Элбэх оҕолонууну судаарыстыба өйүүр
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быйылгы Федеральнай мунньахха туһаайан этиитигэр кэлэн иһэр 6 сылга оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтэ үрдүүрүн ситиһэргэ оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр миэрэлэри элбэтэргэ сорук туруорбута. 2030 сылга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр дьадайыыларын көрдөрүүтэ икки төгүл түһүөхтээх.
Намыһах дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ биир кэлим босуобуйа олохтоммута. Ааспыт сыл бу босуобуйанан 11 мөлүйүөнтэн тахса киһи туһаммыта бэлиэтэммит.
Социальнай хантараагы түһэрсии судургутуйда, бу миэрэ инникитин өссө кэҥиэхтээх. Маныаха 100 миллиард солкуобай эбии үп ирдэнэр эбит.
Эбии көмөлөр киириэхтэрэ
Муус устарга буолан ааспыт Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр эбии миэрэлэр туһунан этиллибитэ:
– Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ анаан дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар чэпчэтиилэр киириэхтэрэ. Маныаха төһө суума көрүллэрэ билиҥҥитэ чуолкайдана илик.
– Элбэх оҕолоох ыал оҕолоро хаһыс кылааска үөрэнэллэриттэн тутулуга суох оскуолаларга итии аһылыгынан босхо хааччыллыахтара. Билигин дойду үрдүнэн 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ босхо аһыыр бырааптаахтар.
– Элбэх оҕолоох ыал чилиэннэрэ уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айанныахтаахтарын туһунан Ил Дархан быһа эпииригэр этэн турар. Бу куоракка эрэ буолбакка, улуустарга эмиэ киириэхтээх.
– “Саха сирин эдэр олохтооҕо” каартанан оҕолор, ол иһигэр элбэх оҕолоох ыал оҕолоро өрөспүүбүлүкэ иһигэр култуура тэрилтэлэригэр босхо сылдьар кыахтаныахтара.
– Оскуоланы бүтэрэр, колледжка киирэр элбэх оҕолоох ыал оҕотугар судаарыстыбаттан 50 тыһ. солк. суумалаах көмө көрүллэр буолуоҕа.
Федеральнай таһымҥа
Биир кэлим ыйдааҕы босуобуйаны 12 нэдиэлэтигэр диэри учуокка турбут хат дьахталлар уонна 17-гэр диэри саастаах оҕолоох тѳрѳппүттэр ылаллар.
Босуобуйаны аныырга дьиэ кэргэн биир киhиэхэ орто дохуотун кээмэйэ субъекка олох таһымын алын кээмэйин аhарыа суохтаах. Дохуот быһыытынан хамнас, биэнсийэ, истипиэндьийэ, социальнай босуобуйалар, бааҥҥа уурунууттан уонна сүүйүүлэртэн дохуот, үбү-малы атыылааhынтан уонна туттарыыттан киирбит дохуот барыта киирэр. Тѳрѳппүттэртэн биирдэстэрэ мобилизацияламмыт буоллаҕына, кини дохуота учуоттаммат.
Харчынан дохуот эрэ буолбакка, дьиэ кэргэн бас билэр үбэ, хамсаабат баайа-дуола барыта сыаналанар.
10 уонна онтон элбэх оҕолоох ыал ийэтэ «Дьоруой-ийэ» ааты ылар уонна киниэхэ 1 мѳл. солк. туттарыллар.
7 уонна онтон элбэх оҕолоохторго “Тѳрѳппүт албан аата” уордьан, 500 тыh. солк. бэриллэр.
4 уонна онтон элбэх оҕолоохторго «Тѳрѳппүт албан аата» уордьан мэтээлин, 500 тыh. солк. туттараллар.
Быйылгыттан элбэх оҕолоох ыал дойду үрдүнэн куруортарга уонна гостиницаларга чэпчэтиилэринэн туһанар кыахтаныахтара.
Оҕолоох дьиэ кэргэттэр чэпчэтиилээх ипотека ылаллар. Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ, ипотека сабыытыгар көрүллэр 450 тыһ. солк. субсидия бэриллэр бырагыраамата салҕыы үлэлиир.
Дьиэ кэргэҥҥэ 18 саастарын туола илик үстэн элбэх оҕо, кыралара 14 сааһыттан балыс буоллаҕына, сыл аайы бэриллэр уоппуска төрөппүккэ хаһан баҕарбыт кэмигэр бэриллиэхтээх.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ нолуоктан көҕүрэтии улаатыаҕа. Ол курдук, бастакы оҕоҕо – 1400 солк, 2800 – иккискэ, 6000 – үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго.
Бас билиигэ баар биир учаастак иэниттэн 600 кв.м. кадаастыр сыанатыттан сир нолуогар көҕүрэтии оҥоһуллар. Хамсаабат баайга-дуолга эбии нолуокка көҕүрэтии оҥоһуллар. Хас биирдии 18 сааһын туола илик оҕоҕо дьиэ уопсай иэниттэн 7 кв.м., кыбартыыраҕа 5 кв.м. кадаастыр сыанатыттан биир эбийиэккэ көрүллэр.
Ийэ хапытаалын суумата бастакы оҕоҕо 630 тыһ. солк., иккискэ – 202 тыһ. солк.
Саха сирин таһымыгар
2022 сылтан оҕо төрөөтөҕүнэ “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал киирбитэ – хаһыс оҕотуттан, ыал дохуотуттан тутулуга суох, төрөөбүт оҕоҕо барытыгар бэриллэр. Төрөппүттэр Арассыыйа гражданнара уонна Саха сирин олохтоохторо буолуохтаахтар. “Үйэ оҕолоро” хапытаал 2027 с. түмүктэниэр диэри уһаата.
Бастакы оҕо күн сирин көрдөҕүнэ, биирдэ бэриллэр төлөбүр көрүллэр. Ол кээмэйэ олох таһымын алын кээмэйин иккигэ төгүллээбиккэ тэҥнэһэр.
Иккис оҕоҕо эрэгийиэннээҕи “Ийэ хапытаала” баар. Үһүс уонна онтон төрөөбүт оҕоҕо “Дьиэ кэргэн” ийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаала бэриллэр.
2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн элбэх оҕолоох ыаллар сир учаастагын оннугар уу харчынан 200 тыһ. солк. ылыахтарын сөп.
Үөрэнээччи таҥаһын ылыыга көмө көрүллэр. Бу өҥөнөн үстэн элбэх оҕолоох уонна тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыаллар туһаналлар. Төлөбүрү хас биирдии үөрэнээччи ылар. Ыал дохуота уонна оҕотун ахсаана учуоттанар. Сүрүн ирдэбил – үс оҕо үһүөн 18 саастарын ситэ илик буолуохтаахтар. Эбэтэр үөрэнээччилэри таһынан, күнүскү үөрэххэ үөрэнэр 23-гэр диэри саастаах устудьуон баар буолуохтаах. Төлөбүрү сыл аайы ылыахха сөп.
Элбэх оҕолоох ыал дьиэтин гаас ситимигэр холбоноругар көрүллэр көмө баар – 150 тыһыынча солк. Бу көмөнү дьиэҕэ гаас турбатын тардыыга, тиэргэн иһинээҕи гаас ситимин тардыыга, гаас хочуолун атыылаһыыга, гаас билиитэни туруорууга, счетчигы, радиатордары, турбалары атыылаһыыга, гааһы холбуур үлэ өҥөтүн төлүүргэ, сылытар систиэмэни таҥыыга туттуохха сөп.