Эн кыайыаҥ, эн сатыаҥ!
Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбатыгар хайа баҕар тэрилтэҕэ эдэр талааннаах ыччаттар баалларын кэриэтэ, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбатыгар эдэр ыччат аҕыйаҕа суох. Ол курдук, 18-30-гар диэри саастаах көхтөөх кыттааччыларга аналлаах «Эн кыайыаҥ, эн сатыаҥ» диэн онлайн форматынан тургутук үөрэх муус устар 20-21 күннэригэр буолан ааста.
Тэрээһини уопсастыба адаптивнай спордун специалиһа, психолог үөрэхтээх Виктория Петрова иилээн-саҕалаан ыытта. Бу тургутук үөрэххэ Мирнэйтэн Генеров Иван, Ушницкий Данил, Бүлүүттэн Максимов Александр, Хаҥаластан Самсонов Мичил, Тааттаттан Башарин Петр, Жариков Анатолий, Тарабукина Оксана, Өймөкөөнтөн Мосашвилли Екатерина, Сунтаартан Семенова Тамара, Дьокуускайтан Захарова Ньургуйаана, Иванов Айсен, Өлүөхүмэттэн Шевелев Петр, Мэҥэ Хаҥаластан Сергеев Михаил, Шишигин Александр, Горнайтан Мингеева Анна, Белолюбская Варвара уонна эдэр бэрэссэдээтэл Иванов Валентин кыттыыны ыллылар.
Тургутук үөрэххэ кыттааччыларга анаан бырайыагы хайдах суруйууну, туох сыыһа оҥоһулларын, сатаан сыал-сорук туруоруутугар, симиэтэ хайдах суруллуохтааҕыгар өйдөтүү үлэ ыытылынна. Иккис күҥҥэ лидердар бэйэлэрэ суруйбут бырайыактарын көмүскүүргэ холоннулар.
Түмүккэ эдэр лидердэртэн Мэҥэ Хаҥаластан Александр Шишигин олус туһалаах, баай ис хоһоонноох бырайыак көмүскээн бастакы миэстэни ылла. Иккис миэстэ Мирнэйтэн Ушнищкай Данил уонна Генеров Иван биир бырайыагы көмүскээн иккис миэстэни ыллылар. Үһүс миэстэҕэ Горнай улууһун эдэр бэрэссэдээтэлэ Валентин Иванов буолан үөрүүлэрэ үгүс.