08.06.2024 | 10:00

Эмиэ сайын, эмиэ паромҥа уочарат!

Эмиэ сайын, эмиэ паромҥа уочарат!
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Паром сырыыта саҕаланан, нэһилиэнньэ үөрэ түстэ... Ол эрээри сылтан сыл аайы кытылтан кытылга тиксии сыаната ыарыы турар.

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыыта ыам ыйын 24 күнүттэн саҕаламмыта. Паромнар олохтоммут графигынан хас чаас аҥаарын ахсын сарсыарда 04:30 чаастан түүн 00:00 чааска диэри айанныыллар. Оттон паром ахсаанын 12-гэ диэри элбэппиттэр.

 

«Үс паром таһар үһү» – сымыйа сурах!

Манна даҕатан эттэххэ, социальнай ситимнэргэ Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан «Үс эрэ паром таһар үһү, паромҥа эмиэ анньыһыы» диэн сымыйа сураҕы тарҕата сырыттылар.

Бүгүҥҥү туругунан паром ахсаана – 12, мантан тоҕуһа «Саха сирин паромнара» таһаҕас тиэйээччи тэрилтэ бас билиитэ, онтон хаалбыта «Ассоциация АЯМ» ХЭУо магистралын тутааччыларын киэнэ.

СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев этэринэн, тутааччылар ассоциацияларын паромнара таһаҕаһы таһыыга идэтийэллэр, ол эрээри массыына элбэх буолар түгэнигэр, сүрүн таһаҕаһы тиэйиигэ эмиэ үлэлииллэр.

 

Тарыып

Ааспыт сылга тарыып чэпчэки уйуктаах массыыналарга эрэ үрдээбит буоллаҕына, быйыл таһаҕаһы тиэйэр ыарахан уйуктаах массыыналарга эмиэ ыараата.

Быйылгы сылга паромунан массыынаны туоратыы сыаната:

1,5 туоннаҕа диэри — 950 солк. (650 солк. этэ);

1,5 туоннаттан 2,0 туоннаҕа диэри — 1150 солк. (950 солк. этэ);

2,0 туоннаттан 2,3 туоннаҕа диэри — 1350 солк. (1100 солк. этэ);

2,3 туоннаттан тахса — 1600 солк. (1400 солк. этэ).

 

Дьону кураанахха аймааһын дуо?

Ыам ыйын 29 күнүгэр сыананы быһааччылар Дьокуускай — Аллараа Бэстээх паромугар пассажирдар билиэттэрин 500 солк. тиийэ быһаннар, нэһилиэнньэ ортотугар улахан айдааны, долгуйууну таһаара сырыттылар.

Социальнай ситимнэргэ дьон санаата:

Ксения Петрова:

Саатар арыычча «бэтэрээнэн» соҕус паромнар эбиттэрэ буоллар син даҕаны этэ, сөптөөх усулуобуйа даҕаны суох батта.

Прокопий Иванов:

Итинник сыанаҕа айанныырбытын биллэхтэринэ, муостабытын төрүт даҕаны туппаттар буоллаҕа дии.

Геннадий Окороков:

Дьон айдаарбатаҕа буоллар, өссө үрдэтиэхтэрэ этэ. Мин санаабар, ханнык баҕарар улахан айдааны таһааран баран, быһааран иһиэххэ наада.

Михаил Алексеев:

Бородуукта, эт-ас сыаната ыарыы турдаҕына тоҕо эмиэ ыараталлар, онто да суох олохпут күн-түүн ыарыы турар.

Мария Пестрякова:

Тоҕо 300 солк. төлүөхтээхпитий? Тоҕо үс төгүл үрдээбитий? 500 солк. диэн өрө барааһын дии, аны харах баайаннар 300 солк. оҥорбуттар. Син биир ыарахан! Онно ханнык эрэ ресторан, кафе баар дуу, туалет дуу, ыраас дуу? Ончу суох буолбатах дуо? Туох иһин төлүөхтээхпитий?

Нэһилиэнньэ аймаммытын кэннэ СӨ сыана бэлиитикэтин  судаарыстыбаннай кэмитиэтэ уонна тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сүбэ мунньаҕы ыытан, улахан киһи билиэтин сыанатын 300 солк. диэри намтаттылар, оҕолорго 150 солк. диэри түһэрдилэр.

Бэрээдэк өттүнэн. Даркылаахха бүгүн 200-чэкэ массыынаны батарар накопитель баар, оттон Аллараа Бэстээххэ – 180 массыынаҕа диэри. Ол эрээри сааскы халаан кэнниттэн урусхалламмыт суол-иис болҕомтону ирдиир. Уот ситимэ, шлагбаумнар эмиэ мантан сайын өссө даҕаны оҥоһуллаллар.

 

Салгын олбохтоох суудуналар

Киин куораттан Аллараа Бэстээххэ тиэрдэн биэрэр түргэн катердарынан сырыы сыаната бүгүҥҥү күҥҥэ 800 солк. буолла, бу иннинэ 1000 солк этэ, халаан кэмигэр 4 000 тыһ. солк. кытта тиийэ сылдьыбыттааҕа.

«ЛенаВодСервис» хампаанньа салайааччыта Борис Строев:

Биһиги дойдубутугар сааҥсыйалар биллэриллэн турар буоланнар, саппаас чааһы булан аҕалыы олус уустуктардаах, онно эбэн эттэххэ, сыана даҕаны ыараата. Ол да буоллар биһиги сүбэлэһэн баран бырайыас сыанатын 800 солк. диэри намтатабыт.

Катердар сылдьар бириэмэлэрэ хайдаҕый?

Бүгүҥҥү күҥҥэ Өлүөнэ өрүһү туоратыыга 25 катер күн ахсын айанныыр. Сарсыарда 07.00 чаастан киэһэ 21.00 чааска диэри дьону таһаллар.

Манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускайтан барар сирэ – өрүс вокзала (4 №-дээх причал), Аллараа Бэстээхтэн – хайа анныгар (1 №-дээх причал). Биир рейс иһигэр 20 киһини туоратар. Ханнык да субсидияламмыт билиэт уонна чэпчэтии көрүллүбэттэр.

 

«Рукавишников» теплоход сыаната чэпчэки эбит

Катердар курдук түргэн буолбатах эрээри, сыаната чэпчэки: улахан киһиэхэ  – 400 солк., оҕоҕо – 200 солк. Субсидия уонна чэпчэтии эмиэ көрүллүбэт. Ааспыт сылга айан сыаната 300 солк. этэ. Ол аата син биир үрдээһин баар. Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалсыбата чуолкай.

 

Кангалаас — Суотту хайысхатыгар балаһыанньа хайдаҕый?

Ыам ыйын 30 күнүттэн Кангалаас — Суотту хайысханан паром быйылгы сыллаах сырыытын арыйбыта.  Бу эҥэр икки паром сылдьар. Тимир көлөлөрү  таһар паром тэрилтэтин салайааччыта Иван Заровняев иһитиннэрбитинэн, тарыыптар ааспыт сылтан халбаҥнаабатахтар. Ол курдук, тимир көлөнү туоратыы сыаната 650 солк. саҕаланар, оттон пассажирдары — 100-200 солк. тэҥнэһэр.

Өрүһү туорааһын сыаната итинник. Этэҥҥэ айаннааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...