Егор Борисов пресс-конференциятыттан
Бу күннэргэ сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ Украинаҕа буола турар быһыынан-майгынан сылтаҕыран арҕааҥы дойдулар улахан сөмөлүөттэргэ хааччах киллэрэр былааннаахтарын туһунан иһитиннэрдилэр. Кулун тутар 1 күнүгэр ыытыллыбыт пресс-конференцияҕа Федерация Сэбиэтин аграрнай-политическай бэлиитикэтигэр уонна айылҕа баайын туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов ити уонна да атын гражданнары долгутар ыйытыктарга хоруйдаата.
«Бу боппуруоска Росавиация уонна РФ тырааныспарын министиэристибэтэ үлэлэһэ сылдьаллар. Арассыыйаҕа билигин баар авиахампаанньалар пааркалара сүрүннээн Америка уонна Франция дойдуларыттан кэлбит сөмөлүөттэртэн турар. Улахан сөмөлүөттэр бары кэриэтэ лизинг нөҥүө, атыннык эттэххэ харчыга уларсык сылдьаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ сөмөлүөттэри күн-сарсын төннөрүҥ диэн кытаанах этии суох. Ол эрээри сэрэтии быһыытынан дойдулар иһитиннэрдилэр. Саха сирин туһунан этэр буоллахха, манна бырабыыталыстыбабыт үлэлэһэ сылдьар. Маннык балаһыанньа тахсар түбэлтэтигэр “Якутия” авиахампаанньа түөрт-биэс сөмөлүөтүн сүтэрэр кыахтаах. Ол эрэн дьону таһарын тохтотуо суоҕа, тоҕо диэтэргит, хампаанньабыт үгүс сөмөлүөтэ Арассыыйаҕа оҥоһуллубуттар. Тас дойдуларга көтүү хааччахтаммытынан сибээстээн авиахампаанньалар дойду иһигэр көтөр соруктаныахтара, онон дьон-сэргэ улаханнык оҕустарыа суоҕа дии саныыбын», – диир Егор Борисов.
Өссө биир нэһилиэнньэни долгутар ыйытык толору хоруйу ылла. Ол – ас-үөл сыанатын үрдээһинэ.
«РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сыана үрдээһинин хонтуруоллааһын, аһынан-үөлүнэн хааччыныы, онтон да атын тустарынан этэн турар. Саха сирин туһунан этэр буоллахха, региоммытыгар сыана эмискэ үрдээһинэ тахсыа суохтаах дии саныыбын. Өскөтүн хааччахтар уһаан, балаһыанньа уустугурдаҕына, сыана тахсар да буоллаҕына, ити төһө кыалларынан бытааннык барыан наада, нэһилиэнньэ эмискэ оҕустарбатын курдук. Дьиҥэр, Саха сиригэр аспытын-үөлбүтүн мунньан баран атыылыыр буоламмыт, сыана бытааннык тахсарын хонтуруоллуур кыахтаахпыт. Арай олохтоох табаардарга сыана үрдээһинэ хааччахтары киллэрииттэн тутулуга суох. Холобур, ынах арыытын сыаната үрдээбитэ чопчу бу табаарга дефицит баар буолбутун көрдөрөр. Түмүктээн эттэххэ, нэһилиэнньэ күннээҕи туттар малын-салын, аһын-үөлүн сыаната эмискэ үрдээбэтин хонтуруоллааһын баар буолуоҕа» – диэн сенатор тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.