Электроннай больничнай
Ыарыйдаххытына эбэтэр чугас киһигит ыарыйдаҕына больничнай ылаҕыт.
Электроннай больничнайы хайдах арыйабыт?
Бырааска көрдөрүннэххитинэ арыйар. Бырааһы дьиэҕэ ыҥырыахха эбэтэр балыыһаҕа баран көрдөрүөххэ сөп.
Электроннай больничнайы бэчээттиир наада дуо?
Суох. Тэрилтэҕитигэр больничнай нүөмэрин эрэ иһитиннэрэҕит.
Больничнай нүөмэрин хайдах билэбит?
Балыыһаҕа этэллэр. Эбэтэр судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар, маны тэҥэ ФСС саайтыгар тус кабинекка көрүөххэ сөп.
Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар больничнай арыллыбытын, уһатыллыбытын, сабыллыбытын туһунан иһитиннэрии кэлэр. Оттон босуобуйа сууматын ФСС саайтыгар булуохха сөп.
Электроннай больничнай көстүбэт буоллаҕына?
Сыыһалаах эбэтэр көстүбэт буоллаҕына больничнайы арыйбыт балыыһаҕа тиийэҕит.
Тэрилтэ ыарыһах диагноһын билэр кыахтаах дуо?
Суох. Бу тус информация кистэлэҥ буоларынан, ыарыыгыт туһунан тэрилтэ билбэт. Электроннай больничнайга “диагноз” диэн строка суох.