29.08.2024 | 12:00

Элбэх оҕолоох ыаллар ОДьКХ ороскуотуттан 30% төннөрөр кыахтаныахтара

Элбэх оҕолоох ыаллар ОДьКХ ороскуотуттан 30% төннөрөр кыахтаныахтара
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ социальнай өйөбүл миэрэлэрин туһунан” ыйааҕы баттаан турардаах. Онон балаҕан ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалларга олох-дьаһах уонна хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэриттэн 30% компенсация оҥоһуллуоҕа.

СӨ Субсидияларын агентствота элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ хомунаалынай өҥө чэпчэтиитин толорор уорганынан буолар. Атырдьах ыйын 22 күнүгэр ити тэрилтэ дириэктэрэ Сергей Захаров быһа эпииргэ чэпчэтии туһунан сиһилии кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата.

“Бу миэрэ олус күүтүүлээх этэ, 1992 сылтан дойду Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан киирбитэ, ол гынан баран үгүс регионнарга үлэлээбэтэҕэ, тоҕо диэтэххэ хас биирдии регион “элбэх оҕолоох ыал” диэн бэйэтэ тус-туспа өйдөбүллээх. Онтон быйылгыттан чуолкай быраабылалар баар буолбуттара олус үөрдэр”, — диэн Сергей Захаров бэйэтин санаатын үллэһиннэ.

 

Чэпчэтиини ылыы усулуобуйалара:

Арассыыйа гражданствота.

Элбэх оҕолоох ыал статуһа. Ону СӨ Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтэ биэрэр.

Саха сиригэр олохтоох эбэтэр быстах кэмҥэ пропискалаах буолуу.

Сайабылыанньа биэрээччилэр ааспыт 12 ый устата ОДьКХ өҥөлөрүн төлөөбүккүт туһунан квитанциялара ирдэнэр. Иэстээх буоллаххытына, реструктуризация туһунан дуогабар түһэрсиэххитин наада. Өскөтүн иэс суут көрөр дьүүллээһинигэр турар уонна суут быһаарыыта ылыллыбыт буоллаҕына, сайабылыанньаҕытын ылбаттар.

ОДьКХ төлөбүрүн ороскуота дьиэ кэргэн уопсай дохуотун 15% куоһарар.

 

Онно ирдэнэр докумуоннар:

• Сайабылыанньа. Ону төрөппүттэртэн биирдэстэрэ биэриэн сөп. Кэргэнниилэр арахсыбыт түгэннэригэр, сайабылыанньаны оҕолору кытта бииргэ олорор төрөппүт туттарар. Ону таһынан ханнык дьиэҕэ чэпчэтиини ылалларын талаллар (чэпчэтии биир дьиэҕэ/кыбартыыраҕа ананар). Сайабылыанньаны 2 ньыманан биэриэххэ сөп: e-yakutia.ru портал эбэтэр «Мин докумуоннарым» элбэх өҥөнү оҥорор киин нөҥүө.

• Сайабылыанньаны биэрээччи пааспара.

• Оһох баарын уонна/эбэтэр киин сылытыы суоҕун туһунан ыспыраапка.

•  Баанньык баар буоллаҕына, тэхиньиичэскэй пааспара.

• Олорор дьиэни көрүүгэ-истиигэ, өрөмүөннээһиҥҥэ уонна хомунаалынай өҥөлөрүнэн хааччыйыыга төлөбүр докумуоннара («Объединенный платежный документ» систиэмэҕэ иһитиннэрии суох түгэнигэр). Сайабылыанньаны кытта ааспыт 12 ыйга хомунаалынай өҥөлөр төлөммүттэрин туһунан квитанциялары биэриэхтээххит. Ол суох эбэтэр электроннай ньыманан төлүүр буоллаххытына, дьиэни салайар хампаанньа “Объединенный платежный документ” сервискэ баарын-суоҕун көрөргүтүгэр сүбэлииллэр. Оччоҕо квитанциялары хомуйар наадата суох. Ити сервис e-yakutia.ru порталга баар.

Чэпчэтии сууматын хайдах ааҕабыт?

Поставщиктартан ый аайы ылар квитанцияҕыттан 30 бырыһыана ылыллар. Манна биир түгэн баар, сороҕор биир дьиэҕэ атын аймахтар эмиэ пропискалаах буолуохтарын сөп: эбэлэр, эһэлэр уо.д.а. Оннук түгэҥҥэ чэпчэтии элбэх оҕолоох ыал чилиэннэригэр эрэ көрүллэр: төрөппүттэргэ уонна оҕолорго. Ол  кэриҥин ааҕан баран, 12 ыйга орто кээмэйэ ылыллар. Тоҕо оччо элбэҕий? Билэргит курдук, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ «Якутскэнерго» тэрилтэ бастакы кыбаарталга хаттаан ааҕыыны оҥорор уонна ол кэриҥэ ити 30% кээмэйигэр улаханнык дьайыан сөп. Ол иһин ааҕыы сиэрдээх буоллун диэн 12 ыйы ааҕан таһаарарга быһаарыллыбыт. Онон бу 30% ый аайы баан каартатыгар түһүөҕэ. Ол харчынан ОДьКХ өҥөлөрүн (ханныгы таларгытын бэйэҕит быһаараҕыт) төлүүр буолуоххут. Сыл ааспытын кэннэ сайабылыанньаны уонна квитанциялары хаттаан биэриэхтээххит.

Чэпчэтии төлөбүрдэр кээмэйдэрэ мунньуллубут ороскуот 30 бырыһыаныттан кыра буоллаҕына, кэлин сайабылыанньа биэриигэ хат ааҕыы оҥоһуллуоҕа уонна бастакы кэмҥэ наадалаах суума төлөнүөҕэ.

 

Агентство сайабылыанньа регистрацияламмыт күнүттэн 14 үлэ күнүн иһигэр чэпчэтиини аныырын эбэтэр аккаастыырын туһунан быһаарыыны ылыахтаах. Ол гынан баран, ханнык эмэ иһитиннэрии суох буоллаҕына, болдьоҕо уһуон сөп.

 

СӨ Субсидияларын агентствота 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри сайабылыанньалары тутар. Ол эрээри ахсынньы 31 күнүгэр диэри киирбит сайаапкалар хаһан чопчу киирбиттэриттэн тутулуга суох, төлөбүр син биир балаҕан ыйыттан учуоттаан көрүллүөҕэ. Холобур, сайабылыанньаны сэтинньигэ биэрбиккит, оттон төлөбүр балаҕан ыйыгар биэрбит курдук оҥоһуллуоҕа. Салгыы 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн сайабылыанньаны биэрии бастакы ыйыттан миэрэлэр ыйыллыахтара, ол аата инники балаҕан ыйа-ахсынньы ыйдар чэпчэтиилэрин ылбаккыт.

Чэпчэтиини ыларга төрөппүттэр дохуоттара учуоттаммат. Ол эрээри бу 30% суумата дьиэ кэргэн дохуота курдук ааҕыллар, онон биир кэлим босуобуйаны ОДьКХ өҥөлөр субсидияларын ыларга дьайыан сөп. Онон бу чэпчэтиини ыларга болҕомтолоохтук сыһыаннаһыаххытын наада. Ол эбэтэр, холобур, ОДьКХ өҥөлөр төлөбүрдэрэ 1000 солк. уонна сылга уопсай дохуот 1 298 000 солкуобайтан үрдээбэт буоллаҕына, ортотунан бу 108 204 солк. Маннык түгэҥҥэ, ОДьКХ субсидиятын уонна биир кэлим босуобуйаны ылыахха сөп.

Оҕолор саастара эмиэ улахан суолталаах. Төлөбүрү 18 саастарын туолбатах уонна 23 саастарыгар диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр эбэтэр Арассыыйа аармыйатыгар сулууспалыы сылдьар оҕолордоох, элбэх оҕолоох ыаллар ылыахтарын сөп.

 

Агентство көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдаата:

— Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн чилиэннэрэ инбэлиит буолан, ОДьКХ иһин төлөбүрү ылаллар, ону кытта бу чэпчэтиини ылыахтарын сөп дуо?

— Ылыахтарын сөп. Бу — элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө миэрэтэ уонна ыал дохуотуттан тутулуга суох. Сүрүнэ диэн элбэх оҕолоох ыал статуһа баар буолуохтаах.

— Кыбартыыра төлөбүрүгэр иэс суох, оттон хапытаалынай өрөмүөҥҥэ баар буоллаҕына, ол чэпчэтиини биэрэр туһунан быһаарыыга дьайыа дуо?

— Дьайар, онон бастаан иэскитин төлөөн эбэтэр реструктуризация туһунан сөбүлэһиини түһэрсэн баран сайабылыанньаны биэрэргит ордук.

— Чэпчэтии төлөбүрэ «Саха сирин олохтооҕун каартатыгар» эрэ түһэр дуо?

— «Саха сирин олохтооҕун каартатын» СӨ элбэх оҕолоох ыаллара бары туһаналлар. Төлөбүр өссө “МИР” (Алмаасэргиэнбаан, Сбербаан, Россельхозбаан) каарталарыгар оҥоһуллар. Ол эрээри инникитин Саха сирин олохтооҕун каартатыгар эрэ оҥоһуллар буолуоҕа.

— Бу кыбартыыра хаһаайына буолбакка, куортамнаан олорор буоллахпына, чэпчэтиини туһаныахпын сөп дуо?

— Дьиэ/кыбартыыра хаһаайына буоларгытыттан тутулуга суох, сүрүнэ диэн бу дьиэҕэ пропискалаах буолуохтааххыт. Оттон ол отой суох буоллаҕына, быстах кэмнээх регистрацияны оҥороҕут.

— Дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө ороскуота сылын аайы уларыйар, саҥаттан ааҕыыга ол учуоттанар дуо?

— Сыл аайы саҥа сайабылыанньаны биэрэргитигэр хат ааҕыы оҥоһуллуоҕа.

— Гааска компенсация оҥоһуллар дуо? Чааһынай дьиэҕэ ууну водовоз массыынанан аҕалалларын уонна септик хачайданарын хайдах дакаастыахха сөбүй? (чааһынай дьоҥҥо мобильнай баанынан төлүүбүт)

— Гааһынан хааччыйыыга компенсация оҥоһуллар. Оттон уунан хааччыллыы суоҕун бигэргэтэргэ бөһүөлэк дьаһалтатыттан ыспыраапка ылан биэриэхтээххит. Ол баар буоллаҕына, биһиги СӨ Бырабыыталыстыбатын 446№-дээх уурааҕар олоҕуран үлэлиибит. Дьиэ кэргэн бөҕү-сыыһы таһыы төлөбүрүн бэчээттээх квитанцияларынан бигэргэтэр: хааччыйааччы реквизиттэрин (ИП, самозанятай), таспыт күнүн, дьиэ аадырыһын, бөх-сах кээмэйин (куб) ыйар. Мобильнай баанынан төлөбүр туһунан чек бигэргэтэр докумуон буолбатах.

—Мин биир аадырыска пропискалаахпын, оттон оҕолорум атын аадырыска буоллахтарына, чэпчэтии ылар кыахтаахпын дуо?

—Сайабылыанньа биэрэргитигэр пропискаланан олорор дьиэҕитин-уоккутун ыйан биэрэҕит. Өскөтүн кэргэҥҥитин кытта арахсыбыт буоллаххытына, оҕолору кытта олорор төрөппүт сайабылыанньа биэриэхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...