16.04.2022 | 14:00

Эдьигээҥҥэ талааннаах оҕолору көрдүүр экспедиция үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ талааннаах оҕолору көрдүүр экспедиция үлэлээтэ
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыга Айсен Николаев талааннаах оҕолору кытта үлэни күүһүрдэр туһунан 2019 сыллаахха таһаарбыт дьаһалын олоххо киллэриигэ тэрийэр-көҕүлүүр үлэ хото ыытыллар.

Наукаҕа, искусствоҕа, спорка эдэр талааннары көрдүүр Үөрэхтээһин экспедицията муус устар 7-11 күннэригэр Эдьигээн улууһугар үлэлээн кэллэ. Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев сиригэр-дойдутугар 12 киһилээх экспедицияны спорт министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Спорка солбугу бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрэ Василий Иванович Егоров, дириэктэри солбуйааччы Аграфена Львовна Колесова салайан илдьэ сырыттылар.

Анал идэлээх үлэһиттэрдээх экспедицияны спорка чугас сыһыаннаах улуус баһылыга, хотугу многоборьеҕа спорт маастара, Манчаары оонньууларын, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын чөмпүйүөнэ, призера Василий Николаевич Сорокин, баһылык 1-кы солбуйааччыта Дмитрий Гаврильевич Татаринов, социальнай хайысхаларга баһылыгы солбуйааччы Константин Сергеевич Овчинников уонна улуус атын эппиэттээх үлэһиттэрэ көрүстүлэр.

Талааннары көрдүүр-булар сырыы-айан Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын (ген.дир. В.А. Егоров) үбүлээһининэн былырыын саҕаламмыта. Уус Алдан, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Кэбээйи, Өймөкөөн, Ньурба улуустара хабыллыбыттара. Быйыл Өлөөҥҥө сырыы буолбута. Муус устар 18-20 чыыһылаларыгар Муомаҕа барыы, онтон кэлэр күһүн-кыһын Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Орто Халыма оройуоннарыгар сырыылар күүтүллэллэр. Былырыын сэттэ улууска 45 нэһилиэк, уопсайа 6,5 тыһ. оҕо экспедиция илиитин иһинэн ааспыттара.

Испииһэккэ киирбит оҕолору кытта үлэ салгыы күүскэ барар. Ыытыллыбыт үлэ сүнньүнэн “Спорт” хайысхатыгар балаҕан ыйыгар икки оҕо Олимпийскай эрэл училищетыгар, биир оҕо Чурапчытааҕы Д.П. Коркин аатынан спорт оскуолатыгар тустуу салаатыгар ылыллыбыттара. 15 оҕо бу кэлэр күһүн интэринээттэрдээх Чурапчы, Бэрдьигэстээх, Сунтаар Олимпийскай эрэл спорт оскуолаларыгар киирээри олороллор. Уонна сүүһүнэн оҕо спорт 14-түү хонуктаах сменаларыгар муус устарга, ыам ыйыгар, атырдьах ыйыгар анал үөрэтиини, дьарыгы ааһыахтара. Ити кылгас болдьохтоох профильнай сменаларга тиийбит оҕолор музыканан, науканан, спордунан эрэ дьарыктамматтар, эбии английскай тылга, программированиеҕа, тыл этии, араатар искусствотыгар уонна араас куруһуоктарга сылдьыахтара, билиилэрин-көрүүлэрин, иҥэринэ сылдьар дьоҕурдарын сайыннарыы ньымаларыгар уһуйуллуохтара. Бары өттүнэн эргиччи дэгиттэр сайдыылаах оҕону бэлэмниир саҥа тэриллибит Сочига баар Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сириус” аан дойдутааҕы макетынан Хаҥалас оройуонугар Өктөмҥө тутуллубут Кииҥҥэ анал үөрэтиини, бэлэмнэниини, буһууну-хатыыны ааһыахтара. Киин үөрүүлээхтик аһыллыыта муус устар 12 күнүгэр буолла. Сылы эргиччи наукаҕа, искусствоҕа, спорка дьоҕурдаах оҕолору ыҥыран дьарыктааһын, үөрэтии ыытыллыаҕа. Үөрэнэр, дьарыктанар кэмнэригэр оҕолор толору государственнай хааччыллыыга киириэхтэрэ.

Бу сырыыга экспедиция үлэһиттэрэ Эдьигээн улууһугар Кыстатыам, Баахынай, Бэстээх нэһилиэктэрин уонна Эдьигээн бөһүөлэгин оскуолаларын 5-6, 7-8 кылаастарга үөрэнэр оҕолорун тургутан көрдүлэр, учууталлары, төрөппүттэри кытта кэпсэттилэр. Маастар-кылаастар, эт-сиин сайдыытыгар тестированиелар, математикаҕа уонна физикаҕа хонтуруолунай үлэлэр ким-туохха дьоҕурдааҕын быһаардылар. Бастыҥнар өрөспүүбүлүкэ олимпийскай солбук анал спортивнай оскуолаларыгар, Наука дьоҕус академиятыгар үөрэххэ ылыллаллар. Суолтата, эппиэтинэһэ улахан. 

Оҕо салгыы сайдарыгар кыахтары үөскэтэр сыаллаах-соруктаах экспедиция үлэтин  төрөппүттэр сэҥээрэллэр, оҕолорун салгыы сайыннарыахтарын баҕалара улахан. Оҕолорун өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар ыытыахтарын баҕалаах төрөппүттэр элбэхтэр. Хоту сир оҕолоро сирэйдиин-харахтыын айылҕаҕа чугастара биллэр. Сылбырҕалар, чобуолар, кэпсэтинньэҥнэр. Үгүстүк таһырдьа ыраас салгыҥҥа сылдьаллара, оонньууллара көстөр. Оскуолалар тэрээһиннэринэн уонна төрөппүттэрин кытта бултуур, балыктыыр, дьонноругар көмөлөһөр буоланнар, эт-сиин өттүнэн тэтиэнэхтэр, кыаналлар. Оҕолор скакалканан ойууну ыарырҕаппаттар, үчүгэйдик баһылаабыттар. Анньыныыны чэпчэкитик оҥороллор.

Маастар-кылаастар кэмнэригэр ордук Чурапчыттан тренер Ануфрий Егорович Аржаков  тустууну ыытарын, Сунтаартан Ньургуйаана Дьулустаановна Петрова оҕунан ытыытын, “Модунтан” Ким Викторович Иванов атаҕын оонньуутун – учууталлар, үөрэнээччилэр күргүөмүнэн сэҥээрэ көрдүлэр.

Ахсыс кылаас үөрэнээччитэ Люба Соломонова: “Сүүрэрбин, ыстанарбын сөбүлүүбүн. Скакалкаҕа биир мүнүүтэҕэ 146 ойууну оҥордум, тутум эргиири 22 оҥорон бараммын халтарыйаммын охтон хааллым. Аҕабын кытта балыкка сылдьабын, кустааччыбын. Илими көрөбүн, балыктары илимтэн араарабын. Таба сүүрдүүтүгэр кыттабын. Оҕолору көрө маннык сыл аайы кэлэллэрэ буоллар, талааннарын кистээбэккэ таһаарыа этилэр. МЧС үлэһитэ, байыаннай буолуохпун баҕарабын”, - диэн санаатын үллэһиннэ.

Тустууга дьоҕурдаах игирэ уолаттар бааллар. Миша Соломонов нэдиэлэ курдук эрэ тустуунан дьарыктаммыт эрээри, имигэс, иҥиир-ситии уонна түргэн буолан, тренер оҥорторор албастарын, эргийэр-урбайар уустук хамсаныыларын, мостиктары ыарырҕаппакка толортуур. Саша Соломонов тустарын сөбүлүүр, детсад саҕаттан тустар эбит. Чурапчыга ыыталларыгар эрэлин биллэрэр: “Иккиэн барыахпыт. Маастар-кылааһы сөбүлээтим. Манна уолаттар тустууга үчүгэйдэр, дьарыга да суох кыайааччылар. Олимпийскай чемпион буоларга бэриллибит шансы куоттарымыахха наада дии саныыбын”. Гиирэ спордунан дьарыктанар Данил Винокуров 68-та муостаттан анньынна, биир мүнүүтэҕэ 156-та скакалкалаата.  “Хара” үлэттэн туора турбат. Аҕатын уҥа илиитэ – булка, балыктааһыҥҥа, ону-маны илдьиигэ-аҕалыыга көмөлөһөр, оллоон туруоран, уот уматан күөһү-чэйи кэбэҕэстик буһарабын диир. Бултааһын сокуоннарын тутуспат дьону уодьуганныыр егерь буолуон баҕалаах. 

Баахынайга төрдүс кылаас үөрэнээччитэ Сайаан Ксенофонтов миэстэттэн 2 м 09 см ырааҕы ыстанна. Айсен Софронов 30 см үрдүктээх 1000 наартаны сүр чэпчэкитик үрдүнэн ойуолуур. Эдьигээҥҥэ бастакы кылааска үөрэнэр 8 саастаах Сайаан Иванов 50 приседаниелаата уонна тута муостаттан 30-та анньынна. Тустууга маастарга кандидат аҕата Валентин Васильевич Иванов уһуйара, уолун дьарыктыыра хайҕаллаах. Виталий Сазонов Арассыыйа футбольнай хамаандатыгар ылыллыбыта эмиэ сэдэх көстүү.

Оҕо эт-сиин өтүүнэн сайдыыта материальнай базаттан тутулуктаах.

Баахынайга, Бэстээххэ спортивнай саалалар суохтар. Эргэ оскуолаларга үөрэнэ олороллор. Инньэ гынан олохтоохтор туруорсар туруорсуулара – оскуола тутуута. Баахынайдар оскуолаларын бырайыагын оҥороннор, эһиилгиттэн тутуута саҕаланарыгар бүк эрэллээхтэр. Оскуолаҕа киирээти кытта утары фойеҕа уонна кулуупка кириэһилэлэри сыҕарытан физкультура уруоктара ыытыллаллар. Былыргылыы олорор эбиттэр.

Хата, ыраах хоту сир Кыстатыамыгар аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттэһэр бэртээхэй икки этээстээх таас оскуола тутуута бүппүт, саҥа оборудование бөҕө кэлбит. Сылытыыта, уота-күөһэ киирбит. Кырааскатын, дизайнын, киэргэтиитин үлэтэ ситэриллибит. Аны күһүн үөрэх дьылын көрсө аһыллыахтаах. Олохтоохтор, оҕолуун-уруулуун кэтэһэр-кэтэһиилэрэ оскуола – бөһүөлэк киэргэлэ.

Интернет ситимэ баарын баар эрээри, бытаан, мөлтөх. Ыалларга суох.

Баҕар, ол иһин буолуо, ГТО нуормаларын тутуу-туттарыы оройуон үрдүнэн  ыытыллыбакка турара билиннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрин солбуйааччы Аграфена Колесова доруобуйаҕа болҕомтону туһаайан туран, Арассыыйаҕа 2030 сылга диэри оҕо спордун сайыннарыы Концепциятыгар ГТО нуормаларын дойду үрдүнэн оҕолор 90 %, ол иһигэр оҕолор 15% “кыһыл”, “үрүҥ көмүс”, “боруонса” значоктарга туттарыахтаахтарын иһитиннэрдэ. Сыл аайы туттарыахтаахтар. Ирдэниллэр. Туолуохтаах. Нэһилиэнньэ доруобай туруктаах буолара ситиһиллиэхтээх. ГТО диэн күрэхтэһии буолбатах – тус бэйэҥ эккин-сииҥҥин сайыннарыахтааххын, сөпкө туһаныахтааххын. Итиннэ улахан күүстээх норматив суох. Физкультура учууталлара күн бүгүҥҥүттэн саҕалаан ГТО туттарыытыгар булгуччу ылсыахтара ыйылынна. Дириэктэрдэр итини ирдиэхтээхтэр. Оскуолаларга үлэлиир интернет ситимигэр график оҥорон киирэн регистрацияны ааһыахтаахтар – оччоҕо эрэ учуоттанар уонна ГТО туттарыыта хааччаҕа суох ыытыллыбытынан барыаҕа.

Балекка дьоҕурдаах оҕолор бааллар. Математикаҕа, физикаҕа олимпиадник буолла.

Оҕо спордун сайыннарыыга бииргэ үлэлээһин Сөбүлэһиитэ ылылынна.

Ити курдук экспедиция Эдьигээҥҥэ көдьүүстээхтик сылдьан, сүбэлээн-амалаан кэллэ. Албан аатырбыт бөҕөс, Олимпийскай оонньуулар, ССРС, Европа уонна аан дойду чөмпүйүөнэ, ССРС спордун үтүөлээх маастара Роман Михайлович Дмитриев биир дойдулаахтара сайдыы барарыгар, дьоллоох көлүөнэ үүнэн тахсарыгар бүк эрэллээхтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...