14.12.2023 | 12:30

Эдэр ыччат — Дьокуускай сайдыытын эрчимэ

Эдэр ыччат — Дьокуускай сайдыытын эрчимэ
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Ахсынньы 8 күнүгэр СӨ баһылыгын иһинэн инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатыгар «Ыччат — Дьокуускай сайдыытын эрчимэ» сылын аайы ыытыллар дьыалабыай оонньуу буолан ааста. 
Быйылгы дьыалабыай оонньууга киин куорат 80 көхтөөх эдэр ыччата кыттыыны ылла. Ол курдук, Дьокуускай куорат тэрилтэлэрин эдэр исписэлиистэрэ, үөрэх тэрилтэлэриттэн быһаччы кыттар баҕалаахтарын биллэрбит 13 хамаанда кыттыыны ыллылар.

Талааннаах ыччаты түмэ тардыы

«Ыччат — Дьокуускай сайдыытын эрчимэ» тэрээһин сүрүн сыалынан эдэр дьон кыаҕын, өйүн, көрүүтүн киин куорат социальнай, экономическай сайдыытыгар туһаныы буолар. Ону тэҥэ, дьыалабыай оонньуу түмүгүнэн олохтоох дьаһалта уорганыгар салайар каадырдар резервэлэрэ оҥоһуллар.

Оонньуу эдэр исписэлиистэри өйүүр, чаҕылхай ыччаты таһаарар, олохтоох дьаһалтаны эдэр, эрчимнээх каадырынан хааччыйыыга үлэлэһэр биир дьоһун бырайыагынан биллэр.

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар управлениетын салайааччыта Андрей Михайлов дьыалабыай оонньууга хаһан, хайдах кыттыбытын туһунан бэйэтин уопутун үллэһиннэ. Андрей этэринэн, куоратын чахчы таптыыр ыччат бу оонньууга баҕаран туран кыттар. Онтон муниципальнай сулууспа управлениетын салайааччыта Марина Стаценко баараҕай бырайыактары уонна идеялары олоххо киллэриигэ дьыалабыай оонньуу туох оруоллааҕын кэпсээтэ, ону тэҥэ оонньуу түмүгүнэн актыыбынай ыччаттар уокурук дьаһалтатын резервэтигэр киирсэр кыахтаахтарын туһунан эттэ.

 

Быйылгы оонньуу сүрүн тиэмэтэ

Дьокуускай куорат кэлэр кэскилэ, социальнай-экономическай балаһыанньата кэлимник чинчийиллэн, куорат 2032 сылга диэри сайдар маастар-былаана номнуо бигэргэнэн турар. Маастар-былааҥҥа кырата суох миэстэни туризм салаата ылар. Быйылгы дьыалабыай оонньууга кыттааччылар «Дьокуускай куоракка туризмы сайыннарыы стратегията» диэн инникилээх салааны ылан үөрэттилэр, туризм сайдыытыгар санааларын, бырайыактарын көмүскээтилэр.

 

Хорсун санаалары ыччат көҕүлүүр

Уопсай түмүгүнэн «МЭР-2023» дьыалабыай оонньуу кыайыылаахтарынан буоллулар:

1 миэстэ – «Сказочный лес» хамаанда “Зимний парк” бырайыагынан, хамандыыр Егор Прокопьев, Дьокуускай куорат Киин уокуругун нэһилиэнньэни кытта үлэҕэ сүрүннүүр исписэлииһэ;

2 миэстэ – «Полярный круг Якутии» хамаанда «Этнопарк» бырайыагынан, хамандыыр Иннокентий Киренскай, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуона;

3 миэстэ –  “LISMA Seven Ftiz” хамаанда сылы эргиччи үлэлиир «Үс күт” бырайыагынан, хамандыыр Ирина Потапова, Е.Н. Андреев аатынан “Фтизиатрия” научнай-бырактыычаскай киин провизора.

Дьыалабыай оонньуу хамаандалар талааннарын уонна идеяларын арыйарын таһынан, лиидэр ыччаты эмиэ талар. Бу сырыыга саамай көхтөөх, актыыбынай ыччатынан «Саханефтегазсбыт» АУо хамаандатыттан үп-харчы салаатын кылаабынай исписэлииһэ Игорь Лемешев ааттанна. Кини бэйэтин үрдүк таһымын, хамаандаҕа сатаан үлэлиирин уонна ыксаллаах кэмҥэ быһаарыыны ылынар дьоҕурун көрдөрдө.

 

Кыһыҥҥы паарка

Оонньуу түмүгүнэн бастакы миэстэни «Сказочный лес» хамаанда “Зимний парк” бырайыагынан ылла. Хамандыыр солбуйааччыта, СӨ тас сыһыаннаһыыларга уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин сүрүн исписэлииһэ, Саха сиринээҕи Ыччат бырабыыталыстыбатын чилиэнэ  Прасковья Самсонова бырайыагын туһунан бу курдук кэпсиир:

Биhиги бырайыакпыт кыайыылааҕынан ааттаммытыттан олус үөрдүбүт! Тэрийээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит. Бырайыакпыт  кыhыҥҥы комплекс-паарка буолар аналлаах.

Ол курдук, Дьокуускай куораппытыгар баар паарка сайыҥҥы эрэ кэмҥэ үлэлиир, оттон сайыннааҕар быдан уһун кыһыҥҥы кэмҥэ тохтуур, дьон сылдьыбат. Ол инниттэн биһиги кыһын нэһилиэнньэни сынньатар сири толкуйдаатыбыт.

Кыһыҥҥы пааркабыт сахалыы куттаах буолар. Кырдьыгынан эттэххэ, биһиги Сахабыт сирин норуоттарын остуоруйаларын кинигэттэн, дэҥ кэриэтэ ойуулуктан, тыйаатыртан эрэ билэр  кыахтаахпыт. Оттон омук дойдуларын мультиктарын дьоруойдара барытыгар бааллар, таҥастан саҕалаан, улахан «Диснейленд” диэн дыбарыаска тиийэ. Ол иһин биһиги бэйэбит өбүгэлэрбит айан, толкуйдаан таһаарбыт, үгүскэ үөрэтэр остуоруйаларын аан дойду дьонугар биллэрэн, көрдөрөн, омукпутун ааттатыахпытын баҕарабыт.

Остуоруйалаах кыһыҥҥы пааркабыт сылаас, автоматизированнай шатер иһигэр туруоҕа. Холобур, Таал-Таал эмээхсин Тыалтан уонна Күнтэн ыйыттаҕына, шатерга киирбит дьоҥҥо тыал үрэрэ, күн сырдыга-сылааһа биллиэхтээх. Оннук гынан дьон остуоруйаҕа баар буола түһэр, этинэн-сиининэн билэр-көрөр, өйүгэр хатыыр. Маны таһынан биһиги комплекспытыгар оонньуулары тэрийиэхпит. Холобура, хаарынан бырахсар пейнтбол курдук оонньуу, дьүкээбиллээх световой шоу,  инсталляция уо.д.а.

Бырайыакпыт Сахабыт сиригэр туризм сайдарыгар уонна култуурабытын харыстыырга улахан хардыы буолуоҕа. Оттон бу былааммыт 2032 сылга диэри этэҥҥэ олоххо киириэ диэн эрэнэбит. Санатар буоллахха, хамаандабытын тэрийээччилэр бэйэлэрэ таҥмыттара. Оттон буолан ааспыт дьыалабыай оонньуу саамай улахан бэлэҕэ ыччаты түмүү, алтыһыннарыы буолла диэххэ сөп.

 

Таба бэстибээлэ

Иннокентий Киренскай, ХИФУ математика уонна информатика институтун бастакы кууруһун устудьуона:

Мин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспаҕа прикладной информатика идэтигэр үөрэнэбин, бу иннинэ орто үөрэххэ программист идэтигэр үөрэммитим.

Хамаандабытыгар бары ХИФУ устудьуоннарабыт. Оттон бу тэрээһиҥҥэ хайдах, хантан билэн кэлбиккитий диэн ыйытыы үөскүүр буоллаҕына, аан бастаан билэр дьонум бассаап бөлөххө биллэрии ыыппыттарын сэргии көрбүтүм. Инньэ гынан доҕотторум Захар Федотовы, Ангелина Атакованы кытта үһүө буолан кытынныбыт. Билигин, барыта ааспытын кэннэ толкуйдаан көрдөххө, элбэххэ үөрэтэр, сайыннарар, улахан уопуту биэрэр олус туһалаах тэрээһиҥҥэ кыттыбыт эбиппит.

Ол курдук, олус үрдүк таһымнаах оонньуу ааста. Биһиги идеябыт биир түүн иһигэр оҥоһуллан таҕыста диэххэ сөп. «Тымныы усулуобуйабытыгар хайдах туристическай тэрээһин барсыай?» диэн ыйытыы кэннэ тахсан кэлбитэ. Холобура, бары билэр «Хаар айан» күрэхпитигэр уонна ат сүүрдүүтүгэр тирэммитим. Сыыйа харахпар кыһын киһи барыта мустарын, инники өттүгэр киэҥник тарҕамматах диэн тиэмэҕэ табалары, харыйабыт тула дьон сэлэлии хаамарын көрбүтүм уонна хамаандабын кытта бу идеяны ситэрэн-хоторон ырыппыппыт. Түмүгэр табалардаах бэстибээл тэрийэргэ уонна этно-паарка оҥорорго санаммыппыт. Чуолаан, киин куоракка таба иитиитин атаҕар туруоран, улахан тэрээһиннэрбитигэр да буоллун, кэлбит ыалдьыттарга да буоллун таба нөҥүө култуурабытын, үгэстэрбитин, тулуурдаах, дьулуурдаах омукпутун көрдөрүү. Ол курдук, табанан хатааһылыахха, хаартыскаҕа түһүөххэ даҕаны сөп. Түмүгэр «Полярный круг Якутии» диэн ааттаах интерактивнай түмэллээх, аан дойдуга ханна да суох ураты тыыннаах сири көрөбүн. Бу бырайыакпытынан аны Ил Дархан граныгар кыттар баҕалаахпыт.

Түгэнинэн туһанан тэрийээччилэри олус хайҕыа этибит. Тоҕо диэтэххэ бырайыагы хайдах оҥорору ымпыгар-чымпыгар тиийэ быһаарбыттара, туһалаах көрсүһүүлэри тэрийбиттэрэ. Ол курдук, СӨ урбааҥҥа уонна туризм дьыалатыгар миниистирэ Тимур Хандыны, олохтоох дьаһалта туризмҥа уонна потребительскай ырыынакка департаменын салайааччыта Кирилл Петрович Лазаревы кытта олус туһалаах кэпсэтиилэр уонна Дьокуускай куорат араас боппуруостарын дьүүллэһии буолбута. Саамай сөбүлээбиппит диэн Саха сирин «куолаһа» Сардаана Николаевна Федорова риторикаҕа аналлаах маастар-кылааһа. Кини хайдах чуолкайдык уонна сөпкө саҥарарга, сыана иннигэр турарга бэйэтин уопутун үллэстибитэ. 

 

Туризм аһаҕас халлаан анныгар да сайдар кыахтаах

Е.Н. Андреев аатынан “Фтизиатрия” научнай-бырактыычаскай киин эдэр үлэһиттэрэ хамаандаларын “LISMA Seven Ftiz” диэн бэйэлэрин ааттарынан ааттаабыттар. «LISMA” – Людмила, Ирина, Светлана, Мичил, Анна. “Seven” – кинилэр сэттис хамаандалар. «Ftiz” – «Фтизиатрия” диэн тылы кылгаппыттар. Хамандыыр Ирина Потапова этэринэн, хамаандатын биир күн иһигэр түмпүт:

Биһиэхэ актыыбынай ыччат элбэх, онон хамаанда тэрийии кыһалҕа буолбатаҕа. Бэрт үчүгэй тэрээһиҥҥэ кыттаммыт астынныбыт, бары семинардарга спикердар олус туһалаах иһитиннэриилэри биэрдилэр, инникитин үлэбитигэр да, олохпутугар-дьаһахпытыгар да туттуохпут. Хас биирдии киһи этэр этиитин, саныыр санаатын чааһы быһа да истэ олоруох курдук этибит.

Дьыалабыай оонньуу соруга – Дьокуускай куоракка 2032 сылга диэри туризмы сайыннарыы стратегиятын тобулуу. Уустук соҕус сорудах этэ гынан баран, сыалбытын ситистибит уонна түмүгүттэн олус сөхтүбүт.

Биһиги бырайыакпыт - «Үс кут» диэн ааттаах аһаҕас халлаан анныгар итии источниктардаах гостиница комплекса. Манна дьиэ кэргэни, хампаанньаны кытта сынньанар зоналар баар буолуохтаахтар. Куораттан тэйиччи дууһалыын, эттиин-сиинниин сынньаныахха сөп. Ону тэҥэ сынньанааччылар маастар-кылаастарга сылдьан, бэйэлэрин илиилэринэн сувенир оҥорор кыахтаныахтара. Саха сирин историятыгар, култууратыгар болҕомто уурулунна. Ол курдук, национальнай таҥаһы таҥнан, анал фотозоналарга хаартыскаҕа түһүү, табанан хатааһылааһын уо.д.а. баар буолуохтарын сөп. Комплекс бэйэтэ Аал луук мас курдук көрүҥнээх, үрдүк сиргэ тутуллар термальнай ванналар (сылытыллан) бааллар.  Киһи үйэтин тухары үс эйгэни кытта дьүөрэлэһэн олоруохтаах диэн санаанан салайтаран, «Үс кут» диэн ааттаатыбыт. Биһиги комплекспытын Арассыыйа регионнарыттан эрэ буолбакка, атын дойдулартан кытта сэргиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...