Эдэр ыаллар олорор усулуобуйалара тупсуоҕа
Дьокуускай куоракка «2020-2024 сылларга хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы уонна олох-дьаһах коммунальнай өҥөлөрүн тупсарыы» диэн СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын «Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы» тэрээһинин чэрчитинэн үгүс үлэ ыытыллар.
Бэҕэһээ киин куорат баһылыга Евгений Григорьев социальнай төлөбүрдэргэ быраабы биэрэр сибидиэтэлистибэлэри 30 эдэр ыалга үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Тэрээһин коронавируһу утары бары санитарнай ирдэбиллэри тутуһан ыытылынна.
Эдэр ыаллары СӨ тутууга миниистирин солбуйааччы Евгений Афанасьев, куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департаменын дириэктэрэ Александр Новолоков, куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Евдокия Евсикова эҕэрдэлээтилэр.
СӨ тутууга министиэристибэтин миниистирин солбуйааччы Евгений Афанасьев судаарыстыбаннай бырагыраама олоххо киириэҕиттэн өрөспүүбүлүкэҕэ 6 тыһыынчаттан тахса эдэр ыал олорор усулуобуйатын тупсарбытын бэлиэтээн ааста.
2005 сылтан 650-тан тахса ыал бырагыраамаҕа хабыллыбыт. Билиҥҥи туругунан дьиэ сыанатын 30-35% социальнай төлөбүр быһыытынан ыларга 356 ыал испииһэккэ киирэн сылдьар.
«Бу бырагыраамаҕа кыттарга сылын аайы 500-кэ тиийэ сайаапка киирэр. 2021 сылга олорор усулуобуйаларын тупсарарга 30 ыал өйөбүл ылла», – диэн тоһоҕолоон эттэ Евгений Григорьев.
Быйыл бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох бүддьүөттэн 60 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай көрүллүбүтэ. Ол иһигэр 33 мөлүйүөнэ куорат бүддьүөтүттэн, 2 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай судаарыстыба уонна 25 мөлүйүөн федеральнай бүддьүөттэн тыырыллыбыт. Социальнай төлөбүрү дьиэ атыылаһарга, ипотека кирэдьиитин сабарга эбэтэр дьиэ туттарга туһаныахха сөп.