05.07.2024 | 17:21

Элбэх оҕолоох ыаллар 1-11 кылаас үөрэнээччилэригэр босхо бырайыас көрүлүннэ

Элбэх оҕолоох ыаллар 1-11 кылаас үөрэнээччилэригэр босхо бырайыас көрүлүннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар 1-11 кылааска үөрэнэр оҕолоро балаҕан ыйын 1 күнүттэн ыам ыйын 31 күнүгэр диэри муниципальнай уопсастыбаннай тырааныспарынан айаннарын төлөбүрүн сорох чааһын социальнай өйөбүл быһыытынан муниципалитеттар уйунар буолуохтара.
Төлөбүр муниципальнай тэриллии уопсастыбаннай тырааныспарын электроннай систиэмэтигэр холбоммут үөрэнээччи тус тырааныспар каартатын нөҥүө оҥоһуллар. Чуолаан бу каартанан үөрэнээччи ыйга 96 төгүл босхо айанныыр, 97-с айаныттан саҕалаан тус харчытынан сылдьар.
2024 сыл кулун тутар 28 күнүнээҕи чахчынан, Дьокуускай куоракка 10 901 элбэх оҕолоох ыал, ол иһигэр 16 160 оскуола үөрэнээччитэ (1-11 (12) кылаастар) бэлиэтэнэн турар.
Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин бирикээһин кытта сиһилии манна билсиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....