Энергосбыт үлэһиттэригэр робот көмөлөһөр буолла
Клиеннэр саҥа офистара хомунаалынай өҥөнөн туһанааччылары кытта үлэ хаачыстыбатын тупсарыаҕа. Уһук Илиҥҥэ 15 эрэ итинник үрдүк технологиялаах офис баар.
Саҥа кииҥҥэ клиеннэр уот харчытын төлүөхтэрэ уонна итиннэ сыһыаннаах консультацияны ылыахтара.
«Бу өрөспүүбүлүкэҕэ аһыллыбыт иккис ЕРИЦ, бастакы Нерюнгрига үлэлиир. Бырагыраама 2025 сылга диэри салҕаныаҕа. РусГидро былаанынан үрдүк технологиялаах офистар Уһук Илин регионнарыгар барыларыгар арыллыахтаахтар. «ДЭК» хампаанньа Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук территориятыгар бүттүүнүгэр олохтоохтору толору өҥөлөрүнэн хааччыйыахтаах», - диэтэ «ДЭК» ПАУо ситэриилээх дириэктэрин бастакы солбуйааччы Валерий Манаков.
Сонун түгэн – офиска толору автоматизациялаах робот, офис-менеджер Ньургун үлэлиир. Өйдөөх робот хампаанньа оҥорор өҥөлөрүн билиһиннэрэр, тус кэбиниэккэ регистрацияланарга, приемҥа суруйтарарга көмөлөһөр. Ньургун харчы төлүүр терминаллаах, кини көмөтүнэн ОДьКХ өҥөлөрүн төлүөххэ сөп.
Итини таһынан, кииҥҥэ «видеоконсультант» систиэмэ үлэлиир, клиеннэр дьиэттэн олорон оператордары кытта видеосибээс нөҥүө кэпсэтиэхтэрин сөп.