаан оҕону үөрэтэр дьоҕурун сүтэрбит аҕалаах оҕолор улаатан истэхтэринэ, төрөппүттэрин кыахтарын уонна бэйэлэрин көрдөбүллэрин кыайан учуоттаабат, тэҥнээн биэрбэт буола улааталлар. Оттон уол оҕо баҕа санаатын, көрдөбүлүн ийэ, бэйэтэ билбэт буолан, кыайан үөрэппэккэ, такайбакка хаалар эбит. Онон ордук уол оҕо ийэ бэлэмигэр олорорго уонна баары көҥүл туhанарга үөрэнэн хаалар.

Дьиэ кэргэҥҥэ ким ордук салайар оруоллааҕа оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн биллэр. Ийэ быһаарар оруоллаах дьиэ кэргэнигэр эр киһи ыал улахан оҕотугар кубулуйар, онтон оҕолор аҕата суох курдук иитиллэн тахсаллар.

Маннык өйдөөх-санаалаах эр дьон баар буолбуттара, билигин ырыынакка киирэр кэмҥэ дьэ биллэн таҕыста. Бу ордук аныгы уолаттар аармыйаҕа кыайан сулууспалаабаттарыгар, кэлэктиипкэ кыайан киирбэккэ эрэйдэнэллэригэр көстөр. Маннык уолаттар улааталларын саҕана, төрөппүттэрин кытта уопсай тылы булуулара улаханнык уустугурар. Кыра эрдэхтэриттэн атаахтыы, көрдөөбүттэрин буллаттара үөрэммит оҕолор, улаатан истэхтэрин аайы көрдөбүллэрэ өссө үрдүүр, оттон бу ырыынак кэмигэр үгүс төрөппүт ону уйунар кыаҕа суоҕуттан “аҕа уонна оҕо» кыһалҕата үөскүүр. Билигин улаатан иhэр оҕолор аанньа үлэлээбэттэрэ уонна өйдөрө-санаалара мөлтөөhүнэ, бэйэлэрин кыайан туттуммат буолуулара, үгүстүк арыгыга ылларыылара кыра эрдэхтэринэ иитии үлэтэ мөлтөҕүнэн эбэтэр атын хайысхалаахтык, дьахтар эрэ өттүттэн ыытыллыбытынан быhаарыллар.

Аҕата суох оҕо холобур оҥостор дьоруойдаах буолуохтаах. Уопсайынан, ханнык баҕарар уол оҕо, ханнык да үйэҕэ дьоруойга  наадыйар. Холобура, үгүс оҕолорго билигин  компьютернай оонньуулар, мультиктар дьоруойдара “герой” буолаллар. Ити олох сыыһа. Киниэхэ чугас, билэр киһитэ дьоруой  буолуохтаах. Төһө даҕаны бэйэм ыал аҕата буолларбын, куруук аҕабын кытта сүбэлэһэбин, санаатын истэбин. Бэйэм сэттэ саастаах улахан уолбун айылҕаҕа бэйэбин кытта илдьэ сылдьабын. Ол иһин уолум оҕо саадыгар атын оҕолор курдук сэриини, буолары-буолбаты буолбакка, палатканы, кутааны, айылҕаны уруһуйдуур, тыаҕа таҕыста даҕаны, туох-хайа иннинэ сирин аһатар мөккүөрдээх. Уопсайынан, бэйэм оҕобун даҕаны, лааҕырга кэлэр оҕолору даҕаны бэйэбин хайдах үөрэппиттэрэ да, оннук үөрэтэбин. Төһө даҕаны цифровой технология үйэтэ буоллар, эр киһи син биир эр киһи буолуохтаах. Аан дойдуга саамай сайдыылааҕынан биллэр Япония тоҕо инники күөҥҥэ турара буолуой? Төрүт култууратын уонна тылын, үгэһин тута сылдьар буолан. Оҕолорун 1-4 кылаастарга наар төрүт үгэскэ, култуураҕа үөрэтэр эбиттэр. Оттон биһиги оҕолорбут таас дьиэҕэ олорон гаджетка кубулуйаллар.

УОЛ ОҔО ХАЙДАХ БУОЛУОХТААҔЫЙ?

Бастатан туран, дьону убаастыы үөрэниэхтээх, дьону кытта сатаан кэпсэтэр буолуохтаах. Саамай сүрүнэ эр киһиэхэ – дьон сыһыана буолар. Тоҕо диэтэххэ, уол оҕо эйгэтэ сүрдээх киэҥ. Холобура, кини аармыйаҕа барыа, тас дойдуга үлэлии барыа, үөрэниэ, онно барыларын кытта, сүүс омугу кытта киһилии сыһыаннаах буолуохтаах.  Бэйэтин сыһыанынан кини култууратын, үгэһин билиһиннэриэхтээх. Эн тылгын, култуураҕын билбэт, айылҕаҕа сыһыаныҥ мөлтөх буоллаҕына, баттабыл, атаҕастабыл киһитэ буолуоххун сөп. Мин санаабар, эр киһи төрөппүтүн убаастыахтаах. Төрөппүтүн убаастыыр киһи кэргэнигэр, оҕотугар эмиэ сиэрдээхтик сыһыаннаһыа, харыстыа, араҥаччылыа, дурда-хахха буолар эбээһинэһин толоруо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...