Эмтээх оттору сатаан туттуохха
Кэнники кэмҥэ “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ олоххо практическай өттүнэн туһалаах, дьоҥҥо чахчы көдьүүстээх көрсүһүүлэри үрдүк таһымнаахтык тэрийэр буолла. Киириитэ бэрт удамыр төлөбүрдээх буолар, ол оннугар анал идэлээхтэри, айылҕалаахтары тутан олорон истэҕит, ыйытыыларгытыгар тута хоруйдары ылаҕыт. Онон “Арчы дьиэтигэр” ыытыллар көрсүһүүлэри көтүппэт буолуҥ диэн сүбэлиибит.
“Арчы дьиэтин” “Үүнээйи туһата олохпутугар” бырайыагын чэрчитинэн ыам ыйын 18 күнүгэр бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Сахабыт сирин айылҕатын күүһүн, эмтээх отторун аска туһаныы, үөрэтии туһунан наука идэлээхтэрэ, төрүт үгэһи тарҕатааччылар кэпсээтилэр. Ол курдук, “Саха сирин отторун аска туттуу ньымалара” тиэмэҕэ СӨ Наукатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын наукаларын доктора, профессор Константин Максимович Степанов, “Саха сирин эмтээх отторун билии уонна харыстааһын” туһунан СӨ Айылҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ, биология билимин хандьыдаата Парасковья Алексеевна Гоголева, “Хатыҥ сэбирдэҕин туһатын” туһунан “Баардаах” мастарыскыай хаһаайката Александра Турантаева, “Үүнээйини аска-үөлгэ, сиэргэ-туомҥа туттуу” туһунан Хатастан “Төрүт ас” түмсүү (Сал. А.М.Мокрощупова) кэпсээтилэр. Манна кэлбит дьон үгүс туһалааҕы биллэ, сүбэ-ама ылан, отоһут идэлээх киһи сөпкө хомуйбут отун атыылаһан, интэриэһиргиир ыйытыыларыгар толору хоруйдары ылан, олохторугар чахчы наадалаах билиини иҥэринэн, хатыҥтан, үөрэ отуттан оҥоһуллубут чэйдэри амсайан, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
Аһылыкка оту-маһы эбиэххэ
Саха дьоно сөбүлүүр, сүбэтин-аматын сыыска түһэрбэккэ сурунар, бэлиэтэнэр киһибитинэн СӨ Наукатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын наукаларын доктора, профессор Константин Максимович Степанов буолар. Кини курдук саха төрүт аһын пропагандалыыр, норуот туһа диэн үлэлиир, наукаҕа тирэҕирэр билиини дьоҥҥо тиийимтиэтик кэпсээн киэҥник тарҕатар киһи аҕыйах. Константин Максимович кэпсээбит үгүс туһалаах информациятыттан саамай сүмэтин эрэ сүһэн ыллыбыт:
– Биһиги дьоммут ордук хамсык ыарыыта баар буолуоҕуттан бэйэбит айылҕабытыгар үүнэр эмтээх оттору харса суох туттан барбыттара. “Харса суох” диэн тылы соруйан тутуннум, хайдах тутталларын билбэккэ, хас да дьааһыгынан, куулунан эриэхэни хомуйбуттар, сыттык хаатын муҥунан эмтээх оту үргээн баран “хайдах гынабыт маны?” диэн ыйытааччылар миэхэ сибээскэ тахсаллара элбээбитэ...
Биһиги, сахалар, этинэн, отунан аһаан олорбуппут. Бурдук кэлиэҕиттэн аһылыкпыт тосту уларыйбыта. Сорохтор “бурдук” диэн тыл былыргыттан баар дии, тоҕо бурдук кэлиэҕиттэн аһылыкпыт уларыйда диигин диэччилэр. Бурдук диэн кыра гына мэлиллибити барытын ааттыырбыт, оту-маһы оннук мэлийэн аска тутталлара.
***
Өбүгэлэрбит аһылыкка үөрэ отун элбэхтик тутталлара. Сут дьылларга аччыктааһынтан быыһаабыт ытыктыыр оппут буолар. Сөпкө туттуохха наада. Атын дойдуларга сылдьан полынь оту маннык туттабыт диэтэххэ сөҕөөччүлэр, бачча аһыы оту хайдах сиигитий диэччилэр. Биһиги үөрэбит ото айылҕаттан оннук аһыы буолбат. Үөрэ отун үүт аска, собо миинигэр уонна ис миинигэр туттарга сүбэлиибин. Бастаан туттуоххут иннинэ аһыы амтанын сымнатан, сылаас уунан саба кутан туруора түһэн сайҕыахха сөп. Ол уута барбыт чэй курдук буолар, ону эмиэ иһэҕит. Отун сиидэлээн ылан аска эбилик оҥостоҕут.
***
Эмтээх от барыта дьааттаах. Ол иһин дозировка диэни билиэхтээхпит. Улахан ньуосканан элбэх, кыра ньуосканан аҕыйах буолуон сөп. Десертнэй орто ньуосканан, үрдүтэ суох (ол аата чөмчөччү куппакка) туттуоххутун сөп.
Бөрө сиир отунан, ньургуһунан эмтэнии олус сэрэхтээх. Билэр буоллахха эрэ туттуохха наада. Быһа сиэтэн кэбиһиэххэ сөп.
***
Эмтээх от туһунан нуучча сирин травниктарын сүбэлэрэ биһиэхэ барсыбатын өйдүөхтээхпит – айылҕабыт чыҥха атын, үүнээйилэрбит уратылар. Сахалыы кинигэлэри, саха отоһуттарын сүбэлэрин эрэ туһаныҥ.
Айылҕабыт уларыйан, оппут-маспыт ситэр бириэмэтэ эмиэ уларыйда. Ханнык от хаһан хомуллуохтааҕын туһунан сиһилии кэпсиир кинигэлэр тахсаллар.
***
“Саха оту сиэбэт, саха эти сиир” диэн норуот этиитин кытта мөккүһүөхпүн сөп. Сахалар былыр-былыргыттан аһылыктарыгар оту тутталлар эбит – үөрэ отун, унньууланы, кииһилэни о.д.а.
***
Урут отон арааһын ким да барыанньалаабат, сир аһын ылан хаһааммат этэ. Ханнык да кэпсээҥҥэ, олоҥхоҕо отону хаһааналларын туһунан суох. Кэлэ-бара айахтарыгар сии сылдьаллар эбит.
Уулаах отоҥҥо битэмииннэрин таһынан кислоталара элбэх – ол иһин хараллара үчүгэй. Муорус, утах оҥорорбутугар 60 кыраадыстан үөһээ оргуттубут, сылыттыбыт да битэмииннэрэ сүтэн бараллар. Урут ыал аайы отон оргутар анал маарылалаах буолар этибит – муорустаан баран отоммутун ыган, маарылабытын сууйан куурда ыйыыр буоларбыт. Маннык ньыма отон битэмиинин суох оҥорор эбитин өйдөөн, билигин көннөрү сылаас уунан саба кутан, туруора түһэн утах оҥостуохха сөп.
Ханнык баҕарар отону оттуун-мастыын хомуйар буолуҥ – үгүс үүнээйи сэбирдэҕэ отонунааҕар элбэх битэмииннээх буолар. Холобур, дөлүһүөн аһа элбэх С битэмииннээх диибит, ол эрэн сэбирдэҕэ хас эмэ бүк элбэх битэмииннээх.
***
Чэйгэ саамай үчүгэй – моонньоҕон сэбирдэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, кини сыттаах, арамааттаах, чэйи битэмиинниирин таһынан, сыттыын-сымардыын тупсарар. Хаптаҕас, дөлүһүөн сэбирдэҕэ сыта суох.
Сэбирдэҕи хараҥа, кураанах сиргэ хатарабыт. Оту-маһы, сэбирдэҕи хаһыат үрдүгэр хатарымаҥ. Типографскай кырааска билигин былыргы курдук буолбатах.
***
Билигин ыраастаныы, шлагы таһаарыы, интокисикация муода буолла. Киһи сүөргүлүөх да курдук кэпсиир дьон бааллар. Дьиҥэ, урут да аһаан-сиэн кэллэхпит дии. Наар ыраастаныы айдаана буолла. Отторунан эмиэ ыраастаныахха сөп, ол эрэн ханнык баҕарар оту киһи сылдьыбат сириттэн хомуйдахха эрэ туһалаах.
***
Барыанньалартан саамай аһыйар моонньоҕон барыанньата. Билигин былырыыҥҥы хаһааскыт аһыйан хаалбытын туһаҕа таһаарыҥ – аһыйбыт барыанньа шашлык маринадтыырга олус барсар.
Эти отонунан соустаан, сотон буһардахха, амтана тупсар. Эти, балыгы сиэбэт оҕолорго интэриэһиргэтэн кэтилиэт иһигэр барыанньаны уган оҥоруохха сөп – оҕо быстаҕына иһиттэн соус тохтор. Отону бэйэтинэн бурдук аска кутан тупсарыахха сөп.
***
Дөлүһүөннээх, лимоннаах ууну иһэн баран айаххытын сайҕаныахтааххыт. Кислотата тииһи быһа сиэн кэбиһиэн сөп. Быратыас тииһи эмиэ быһа сиир.
***
Чэйи испэт, сылыгыр уунан сылдьар дьон элбээтэ. Дьиҥнээх чэй, дьиҥэ, туһалаах. Хара чэй, күөх чэй, кыһыл чэй диэннэр бааллар. Плантацияларга үүннэриллибит чэйи атыылаһан иһэбит. Бэйэ чэйин иһиэхпитин баҕарар буоллахыпытына, кучу оту сөпкө хомуйан, хатаран иһиэххэ сөп. Араас үүнээйи сэбирдэҕин чэй оҥостуохха сөп. Ол эрэн биир оту наар испэппит, барыта нуормалаах буолуохтаах. Холобур, үс нэдиэлэ кучу чэйи иһэн баран атыҥҥа көһүөххэ наада.
Эмтээх оту хомуйарга сокуону билиэхтээххит
“Саха сирин эмтээх отторун билии уонна харыстааһын” туһунан СӨ Айылҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ, биология билимин хандьыдаата Парасковья Алексеевна Гоголева:
– Саха сиригэр майгыннаһар от элбэх. Билигин хас да көрүҥ оту барытын биирдик үөрэ ото диэн ааттыы сылдьабыт. Дьон бутуйара, билбэтэ баар.
Экология өттүнэн ыраас от киһи сылдьар сириттэн хомуллубат. Эмтээх от аһара улааппыт эбэтэр олох бытархай буоллаҕына эмиэ ылбаппыт. Суол кытыытыттан үргээбэппит.
“Кыһыл кинигэҕэ” киирбит үүнээйилэри хомуйан суут-сокуон иннигэр эппиэккэ тардыллыахха сөп – сокуону билбэт буолуу эппиэтинэстэн босхолообот.
2017 сыллаахха Саха сирин “Кыһыл кинигэтигэр” 252 үүнээйи киирэн турар, олортон эмтээх оттор:
1) Родиола розовая
2-3) Вздутоплодиники мохнатый и сибирский
4) Рододендрон Редовского
5) Термопсис якутский
6) Красоднев малый
7-8) Зверобой большой, Геблера
9) Тимьян ползучий (чабрец) – хомуйарга бобуулаах.
10) Купальница Азиатская
11) Хвойник односемянный
Балары интэриниэттэн көрөн дьүһүннэрин билиҥ, хомуйар бобуулааҕын, эппиэккэ тардыллыахха сөбүн өйдөөҥ.
Эмтээх отунан дьарыктанар киһи наһаа элбээтэ. Ол махталлаах дьыала. Ол эрэн кинилэр бары сертификат ылыахтаахтар. Үүнээйи ресурса быһыытынан сыаналаныахтаах.
Провизордар, фармацевтар элбиэхтээхтэр – бэйэбит университеппытыгар бэлэмниир буолан эрэбит.
2020 сыллаахха Лена Кривошапкина оҥорбут эмтээх оту хомуйуу халандаарын туһаныҥ диэн сүбэлиибин, барыта сөптөөх информация түмүллүбүт.