16.07.2021 | 13:00

Егор Филиппов «Хаҥалас Бочуоттаах гражданина» буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дыгын Оонньууларын биэс төгүллээх, өрөспүүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэр хас да төгүллээх кыайыылаахтара Егор Филипповка «Хаҥалас Бочуоттаах гражданина» аат иҥэрилиннэ. 
Ол туһунан спортсмены үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээһиҥҥэ оройуон баһылыга Олег Иринеев иһитиннэрдэ. 
«Биһиги Егор Анатольевич Филипповы оройуон киэн туттуутунан уонна спорт, чөл олох пропагандиһынан ааҕабыт. Егор Филиппов араас күрэхтэһиилэргэ элбэхтик Хаҥалас улууһун чиэһин көмүскээбитэ. Хаҥаластарга биир дойдулаахпытын бэһис төгүлүн Дыгын Оонньууларын үрдүк чыпчаалыгар көрөр улахан дуоһуйууну аҕалла», - диир Олег Иринеев.
Егор Филиппов – Саха сирин ыччакка политикатын туйгуна, «Саха сирин физкултууратын уонна спордун сайдыытыгар кылаатын иһин»,  «Хаҥалас улууһун  социальнай-экономическэй сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайыннара, итини таһынан киниэхэ «Синскэй сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо» уонна «Почетный потомок государевых ямщиков Якутии» ааттар иҥэриллибиттэрэ. 
Итини сэргэ чулуу спортсмеҥҥа оройуон уонна нэһилиэктэр баһылыктарын ааттарыттан «Лада Гранта» массыына күлүүһүн туттардылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...