ЭР КИҺИ ААРМЫЙАҔА УҺААРЫЛЛАР
Кэнники кэмҥэ ыччат аармыйаттан куотуммат. Сорох-сорохтор биир сыл кыра диэн хантараагынан хаала сатыыллар эбит. Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр аналлаах нүөмэргэ билигин аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар уолаттары булан кэпсэттибит.
САХАЛАРЫ ЫТЫКТЫЫЛЛАР
Спиридон Охлопков, Амма Соморсунуттан төрүттээх, 19 сааһыгар аармыйаҕа ыҥырыллыбыт:
— Мин от ыйын 4 күнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллыбытым. Дьокуускай куораттан күнүс 4 чааска сөмөлүөтүнэн көппүппүт, киэһэ 7 чааска Хабаровскай куоракка тиийбиппит, сүрдээх күүстээх ардах түһэ турар этэ. Аэропортан тахсан, оптуобуска олорон, Хабаровскай куорат Маягар баран хоммуппут, ол хонорбутугар таҥаспыт барыта сиигирэн, атыҥыраабыппыт аҕай. Сарсыныгар киэһэ 6 чааска поездка олорон, Уссурийскай куоракка 12 чаас айаннаабыппыт. Сарсыарда 8 чааска кэлбиппит, тута Камаз массыынаҕа олордон, Сергеевка диэн дэриэбинэҕэ байыаннай чааспытыгар аҕалбыттара. Хаһаарымабытыгар киирбиппит, арай ким да суох, толкуй бөҕөҕө түстүбүт. Дьоммут “Комната досуга” диэн хоско бааллар эбит. Манна сынньалаҥҥар тэлэбиисэр көрөҕүн, остуол тула олорон кэпсэтиэххин сөп. Онно биһиги сахалар 7 этибит, бары кэпсэтэн, туох хайдах чааска кэлбиппитин ыйытан-сураһан билбиппит, контрактнай чааска кэлбит эбиппит. Сулууспабыт оннук саҕаламмыта.
Бастаан адаптация ааһарга ыарахан. Аны туран, климата атын, киһи атыҥырыыр, онтон аргыый үөрэнэн бараҕын.
Дьиэлэриттэн саҥа арахсыбыт дьоҥҥо барыта соһуччу, ураты этэ. Билигин үөрэнним. Манна кэлэн саҥа доҕоттордоннум, бары биир санааҕа өйөһөн сылдьабыт, иллээхпит.
Байыаннай чааһым «Радиоразведка» диэн буолар, холобур, туох эмит буолар түгэнигэр, сэрии буола турар сириттэн 200-300 килэмиэтир ыраахтан өстөөх тугу былаанныырын билиэхтээхпит.
Билиҥҥи аармыйаларга 90-с сыллар курдук күүстээх «дедовщина” суох быһыылаах. Ол эрээри байыаннай чаастан уонна сириттэн тутулуктаах. Аан маҥнай кэлбиппитигэр, сыл аҥаара сулууспалаабыт нуучча уонна башкир уолаттара араастаан үтэн-анньан көрө сатаабыттара, онтон биһиги, сахалар, хайдах курдук түмсүүлээхпитин көрөннөр, бэйэ-бэйэбитин көмүскэһэрбитин билэннэр чугаһаабат, туох да диэбэт буолбуттара.
Сахалары түмсүүлээхтэр, судургулар диэн сөбүлүүллэр, тымныы сиргэ улааппыт уолаттар, айылҕаларын курдук кытаанах, чиҥ майгылаахтар диэн ытыктыыллар.
— Аармыйаҕа бэйэҥ баҕаҕынан тиийдиҥ дуо?
— Автодорожнай техникуму бүтэрэн бараммын, бэйэм баҕабынан кэлбитим. Кэнники үлэ-хамнас буларга эбэтэр салгыы үөрэнэргэ туһалаах диэн уонна эр киһи аармыйаҕа сылдьыахтаах, буһууну-хатыыны, эр киһи оскуолатын ааһыахтаах диэн санааттан кэллим. Уолаттар, аармыйаҕа кэлэртэн чаҕыйымаҥ, барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Төһөнөн эрдэ кэлэҕит, сылдьаҕыт да, бэйэҕитигэр үчүгэй буолар.
ЧИЭСКИТИН ТҮҺЭН БИЭРИМЭҤ
Михаил Егоров, Сунтаар, 19 сааһыгар сулууспаҕа ыҥырыллыбыт:
— Уссурийскайга «Радиоразведка» байыаннай чааһыгар этэҥҥэ сулууспалыы сылдьабын. Быйыл сайын дойдубар тиийэбин, кыра хаалла. Манна 10-ча саха баар, бары бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт, өйдөһөбүт. Климат охсуута баар эбит, куруук күөмэйбит ыалдьар. Бастаан эрдэ турарбын уонна барытыгар быраабыланан, хамаанданан сылдьарбын ыарырҕаппытым, билигин үөрэнним.
— Аармыйаҕа саҥа барааччыларга тугу сүбэлиигин?
— Ытык иэспитин хайаан да төлүөхтээхпит. Мин убайдарым, табаарыстарым бары аармыйа оскуолатын ааспыттара.
Сахалар чиэстэрин түһэн биэрбэт курдук сылдьыҥ, бэйэҕитин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрүҥ. Саҥа барааччыларга туһаайан этэр буоллахпына, бастыҥ чаастарга түбэһэ сатааҥ. Холобура, ВМФ, ВДВ уо.д.а.
КИҺИТИТТЭН ТУТУЛУКТААХ
Тимур Корнилов, 22 саастаах, Өлүөхүмэ улууһа:
— Сулууспам 2019 сыл, ахсынньы бүтүүтэ саҕаламмыта. Эмискэ барбытым. Ол да буоллар, хас биирдии эр киһи аармыйа олоҕун билиэхтээх. Маҥнай «Князе-Волконское» диэн полкаҕа сылдьыбытым, ол кэннэ Уссурийскай таһыгар войскаҕа ыыппыттара. «Механик-водитель боевой машины пехоты” диэн дуоһунаһы ылан кэлбитим.
— Омугунан арахсыы билиҥҥи аармыйаҕа баар дуо?
— Кистээбэккэ эттэхпинэ, оннук баар. Ол эрээри, киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Бэйэҕин көрдөрөн, өй-санаа өттүнэн уларыйан истэххинэ уонна чиэскин өрө тута сырыттаххына, барыта этэҥҥэ.
— Биир сыл диэн кыра эбит дуо?
— Мин санаабар, кыра. Аармыйаҕа бараары сылдьар уолаттар хантараак эрэ баттаамаҥ, кэмсиниэххит.
ЫТЫК ИЭҺИ ТӨЛӨӨН
Вадим Лугинов, Уус Алдан Бэйдиҥэтиттэн сылдьар, 19 саастааҕар аармыйаҕа барбыт:
Үөрэхпин бүтэрээппин кытта, тута бэбиэскэ туппутум. Дьонум эдэр эрдэххинэ баран кэл диэбиттэрэ уонна бэйэм даҕаны аармыйа диэн тугун эппинэн-хааммынан билиэхпин баҕарар этим.
Бастаан кэлэн баран кыратык соһуйбутум. Сарсыарда 6 чааска уһугуннарбыттара. Биир ый устата эдэр байыастар оскуолаларын ааспыппыт. Онно стройунан хаамарга, аптамаат саанан сөпкө туттарга үөрэтэллэр. Билигин Сергеевкаҕа, 25573 байыаннай чааска сулууспалыы сылдьабын.
Сулууспалыыр кэмҥэр туох ыарахаттары көрүстүҥ?
Эрдэ тура үөрэммэтэх дьоҥҥо ыарахан этэ. Таах сытыарбаттар, куруук эрчиллэ дуу, дьарыктана дуу сылдьыахтааххын. “Дедовщина» биһиги чааспытыгар суох, сорох чаастарга баар дииллэр.
Аармыйаҕа барааччыларга туохтан да куттаммакка, толлубакка сулууспалыылларыгар уонна ытык иэстэрин дьоһуннаахтык төлөөн кэлэллэригэр баҕарабын.
ХАНТАРААГЫНАН ХААЛЫАХПЫН БАҔАРАБЫН
Александр Лебедев, Усуйаана улууһа:
— Хабаровскайга ВВС-ка, 30593-12 байыаннай чааска, сулууспалыы сылдьабын. 18 сааспар кэлбитим. Ханна, тугу гына барарбын, аармыйа олоҕо хайдаҕын билэр этим. Соһуйбатаҕым, бэлэмнээх кэлбитим. Сулууспаны хайдах саҕалыыгын да, соннук дембеллэнэҕин. Эр киһи аармыйаҕа уһаарыллар диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чуолкай. Манна тугу ирдииллэрин барытын кэмигэр толорон иһиэххин наада, уопсайынан, төбөлөөх буолуохтааххын. Күннээҕи быраабыланы тутустаххына, барыта үчүгэй.
Аармыйаҕа бэрээдэк, кэтэбил күүскэ үлэлиир, ыһыллан-тоҕуллан турбат. Күҥҥэ иккитэ эппитин-хааммытын, турукпутун бэрэбиэркэлииллэр.
Уруккуттан аармыйаны көрөн кэлэр баҕалаах этим. Байыаннай техникалары кыра эрдэхпиттэн интэриэһиргиибин. Билигин хантараак баттаһан хаалар былааннаахпын.
— Аскыт-таҥаскыт хайдаҕый?
— Ас-таҥас үчүгэй. Эт, бурдук ас, минньигэс да баар. Үчүгэйдик аһаталлар, ким да аччыктаабат. Таҥаспыт эмиэ үчүгэй.
Сыыһа-халты туттумаҥ, киһилии үчүгэйдик сылдьан кэлиҥ.
— Сахалар бааллар дуо?
— Манна иккиэбит, биир уолум госпитальга киирэн сытар.
ЭТ-ХААН ӨТТҮНЭН САЙДАҔЫН
Тимир Колодезников, Дьокуускай куорат:
- Ааспыт сыл ахсынньытыгар Улан-Удэттан сулууспалаан кэлбитим. Аармыйаттан эт-хаан өттүнэн өссө сайдан кэлбитим. Тугу эрэ саҥаны, сонуну биллим диир кыаҕым суох эрээри, техниканы хасыһарга, аптамаатынан сатаан туттарга үөрэнним. Кэлэктиип диэн тугун, киһи элбэх сиригэр хайдах сылдьыахтаахпытын өйдөөтүм.
Мин сулууспалаабыт сирбэр сахалар аҕыйах этибит. 240 киһи баарыттан алтыа эрэ этибит. Сотору буолаат, биир-биир тарҕаһан барбыттара.
Уолаттар, аармыйаҕа баран ытык иэскитин төлөөн, аармыйа олоҕо диэн хайдаҕын билэргит булгуччулаах.
“Төлөпүөнү хайдах тутталлар?” диэн үгүс ааҕааччы ыйытар буолуохтаах. Хас биирдии дьоруойбун улахан эрэйинэн булан кэпсэттим. Наһаа аһаҕастык да буолбатар, илдьэ сылдьабыт, туһанабыт, сибээскэ өрүү баарбыт дииллэр.