23.07.2020 | 17:04

Элбэх оҕолоохторго уларыйыы

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 16 күнүгэр “Элбэх оҕолоох ыалларга аналлаах түөскэ анньынар бэлиэни туттарыы туһунан”  2013 сыллаахха от ыйын 5 күнүгэр тахсыбыт СӨ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕыгар уларыйыылары киллэрии туһунан” CӨ Ил Дарханын 1329 №-дээх Ыйааҕа таҕыста.

Туох уларыйыы киирдэ диэн интэриэһиргиир буоллаххытына:

  • Өскөтүн 18-тан 23-гэр диэри саастаах биир эмэ оҕоҕут орто эбэтэр үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэр буоллаҕына, дастабырыанньаҕыт  сылга биирдэ уһуур (бу иннинэ сылга иккитэ уһатыахха наада этэ).
  • Өҥө оҥоһуллар болдьоҕо кылгаата: 10-тан 20 үлэ күнүгэр диэри (сибидиэнньэ хайдах киирэриттэн тутулуктаах).
  • Ийэлээх аҕаҕа иккиэннэригэр биир экземпляр. Дастабырыанньа урут ийэҕэ эрэ бэриллэр эбит буоллаҕына, мантан ыла үс уонна онтон элбэх оҕолоох сокуонунан ыал буолбут дьоҥҥо иккиэннэригэр эбэтэр соҕотох төрөппүккэ  туттарыллар буолуоҕа. От ыйын 16 күнүгэр диэри туттарыллыбыт дастабырыанньалар дьиҥнээҕинэн ааҕыллаллар.

Санатар буоллахха, бу өҥөнү оҥорор “Мои документы” Киин үлэтэ тохтотуллан турар. Өҥөнү хаһааҥҥыттан ылалларын туһунан mfcsakha.ru биллэрии тахсыаҕа.    

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....