10.11.2021 | 14:00

Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэ түмүктэнэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат Ленин проспегын 11 №-гэр баар элбэх кыбартыыралаах дьиэ истиэнэтин бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэ түмүктэнэн эрэр. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Олохтоохтор быһа холоон сэтинньи 16-17 күннэригэр кыбартыыраларыгар төннүөхтэрин сөп. Ити туһунан дьиэ өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээһиҥҥэ куорат баһылыга Евгений Григорьевка «Главстрой» МХТ дириэктэрин хапытаалынай тутууга солбуйааччы Василий Румянцев иһитиннэрдэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «Сантехстрой 2008» ХЭТ таһынааҕы истиэнэни уонна ситэрэр, тупсарар үлэни оҥорор.
Ыытыллыбыт чинчийии түмүгүнэн «ЯкутПНИИС» АУо бэрэстэбиитэллэрэ дьиэ сууллар куттала суох диэбиттэр. Экспертэр уҥа истиэнэни тутар эркини ортонон сыаналаабыттар уонна акылаат түһүүтүн бэлиэтээбиттэр.
«Өрөмүөн уҥа истиэнэҕэ хайдыбыт өттүттэн саҕалаан оҥоһулунна, акылааты тыыппатыбыт. Кирпииччэ ууну оборор, дьиэ анныгар уу мустар, ол иһин сиик бастакы этээс сорох кирпииччэлэрин алдьаппыт, эркин үс аҥыы арахсыбыт. Быйыл интституппут таһынааҕы истиэнэни, дьиэ сарайын уонна акылаатын чинчийиэҕэ», – диэтэ «ЯкутПНИИС» АУо бырайыактыыр салаатын кылаабынай инженерэ Наталья Семенова.
Евгений Григорьев олохтоохторго уонна «Модуль сервис» ХЭТ Салайар хампаанньаҕа истиэнэҕэ алдьанарын хонтуруоллуур курдук тутуу маячоктарын туруорарга сүбэлээтэ. Баһылык бэлиэтээбитинэн, кэлэр сылга манна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөнү ыытар Пуонда үлэлиирэ былааннаммыт.
Санатар буоллахха, элбэх кыбартыыралаах дьиэ истиэнэтин бөҕөргөтөр-чөлүгэр түһэрэр үлэ саҕаланыаҕыттан киин куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын уонна баһылыгын Евгений Григорьев ураты хонтуруолугар сылдьар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...