Үөһээ Бүлүү баһылыга Владимир Поскачин: "Социальнай судаарыстыбаҕа олорорбутун умнумуохха"
Владимир Поскачин, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга:
– Биир эрэ үйэ анараа өттүгэр, ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕана сахалар олохпутун билиҥҥи олоҕу кытта тэҥнээн көрүҥ эрэ. Оччотооҕуга биһиэхэ туох да гражданскай быраап диэн суоҕа, инородец диэн ааттанан, хотторбут омук быһыытынан дьаһаах төлүүр эрэ эбээһинэстээх улаханнык атаҕастаммыт дьон этибит. Социальнай көмө, биэнсийэ диэннэри түһээн да баттаппат буоллахпыт.
1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн, ордук чуолаан, Автономнай Өрөспүүбүлүкэ статуһун ылан баран, дьэ тэҥнээх дьон курдук сананан, баччааҥҥа диэри тиийэн кэллэхпит. Автономияны ылыыга уонна бастаанньаны тохтоппут амнистияны биллэриигэ Исидор Барахов уһулуччу оруоллааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кини Лебедев "триумвиратын" былаастан туораппатаҕа буоллар, биһиэхэ кинилэр соҥнообут автономнай уобалас эрэ статуһун биэриэхтээхтэр этэ.
Өрөспүүбүлүкэ буоламмыт, ССРС ыһылларын саҕана бастакы бэрэсидьиэммит М.Николаев федеральнай киини кытта тэҥҥэ кэпсэтэр кыахтааҕа. Ол да иһин оччотооҕу "Якуталмаз" ПНО диэн тэрилтэни тэҥҥэ үллэстэр, "АЛРОСА" хампаанньаны тэрийэр кыахтаммыппыт. Ол баччааҥҥа диэри үп-харчы киллэрэ турар биир баараҕай тэрилтэбит буолар.
Тоҕо итини барытын кэпсээтиҥ диир буоллаххытына, туох барыта тэҥнээн көрүүттэн өйдөнөр. Биһиги социальнай судаарыстыбаҕа олорорбутун сороҕор адьас да умнан кэбиһэбит. Били "ылар илии билбэт, биэрэр илии билэр" дииллэригэр дылы. Аҥаардас бу биһиги, үөһээ бүлүүлэр, бу судаарыстыбаттан төһөнү туһанан олорорбутун санаан көрүөххэ эрэ. Кэнники уонча сылга тутуу бөҕө барда, оройуон киинигэр эрэ буолбатах, туох баар нэһилиэктэргэ барытыгар. Сорохторго суол, сорохторго оскуолалар, детсадтар, култуура кииннэрэ, спортзааллар, ФАП-тар, уопсай дьиэлэр тутулуннулар. Эдэр ыаллар дьиэ туталларыгар көмө бөҕө. Оптика утаҕа тардылынна. Эргэрбит, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн саҥа таас дьиэҕэ көһөрүү курдук үлэлэр бара туралларын хараҕа суох эрэ көрбөт ини.
Маннык балысхан сайдыы Путин дойдуну салайан олордоҕуна буолла ээ. Арассыыйа социальнай хайысхалаах судаарыстыба буоларын быһыытынан. Мин көрөрбүнэн, саха омуга саамай баайдык-тоттук олорор кэмэ бу билиҥҥи кэм. Сэбиэскэй саҕана эмиэ син дьон туһугар диэн этэ да, маҕаһыынын уочаратын, эккэ, арыыга, бэл, арыгыга толуон баарын санаан ааһыахха сөп. Билигин баҕалаах, кыахтаах, сүрэхтээх үлэһит киһи олоҕун оҥосторо, дьиэлэнэрэ-уоттанара, массыыналанара, ханна баҕарар баран кэлэрэ судургу.
Конституцияҕа киирбит уларытыылары ырыта барбаппын, саамай сүрүнэ, өрөспүүбүлүкэлэр статустара, тылбыт-өспүт сайдара өссө чиҥэтиллэн бэлиэтэннэ.
Мин санаабар, Төрүт сокуоҥҥа киирбит уларыйыылары нуучча норуота син биир ылынар. Оччотугар бу куоластааһын биһиги омукка "тест на лояльность" буолан тахсарыгар тиийэр. Путины төһө өйүүрбүт көстөн тахсар. Ама да бырыһыаммыт уопсай ахсааҥҥа адьас кыратын да иһин, хас бырыһыан киһи кыттыбыта уонна хас бырыһыан өйөөбүтэ москвалар болҕомтолорун сүрдээҕин тардыаҕа. Билигин, үп-харчы бүддьүөккэ уруккутааҕар аҕыйах кэмигэр ити тутуллуохтаах Өлүөнэ өрүһү туоруур муостабыт, онкодиспансер, кардиологическай киин курдук хастыы эмэ миллиардаах тутууларбыт тустарынан санаан туран куоластыахха наада дии саныыбын. Путин баарыгар тутуллан хаалаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Билиҥҥи тирээн кэлбит балаһыанньаҕа, аан дойду атыйахтаах уу курдук айманан эрдэҕинэ, "лошадей на переправе не меняют" диэн өс хоһоонун санаан туран, бу куоластааһыҥҥа "ДА" диэҥҥэ бэлиэ туруоруҥ диэн ыҥырабын!