Электроннай илии баттааһыны оҥорторуу судургу буолла
Бу өҥөнү Арассыыйа Нолуогабай сулууспата уонна Биометрическэй технологиялар кииннэрэ оҥороллор. «Старт бизнеса онлайн» диэн суперсервис үлэтин бастакы хардыыта буолла.
Электроннай илии баттааһыны (КЭП – квалифицированная электронная подпись) юридическэй сирэйдэр салайааччылара (дэбиэринэһэ суох тэрилтэ интэриэһин көмүскүүр бырааптаах бэрэстэбиитэллэр) уонна урбаанньыттар оҥорторуохтарын сөп.
Биометрияҕа тирэҕирэн КЭП оҥорторорго ирдэнэр:
– Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар бигэргэммит регистрация.
– Биир кэлим биометрическэй систиэмэҕэ бигэргэммит регистрация.
– Камералаах, микрофоннаах ноутбук эбэтэр көмпүүтэр, электроннай илии баттааһын сыһыарыылара туруоруллубут буолуохтаахтар.
– ФСБ эбэтэр ФСТЭК сертификаттаах электроннай информация хараллар тэрилэ (токен).
Илии баттааһыны Арассыыйа Федеральнай нолуогабай сулууспатын официальнай саайтыгар оҥоттороҕут. Тэрилтэлэр – “Юридические лица” салааҕа киирэн – “Личный кабинет” баттыыгыт – «Выпустить сертификат ЭП с помощью ЕСИА и ЕБС» талаҕыт. Урбаанньыттар – “Услуги и сервис” салааҕа “Личный кабинет налогоплательщика – индивидуального предпринимателя” баттыыгыт – «Получение КЭП» — «Получить сертификат ЭП» — «Дистанционно с использованием биометрии» диэннэри талан иһэҕит.
Авторизацияланарга ИП тус кабинетыгар логин уонна пароль көмөтүнэн эбэтэр судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын туһаныахха сөп.
Илии баттааһын оҥотторорго туһанааччыттан ирдэнэр:
Судаарыстыбаннай өҥө (ЕСИА) порталыгар регситрация, ЕБС нөҥүө бэйэтин бигэргэтии.
Сертификатын ылыыга сайаапкаҕытын бэрэбиэркэлиигит.
Электроннай илии баттааһын күлүүстэрин оҥороҕут, сертификат тахсарын күүтэҕит, бэрэбиэркэлээн баран токеҥҥа устан ылаҕыт.
Бу барыта аҕыйах мүнүүтэни эрэйэр.