19.10.2023 | 14:00

Елизавета Матвеева: «Аҕам баҕатын толорон учуутал буолбутум»

«Учуутал» диэн тыл хас биирдии киһиэхэ сылааһынан сыдьаайар, истиҥинэн илгийэр, үйэ-саас тухары киниэхэ махталыҥ, тапталыҥ уостан бүппэт, олоҕуҥ усталаах туоратыгар куруук аргыс буолан, кини үөрэппит-такайбыт суолталаах тыллара кынат буолан, өйгөр-санааҕар иҥэн сылдьаллар.
Елизавета Матвеева:  «Аҕам баҕатын толорон учуутал буолбутум»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Учуутал уонна уһуйааччы сылынан мин бүгүн РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, «Уус Алдан улууһун үөрэҕириитин уонна култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ 40-ча сылы анаабыт Елизавета Ивановна Матвеевалыын кэпсэттим.

 

— Елизавета Ивановна, учуутал идэтин хайдах талбыккыный?

— Мин 1948 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр Уус Алдан Тандатыгар күн сирин көрбүтүм. Аҕам Иван Егорович Готовцев син үчүгэйдик үөрэнэн иһэн иккис кылаастан доруобуйатынан тохтообут, сэрии кэмигэр холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, сытыы-хотуу киһи этэ. Ийэм Ульяна Петровна Матвеева 14 оҕолоох ыал саамай улаханнара. Учуутал буоларбар кинилэр оруоллара сүрдээх улахан. Аҕам: «Саамай үчүгэй идэ быраас эбэтэр учуутал», – диирэ. Оскуоланы бүтэрэрим чугаһыгар аҕам Бүлүүгэ учууталлары бэлэмниир кыһа баар эбит, онно барарыҥ буоллар диэбитэ. Онон 1966 сыллаахха Бүлүүгэ икки сыллаах үөрэххэ киирбитим. Аҕам этиитин, баҕа санаатын толорон, учууталларбар махталым бэлиэтин, учуутал буолан дойдубар кэлбитим.

— «Учуутал – …» диэни салҕыаҥ дуо...

— Дириҥ билиилээх, оҕолору таптыыр, үлэтин таптыыр уонна төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх киһи учуутал буолар дии саныыбын.

— Олоххор саамай сүрүн учууталларыҥ кимнээх этилэрэй?

— Мин наһаа дьоллоох киһибин диэн сааһыран олорон этэбин. Ол курдук олохпор куруук үтүө дьону кытта алтыспытым. Кинилэри хайаан да ааттаан, санаан ааһыахпын баҕарабын. Маҥнайгы кылааска САССР үтүөлээх учуутала  Федор Иванович Васильев үөрэппитэ. Саха тылыгар, төрөөбүт төрүт тылга тапталы иҥэрбит учууталбынан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тандаҕа историко-революционнай музейы төрүттээбит Иван Павлович Готовцев буолар. Кини наар хоһоон аахтарар этэ. Тандабыт дьоруойа Хабырылла Дьөгүөрэп,  Ленин пааматынньыгын таһыгар буоллун, “Кэриэстээҥ Ленини”, “Буурҕа, буулдьа дьылыгар”, “Саһыл Сыһыы” хоһооннору долгуйа-долгуйа ааҕарбын өйдүүбүн. Нуучча тылыгар Октябрина Ивановна Филиппова наһаа үчүгэйдик үөрэппитэ, нуучча суруйааччыларын остуоруйаларын кэпсиир, ааҕар этибит, элбэх араас инсценировкаларга кыттарбыт. 5-кэ үөрэнэ сылдьан аан бастакыбын конферансье буолбутум, ол бастакы сүрэхтэниим этэ. Учууталым Октябрина Ивановна баанчыктаан, маҥан баартык кэтэрдэн, киэргэтэн аҕай таһаарбыта. 

Өссө ахтан ааһыахпын баҕарабын Тандаҕа  үөрэппит уонна кэлин бииргэ  үлэлээбит учууталларбын – оскуола дириэктэрэ Николай Петрович Аммосовы, педпрактикабын барбыт Елизавета Федоровна Афанасьеваны, нуучча тылын учууталлара  Клара Тимофеевна Егорованы, Тамара Константиновна Аммосованы, Ксения Павловна Охлопкованы.

 Уруок ыытыытыгар, олохпор сүбэни-аманы ылбыт убаастыыр киһим  Мария Петровна Егорова –сүрдээх актыыбынай, олоххо инники күөҥҥэ сылдьар алын кылаас учуутала, эдэр кэллиэгэм талааннаах учуутал, салайааччы Калисфена Андреевна Анисимова –  завучпут, математика учуутала.

Саамай дириҥ махталбын кылааһым салайааччыта Петр Антонович Копыриҥҥа тиэрдэбин, физика учуутала, үөрэх туйгуна этэ. Барыбытын наһаа үчүгэйдик тэҥҥэ тутан олох киэҥ суолугар бигэтик үктэннэрбитэ. 1966 сыллаахха 33 буолан бүтэрбиппит. Биһигини кытта үөрэммиттэрэ Арассыыйа Дьоруойа Михаил Николевич Готовцев, 7 араас эйгэ үтүөлээх үлэһиттэрэ, 17 араас идэлэр туйгуннара, бары олохпутугар миэстэбитин булан, үчүгэй үлэһит, ыал ийэлэрэ, аҕалара буолан олорорбутугар суолу аспыт биһиги учууталларбыт буолаллар дии саныыбын.

Бүлүүгэ Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэҕэ үөрэммиппинэн киэн туттабын. Бастакы психолог Константин Спиридонович Чиряев, кууруспут салайааччыта Татьяна Ильинична Болурова, физрук  Анатолий Гаврильевич Тобохов бары дэгиттэр,  саха тылын учуутала Мария Васильевна  Золотарева  баай, киэҥ билиилээх учууталлар этэ. Үөрэхпитин бүтэрбиппит 55 сыла буолла, бииргэ үөрэммит оҕолорбут бары идэлэринэн үлэлээн, дириҥ махталы, убаастабылы, үрдүк наҕараадалары ылбыт дьон. Быйыл Учуутал уонна уһуйааччы сылынан бары кэллиэгэлэрбэр, истиҥ, дириҥ махталбын тиэрдэбин, бииргэ үөрэммит оҕолорбор, Бүлүүтээҕи доҕотторбор бу дьоһун сылынан эҕэрдэбин ыытабын уонна кытаанах доруобайаны, уһун үйэни баҕарабын.

— Педагог сүрүн соруктарын, кини киһи быһыытынан хайдах хаачыстыбалаах буолуохтааҕын этиэҥ дуо?

— Сүрүнэ диэн үтүө майгылаах, киһи быһыытынан хаһан баҕарар кэрэ, киһини үрдүктүк сыаналыыр, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, туохтан да иҥнибэт, туора турбат киһи буолуохтаах. Олох араас уларыйыыларыгар ыччаты тэҥҥэ сирдээн, үөрэтэн, оҕоҕо сирдьит курдук, ыйар сулус, суолдьут буолан оҕону уһуйуохтаах. Кини сүрүн соруга – олоххо бэлэмнээх киһини бары өттүнэн таһаарыы, хореограф үчүгэй үҥкүүһүтү, тренер спортсмены таһаарарын курдук, оҕо дьоҕурун таба көрөн сайыннарыахтаах. Кини бэйэтин төрөөбүт дойдутугар холобур буолуохтаах,  дьон кинини үтүктүөхтээх, кини тылын-өһүн ылыныахтаах. Тылын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр, дьон ылынар, батыһар, идеолог киһи учуутал буолар.

— Ханнык баҕарар учуутал үөрэтэр предметин саамай бастыҥнара дии саныыр, эн биэрэр предмеккин тугун иһин сөбүлээбиккиний?

— Мин саха тылын наһаа минньигэстик иһиллэрин иһин, сахалыы саҥарарбыттан наһаа астынарбыттан, төрөөбүт тылым кэрэтин, сүмэтин, истиҥин оҕолорго, кэнчээри ыччакка тиэрдэр баҕалаах талбытым. Төрөөбүт норуоппут историятын, баайын-дуолун, кини үтүө дьоннорун киэҥник билээри, дьиҥнээх патриот, сахабын, саха оҕотобун диэн өрөспүүбүлүкэм, дойдум туһугар үлэлиэм-хамсыам диэн санаалаах бу идэҕэ үөрэммитим. Хоһоон ааҕар буоламмын сахам тылын наһаа таптыырым, саамай сөбүлүүр суруйааччыларым Суорун Омоллоон, Эрилик Эристиин этилэр, кэлин поэзияны Сэмэн Даниловы, Бүөтүр Тобуруокабы ааҕарым, билигин эдэрдэртэн Сайа хоһооннорун умсугуйан ааҕабын. Уран тыл бастыҥнара, киһини төрөөбүт тылынан саҥаран уоскутуохтарын, үөрдүөхтэрин, ыра санааҕа көтүтүөхтэрин да сөп, бэйэм сахалыы саҥарарбыттан, кэпсиирбиттэн наһаа астынабын, дуоһуйабын.

— Учуутал үлэтин түмүгэ кэлин көстөр, эн өйдөөн хаалбыт үөрэнээччилэриҥ кимнээхтэрий?

— Учуутал үлэтэ, кырдьык, кэлин көстөр. Билигин үөрэппит оҕолорбунан олус диэн киэн туттабын. Оччотооҕу кэллиэгэлэрбин, саха тылын учууталларын ахтыахпын баҕарабын. Педагогическай наука доктора, профессор Степан Константинович Колодезников, СӨ үтүөлээх учуутала, национальнай концепцияны ылыныы кэмигэр элбэхтик үлэлээбит Егор Константинович Васильев, Тааттаттан төрүттээх Венера Николаевна Егорова буолан олус тапсан, оҕолорго төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэн сүрдээх таһаарыылаахтык, ахсаабат улахан кыһамньыбытын, болҕомтобутун ууран үлэлээбиппит.

Үөрэппит оҕолорбутуттан элбэх саха тыла үөрэхтээх, суруналыыс идэлээхтэр тахсыбыттара. Киэн тутта ааттыахпын баҕарабын биологическай наука кандидата Константин Константинович Кривошапкины, филогическай наука кандидата, саха араадьыйатыгар “Тылдьыт” диэн биэриини ыытар Елена Петровна Матвеева-Копыринаны, суруналыыс кыргыттар Екатерина Бястинованы, Ольга Лыткинаны, Екатерина Аммосованы, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Юрий Афанасьевы, уу сахалыы кутан-симэн кими баҕарар сэргэхситэр, саха тыла иҥмит, сахалыы үчүгэйдик, ыраастык саҥарар тамада уолбут Иван Тордуяновы уо.д.а. Оҕолорбун иһиттэхпинэ үөрэбин, долгуйабын, киэн туттабын.

— Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороҕун, тугунан дьарыктанаҕын?

— Дьарык диэн элбэх буоллаҕа. Куоракка киирэн баран биэс сыл устата Муусука Үрдүкү оскуолатыгар үлэлээбитим. Муусукаҕа улахан сыһыана суох да буолларбын музыканнары кытта алтыспыппын наһаа үчүгэйдик саныыбын. Ол оҕолорум үлэһит буолан, муусука эйгэтигэр преподавателлэр, саха судаарыстыбаннай симфоническай оркестрыгар үлэлииллэр. Билигин да истиҥ сыһыаннарын иһин эмиэ махталбын тиэрдэбин.

5-с кылааска аан бастаан сценаҕа тахсан конферансье буолуохпуттан күн бүгүҥҥэ диэри араас тэрээһиннэргэ кыттабын, сценарийдары суруйабын, биэчэрдэри тэрийэбин, үбүлүөйдэри ыытабын. Бу аҕыйах хонуктааҕыта кырдьаҕастарга биэчэр ыытан кэлбитим, дьон үөрэр, астынар, ылынар эбит диэн испэр махтанабын. Оҕолорбун, сиэннэрбин кытта айылҕаҕа сылдьабын, сир астыыбын, оҕуруот олордорбун сөбүлүүбүн, сайыны наһаа кэтэһэбин. Оҕолорбун, сиэннэрбин үөрэтэрбин эмиэ астынабын, оҕото, сиэнэ суох олорортон чуҥкуйабын, көмөлөстөхпүнэ, сүбэ-ама буоллахпына үөрэбин, ол быыһыгар иистэнэбин, астыырбын наһаа сөбүлүүбүн, эбээ алаадьыта, бэрэскитэ минньигэс диэн астыналларыттан үөрэ-үөрэ астыыбын.

— Аныгы учуутал, аныгы оҕо. Бу туһунан санааҥ уонна эдэрдэргэ кэс тылыҥ, сүбэҥ-амаҥ.

— Аныгы оҕо наһаа сайдыылаах, биһиги кэммит курдук буолбатах, түргэнник өйдүүр, аныгы тиэхиньикэни, көмпүүтэри баһылаата. Аһара барбакка, түүнү-күнү супту олорбокко наадалааҕын таба тутуннаҕына сайдыан сөп.

Төрөөбүт төрүт тылтан, үлэттэн оскуолаҕа тэйии баар дуу, оҕо этинэн-хаанынан айылҕаны кытта алтыһара, хамсанара аҕыйаата дуу дии саныыбын. Уопсастыбаннай актыыбынай позиция диэн намтаата, төрөппүт сайыннара, сырытыннара сатыыр да куруһуога аҕыйах, икки сменанан да үөрэнии буолан буолуо. Патриотизм кэнники киирэн эрэр. Патриотизм, үлэҕэ таптал, үлэнэн иитии киирдэҕинэ оҕо сайдыа, үүнүө. Төрөөбүт тылы үөрэтиэххэ, чааһын элбэтэн, сайыннарыахха. Тылбыт суох буоллаҕына норуот эстэр диэн бары дьиксинэбит.

— Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

— Бүлүүгэ үөрэнэ сылдьан Петр Кононович Матвеев диэн историк идэлээх уолга кэргэн тахсан биэс оҕоломмуппут, икки уол, үс кыыс, бары идэлээхтэр, дьиэ кэргэннээхтэр, уонча сиэннээхпит, аҕыйах сыллааҕыта хос эбээ буолбутум. Бу олох үөрүүтүн-көтүүтүн барытын билэн дьоллоох эбээ, учуутал буолбуппунан астынабын, доҕоттор, дьүөгэлэр куруук көрсүһэбит, эҕэрдэлэһэбит, ол да саастаах дьоҥҥо улахан өйөбүл буолар. Кэргэним орто дойдуттан барбыта уон сыл буолла. Барарыгар: “Мин ыарыйдым, чэ, кытаат, оҕолоргун киһи оҥортоо, бэйэҕин харыстаа”, – диэн кэриэс тылын этээхтээбитэ. Оҕолорум этэҥҥэ сылдьалларыттан үөрэбин, аҕабытын күн аайы баар курдук саныыбыт.

Олохпут уустуга элбэх, хаан тохтуута тохтуура буоллар диэн санаалаахпын, саха киһитэ былыр-былыргыттан баҕа санаатын, ыра санаатын, ыал буолан кэскилин толорор, дьонун-сэргэтин иитэр үтүө үгэстээх норуот. Сахам дьоно, аймах-билэ дьонум, саха үтүө үгэһин тутуһан олоххутугар үрдүк ситиһиилэри, оҕо аймах ыччаккыт кэскиллээх буоллун, үтүөнү, дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...