«Енисейтэн Аляскаҕа диэри» Путинцевтар династияларын быыстапката
«Оҕо кырааската» диэн ааттыыр акварельбытын анал үөрэхтээхтэр ойуулуур-дьүһүннүүр искусство биир уустук ньыматынан билинэллэр. Ол курдук, ааптар настарыанньатын сыысхала суох биэрэргэ, градиент көмөтүнэн тиэрдэргэ улахан дьоҕур наада эбит. Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ Константин уонна Эдуард Путинцевтар «Енисейтэн Аляскаҕа диэри» уруһуй быыстапкалара үлэлии турар. Аҕа уолунуун иккиэн акварель көмөтүнэн аан дойду кэрэ көстүүлэрин кумааҕыга хатаабыттара кими баҕарар сөхтөрөр.
Арассыыйа үтүөлээх архитектора, куорат тутуутун туһунан 70-тан тахса научнай үлэ ааптара, альпинизм спордун маастара Эдуард Петрович Путинцев дьылҕата Саха сирин кытта ыкса ситимнээх. Ол курдук, Эдуард Путинцев 1930 сыллаахха Москваҕа күн сирин көрөн, Москва архитектурнай институтун бүтэрэн баран... 25 сааһыгар Дьокуускайга кэлбит.
Эдэр исписэлиис манна Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын, Нуучча драматическай тыйаатырын дьиэтигэр саҥардыы үлэтигэр кыттар (1957-1959), «Лена» гостиницаны (1961) уонна СГУ сүрүн дьиэтин (1975) бырайыактаһар. Ону таһынан Эдуард Петрович аан дойдуга биир бастакынан 1963 сыллаахха «Айхал» алмаас хостооһунугар искусственнай микроклиматтаах куорат бырайыагын толкуйдуур уонна бу иһин Монреальга аан дойду быыстапкатын кыһыл көмүс мэтээлин ылар чиэскэ тиксэр.
Уола Константин аҕатын туйаҕын хатаран, эмиэ архитектор идэтин талар, ону таһынан сири-дойдуну кэрийэн, аҕатын курдук тугу көрбүтүн-истибитин кумааҕыга түһэрэр идэлээх. Бу сааһыгар Константин Эдуардович номнуо аан дойдуну барытын кэрийбитэ, иилии эргийбитэ сөхтөрөр: Саҥа Арассыыйа хотугу муннуктарыттан саҕалаан, Африка соҕуруу өттүгэр тиийэ.
“Енисейтэн Аляскаҕа диэри” быыстапкаҕа аҕа уолунуун суруйбут акварель уонна графика ньымаларынан пейзажтара – киэҥ нэлэмэн сыһыылары, айылҕа сүдү күүһүн, ойуур чуумпутун, өрүс балысхан устуутун чуо-бааччы түһэрбиттэрэ дуоһуйууну эрэ үөскэтэр. Быыстапка арыллыытыгар Константин Эдуардович бастакы ыалдьыттарга бэйэтэ экскурсия ыытта, тугу көрбүтүн, сэҥээрбитин, туох санаалааҕын билиһиннэрдэ.
Саалаҕа киирдэххэ, биир эрээтинэн араас кээмэйдээх акварель хартыыналар ыйанан тураллар. Тоҕо акварель кыраасканы ордорорун Константин Эдуардович маннык быһаарар: “Акварель – уу, оттон уу информация сүрүн тарҕатааччыта, кини энергияны хомуйар уонна өйдүүр. Уу энергетиката худуоһунньук энергетикатын кытта холбоһон, хартыынаны тыыннааҕымсытар”. Чахчыта, хас биирдии хартыынаҕа ойууламмыт айылҕа кэрэ көстүүлэрэ: өрүстэр, хайалар, кыһын, сайын буоллун – барыта ураты тыыннааҕар, «дьиҥнээх курдугар» сөҕө итэҕэйэҕин. Ордук элбэх хартыына күн тахсыытыгар, киириитигэр анаммытын туһунан: “Миигин күн кириитэ, тахсыыта уруккуттан долгутар, бу кэмнэргэ халлааҥҥа дьикти кэрэ өҥнөр булкуһаллар: от күөх, кыһыл, хара саарыл...”,– диэн кыра Путинцев быһаарар.
“Ый сонатата” серия хартыыналарын Соҕуруу Америкаҕа уруһуйдаабытым. Төһө да кутталлааҕын биллэрбин, түүн Игуасу күрүлгэн диэки күүлэйдии барбытым уонна онно үйэбэр харахтаабатах кэрэбин көрөн турабын. Сырдык ыйдаҥа уотугар уу сүүрүгэ түһэн, ый кустуга тахсар этэ. Маны көрөн улаханнык сөхпүтүм уонна хас да улахан хартыынаны суруйбутум”,– диэн Константин Эдуардович экскурсиятын салҕыыр.
Саха сирин өрүстэрин кытылларыттан уруйдаммыт хартыыналар тураллар: Табаҕа, Өлүөнэ очуостара, Өлүөхүмэ куорат, Хотугу муустаах акыйаан.
– Дойдубут өрүстэригэр барытыгар сылдьыбытым: Өлүөнэ, Амур, Енисей, Обь, Волга. Ол да буоллар мин дууһабын Өлүөнэ эрэ таарыйар, олус араас айылҕалаах эбэ. Эһиэхэ, көрө үөрэммит дьоҥҥо, баҕар, улахан иэйиилэри үөскэппэтэ буолуо, онон дууһаҕытыгар ылынан көрүҥ. Өлүөнэ очуостарын туһунан бэлиэтиэм этэ. Биирдэ Красноярскай очуостарыгар ытта сылдьыбытым, ону олохтоохтор төһө астыммыппын ыйыталлар. Онуоха Өлүөнэ очуостарын синбиир ордоробун диэбиппэр, биллэн турар, өһүргэммиттэрэ, тоҕотун ыйыппыттарыгар: “Эһиэнэ быдан рекламаламмыт очуостар. Оттон Өлүөнэ очуостарыгар мин иккитэ сылдьыбытым. Бастаан туристар суолларынан тахсыбытым, иккиһигэр хаҥас өттүнэн дьон ыттыбат сиринэн сылдьыбытым. Ити иннинэ ойууну кытта кэпсэппиппэр кини: “Чэ, бытыктаах, бара сырыт. Онно билигин оҕолоох тыатааҕылар уһуктубуттара, көрүстэххинэ, бэйэҥ кэпсэтээр”,– диэбитэ.
Очуостар тиэмэлэрин «Тиксиигэ чугаһыы» үлэ салҕыыр. Худоһунньук этэринэн, Хотугу муустаах акыйаан аттыгар Өлүөнэ өрүс хайаларынан ыга баттанарыттан ордук күүстээх сүүрүктээх. «Хайа өрүһүнэн устар курдуккун. Уута даҕаны атын, хараҥа от күөх өҥнөнөр. Хайалаах сир буолан дуу, хас 3-4 мүнүүтэ аайы күн-дьыл туруга уларыйа турар, бастаан күн тыгар, онтон ардах, хаар түһэр»,– диэн быһаарар.
Быыстапкаҕа тас дойдулар көстүүлэрэ эмиэ баар. Хартыыналар ааттарын көрбөтөххө, барыта биир дойдуга, биир өрөспүүбүлүкэҕэ дуу курдук, олус майгыннаһаллар эрээри, атын-атын пейзажтар.
“Аляска кытыла ойууламмыт хартыыналар сериятын “Нуучча Америката” диэн ааттаабытым. Ону Америка посола өһүргэнэр этэ: “Тугун эмиэ “Нуучча Америкатай”? Ону мин киниэхэ: “Аляска наар Арассыыйа киэнэ этэ. Кэм-кэрдии ону көрдөрүөҕэ”,– диэн хоруйдаабытым”.– Константин Эдуардович истээччилэри күллэрэр.
Тыытыллыбатах айылҕаттан ураты киһи олорор сирин-уотун ойуулуур үлэлэр эмиэ бааллар. Быыстапкаҕа хас да таҥара дьиэтэ ойууламмыт уруһуйдартан худуоһунньук олох духуобунай өттүн ордорорун өйдүүгүн. “Бахта бөһүөлэккэ турар Бары сибэтиэйдэр таҥара дьиэтэ” хартыына туһунан Константин Путинцев Бахта бөһүөлэгэр урут эр дьон күүскэ арыгылыыллара, онтон 10-12 сыл анараа өттүгэр Арсений Тарковскай хос сиэнэ кэлэн таҥара дьиэтин тутан, аттыгар хаһаайыстыба арыйбытын кэннэ арыгынан үлүһүйүү тохтообутун кэпсээтэ. Өссө биир кэпсээн Өлүөхүмэ туһунан:
– Мин санаабар, “Кырдьаҕас Өлүөхүмэ” үлэ олус интэриэһинэйдик табыллыбыт. Өлүөхүмэ куоракка кэлбиппитигэр, хаар түһэ турара, биһиги онно Сибэтиэй Николай таҥара дьиэтигэр икки икона аҕалан туттарбыппыт. Ол кэннэ таҥара үлэһиттэрэ колокольняҕа таһаарбыттара уонна онно тахсыбыппытыгар күн-дьыл тосту уларыйан, күн тыган, хаар сүтэн биэрбитэ. Дьэ, дьиҥнээх таҥара дьиктитэ ити буоллаҕа.
Караул бөһүөлэк Енисейгэ саамай уһук турар. Бастаан кэлэн, аатыттан күлэр этим: “Караул! Бу аата хайдах олоробутуй?!”– диэбит курдук. Онтон иккиһин кэлбиппэр, онно хотугу норуоттар бэстибээллэрэ буола турара, Енисей аттыгар олорор норуоттар хас да сүүһүнэн киһи мустан, быдан көрдөөх “караул” буолбута (күлэр). «Караул бөһүөлэк» үлэ остуоруйата итинник.
Күһүүр аттыгар быраҕыллыбыт хараабыллары бэлиэтии көрөн ойуулаабытым, көрөргө, биллэн турар, хомолтолоох. Аҕам Өлүөнэ устун араас элбэх хараабыллар усталларын туһунан кэпсиирэ, аны билигин инниги көрбөккүн.”
Тоҕо худуоһунньук үксүн дьону буолбакка, айылҕаны уруһуйдуурун ордорорун туһунан маннык быһаарар:
– Дьон суох сиригэр, айылҕаҕа соҕотоҕун сылдьарбын ордоробун. Мин санаабар, бу аҕабыттан бэриллибит буолуохтаах. Кини элбэхтэ учуонайдары кытта ыраах, киһи мээнэ сылдьыбат сирдэригэр экспедицияларга барааччы.
Саха сирэ киэҥ, кэрэ дойду, ол иһин эдэр ыччат төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтинэн айаннаан үөрэтиэхтээх. Айаҥҥа саҥа санаалар, толкуйдар киирэллэр. Айан кэмигэр саҥа сири-уоту буолбакка, бэйэҕин арыйаҕын, саамай сүрүнэ онно сытар. Бу ордук устудьуоннарга наадалаах, каникуллаах дьон хайаан даҕаны атын сири көрөн-истэн кэлиэхтээхтэр.
Уонна тугу көрбүккүн, билбиккин барытын кумааҕыга түһэрэн, дойду киэҥин, кэрэтин атын дьоҥҥо тиэрдэ сатыахха наада. Иэйии ис искиттэн кэлэр, холобура, кыраһыабай пейзаһы бэлиэтии көрдөххүнэ, бастаан төбөҕөр хаартыска курдук хатыыгын уонна уруһуйгар тугу өйдөөбүккүн тиэрдэҕин. Кэрэ көстүүлээх диэн санаабыккытын кыаллар буоллаҕына уруһуйдаан эбэтэр хаартыскаҕа түһэрэн иһиҥ. Биһиги бары айылҕа биир чааһа буолабыт, бэйэбитин истэн айылҕаны айааччылар буолбатахпытын өйдүөх тустаахпыт уонна харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт.
“Енисейтэн Аляскаҕа диэри” быыстапка НХМ сүрүн дьиэтигэр бэс ыйын 16 күнүгэр диэри үлэлиир.