29.04.2021 | 10:09

Элбэх үбүлүөйдээх Национальнай бэчээт күнэ киэҥник бэлиэтэниэ

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Кулун тутар 17 күнүгэр Ил Дархан ыйааҕынан быйылгы элбэх үбүлүөйдээх Национальнай бэчээт күнэ киэҥник бэлиэтэнэр дьаһала тахсыбыта, тэрийэр кэмитиэт испииһэгэ оҥоһуллубута. Онон элбэх тэрээһин ыытыллыахтаах. Бу туһунан бэҕэһээ Суруналыыстар сойуустарын көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ буолбут төгүрүк остуолга ирэ-хоро кэпсэтии буолла. 
Быйыл сахалыы бастакы хаһыат тахсыбыта 100 сылын туолуоҕа. Дьокуускайга типография үлэтин саҕалаабыта 160 сылын бэлиэтиибит. Уруккута “Бичик” кинигэ кыһата, билиҥҥитэ “Айар” акционернай уопсастыба буолбут тэрилтэ кинигэлэри таһааран саҕалаабыта 90 сыла буолар. Итинэн элбэх үлэ барыаҕа. Телевидениеҕэ документальнай хроника, кинигэлэр оҥоһуллуохтара. Сотору бэчээт бэтэрээннэрин Намҥа, М.К. Аммосов аатынан Судаарыстыбаннас музейыгар десаҥҥа ыытыахтара. Оттон сайын Исидор Барахов төрөөбүт дойдутугар, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар таарыччы от күүлэйигэр үлэлии сылдьар суруналыыстары илдьэр былаан баар.  
Ити туһунан мустубут дьоҥҥо Суруналыыстар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Г.А. Бочкарева, СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларыгар министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Станислав Пантелеймонович Софронов сиһилии кэпсээтилэр. Кинилэр “Земскэй суруналыыс” диэн сокуон бырайыагын биһиги кэллиэгэбит М.Н. Христофорова Ил Түмэҥҥэ тиһэҕэр диэри туруоруста, кумааҕы бэчээт тыыннаах хааларыгар үгүс үлэни ыытта диэтилэр.  
Урукку өттүгэр “Манчаары” хаһыаты салҕааччы аатын ыларга былдьаһыы баара. Итинник арахсыбакка, бары бииргэ сомоҕолоһон, айымньылаахтык үлэлииргэ ыҥырдылар.  
Маны таһынан ыам ыйын 1 күнүттэн “Уһун Дьурантаайы-2021” куонкурус биллэриллэрин иһитиннэрдилэр. Бэс ыйын 1 күнүгэр диэри ааптардартан үстүү үлэни ылаллар. Национальнай бэчээт күнүгэр аналлаах тэрээһин, дьаҥ-дьаһах мэһэйдээбэтэҕинэ, “Үс Хатыҥ” ытык сиригэр ыытыллыаҕа.  
Сыл бүтүүтэ үөһэ этиллибит үбүлүөйдэри холбоон, Национальнай бэчээт күнүн Опера уонна балет театрыгар бэлиэтиир былаан баар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...