Эдэр ыаллартан докумуоннары тутуу саҕаланна
Өрөспүүбүлүкэ “2020-2024 сылларга хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы уонна олох-дьаһах өҥөлөрүн хаачыстыбатын үрдэтии” судаарыстыбаннай бырагырааматынан “Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраамаҕа докумуоннары тутуу саҕаланна.
e-yakutia порталга тус кабинеттаах, онтугут (“учетная запись”) хайаан да бигэргэммит буолуохтаах. Сайабылыанньаҕытын электроннай көрүҥүнэн ыытаҕыт. Ону барытын бэрэбиэркэлиэхтэрэ уонна сайаапканы түһэрбит киһи тус кабинетыгар Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар докумуоннар оригиналларын илдьэр күҥҥүтүн, чааскытын ыйан ыытыахтара.
Докумуоннары тутуу болдьоҕо – от ыйын 6-29 күннэрэ.
Сиһилии билсэр төлөпүөҥҥүт: 8 (4112) 22-60-18.
Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменын сайта – djoyakutsk.ru
Портал техническэй көмөтүнэн 8-800-100-77-88 эрийэн туһаныаххытын сөп.