24.06.2020 | 10:33 | Просмотров: 524

Эмтээх оту хомуйууга сүбэлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Эмтээх от, үүнээйи барыта биирдик туһаныллар буолбатах. Хомуйар киһи туһааннаах от эбэтэр үүнээйи ханнык өттө, ханнык чааһа туһаныллыан сөбүн чопчу билиэхтээх. Холобура, мать-и- мачеха үүнээйи сибэккитин кытта сэбирдэҕин ылаҕын, оттон долохоно сибэккитин кытта аһын ылыллар. Ити курдук бары үүнээйилэргэ хомуйуллар үүнээйи сир үрдүнээҕи отун, сибэккитин, аһын, сэбирдэҕин сарсыардааҥҥы сиик көтүөҕүттэн киэһэ сиик түһүөр диэри хомуйуохха сөп. Оттон үүнээйи силиһин күн устата ылыахха сөп. Эмтээх оту, атын да үүнээйилэри ардах түһэ турдаҕына хомуйуллубат. Ону сэргэ буортулааччылар алдьаппыт уонна бэйэлэрэ ыалдьыбыт үүнээйилэри, сибэккилэри эмиэ анаан хомуйбаттар. Итинтэн көстөрүнэн, эмкэ доруобай эрэ үүнээйи туһаныллар. Эмтээх оту куорат уулуссаларын эбэтэр тыа сиригэр элбэх сырыылаах айан суолун кытыытыттан хомуйбаттар. Тоҕо диэтэххэ, маннык отторго ыарахан металлар элбэхтик мусталлар. Онон эмтээх оту айан суолуттан кырата 100 миэтэрэ тэйиччи сиртэн хомуйуллуохтаах. Үүнээйини ыраас кумааҕыга эбэтэр чэпчэки таҥаска тэлгэтэн баран, салгыҥҥа, күлүк сиргэ куурдуллар. Маннык бэлэмнээн дьиэҕэ эмиэ курдуохха сөп.

И.И. Неустроев. Доруобуйа-дьол. Дьокуускай: Бичик, 2011 с.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түүппүлэ (кэпсээн)
Сынньалаңңа | 13.10.2026 | 19:30
Түүппүлэ (кэпсээн)
Сибиэтэ иһитин хомуйан, уолларын хоһугар ыалдьыттарыгар орон оҥорон, суунан-тараанан, утуйардыы сыппыта. Аан нөҥүө дьоно кэпсэтэн бөтүгүрэһэллэрэ, күлсэн ылаллара иһиллэрэ. “Барахсаны... Оо, тулаайах... Ынырык дии. Хата, киһи-хара буолбут...” – Сибиэтэ ыалдьытын кэпсээнин санаан уйадыйбыта. “Чахчы оннук ээ. Ийэ, аҕа диэн тыллар туохха даҕаны тэҥнэммэт күндү буоллахтара. Мин эмиэ, ийэм өлбүтүн кэннэ,...
Кимэ биллибэт түүҥҥү ыалдьыт
Сонуннар | 14.10.2026 | 19:00
Кимэ биллибэт түүҥҥү ыалдьыт
(олоххо буолбут түбэлтэ)
Сулустар кимиэхэ, тугу сүбэлииллэрин билсиэҕиҥ.
Сонуннар | 13.10.2026 | 07:20
Сулустар кимиэхэ, тугу сүбэлииллэрин билсиэҕиҥ.
Алтынньы 13 күнүнээҕи гороскоп.
Алтынньы 14 күнүнээҕи гороскоп.
Сонуннар | 14.10.2026 | 07:30
Алтынньы 14 күнүнээҕи гороскоп.
Бокуруоп таҥара күнүгэр ый- сулус хаамыыта тугу сабаҕалыырый?