«Единая Россия» десана ойуур баһаарын умуруорууга
«Единая Россия» баартыйа салаатын исполкомун чилиэннэрэ этэрээт тэринэн Горнай улууһун Маҥарас сэлиэнньэтин аттынааҕы баһаары умуллара бардылар.
Десант салайааччылара – «Единая Россия» баартыйа Дьокуускайдааҕы салаатын сэкэрэтээрэ Альберт Семенов уонна Толорооччу сэкэрэтээрэ Петр Спиридонов. Баҕа өттүнэн барааччылар этэрээттэрэ баһаарга үс күн үлэлэһиэҕэ.
Этэрээти нэһилиэк баһылыга Владимир Текеянов көрсүбүт. Баһаары кытта идэтийбит охсуһааччылар куттал суох буолуутун инструктааһын ыыппыттар уонна сыалы-соругу чопчу быһаарбыттар.
Быһаччы кыттыыларын сэргэ исполком чилиэннэрэ харчы хомуйбуттар. Онно «Единая Россия» баартыйа фракциятын чилиэннэрэ куораттааҕы Думаттан, Олохтоох политсовет чилиэннэрэ уонна первичнай салаалар сэкэрэтээрдэрэ кыттыспыттар.
Хомуллубут харчынан туттар тэрили – лаппаахылары, сүгэлэри, эрбиилэри уо.д.а., сөптөөх таҥаһы, респиратордары, мааскалары, бэрчээккилэри, аптечкалары, палааткалары, ууну уонна бородууктаны атыыласпыттар.