19.10.2021 | 10:00

Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллыаҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга 50 сыл анараа өттүгэр тутуллубут Ленин пр. 11 элбэх кыбартыыралаах дьиэ истиэнэтин бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллыаҕа уонна сэтинньи ыйыгар диэри түмүктэниэҕэ. Өрөмүөн Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын Резервэтин пуондатыттан үбүлэнэр. Бу туһунан куорат баһылыгын территориялары сайыннарыыга бастакы солбуйааччыта Алексей Корнилов иһитиннэрбит. 
Элбэх кыбартыыралаах дьиэ истиэнэтин бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэ киин куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын уонна баһылыгын Евгений Григорьев ураты хонтуруолугар сылдьар. 
«Дьиэ деформацияламмыта бэлиэтэммит күнүттэн ураты хонтуруолга сылдьар. Бүгүҥҥү күҥҥэ истиэнэтэ сууллар кутталлаах, ол иһин билигин сүрүн сорукпут – истиэнэни бөҕөргөтүү», – диэн бэлиэтээтэ  Алексей Корнилов. «ЯкутПНИИС» АУо оҥорбут бырайыага бу күннэргэ бэлэм буолар. 
«Департамент жилищных отношений» МХТ дириэктэрэ Мария Павлова иһитиннэрбитинэн, дьиэҕэ 189 гражданин регистрацияламмыт. Ити тэрилтэ үлэһиттэрэ салайар хампаанньа бэрэстэбиитэллэрин кытта кыбартыыралары кэрийэн көрбүттэр, олохтоохторго кылгас болдьоххо тахсалларын курдук сэрэтиини туттарбыттар, барытын быһаарбыттар. Өрөмүөн кэмигэр ханна да барар сирдэрэ суох дьону маневреннай пуондаҕа олордорго бэлэмнэр.  Бэлиэтээн эттэххэ, РФ Олох-Дьаһах кодексатыгар олоҕуран, ыксаллаах быһыы-майгы усулуобуйатыгар олохтоохторго өрөмүөн үлэтэ бүтүөр диэри маневреннай пуондаҕа олорор быраап баар. 
Куорат баһылыга Евгений Григорьев 1990 сылга диэри тутуллубут таас дьиэлэри барыларын бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...