19.03.2020 | 10:18

Эдэр кыыс хаайыыга учууталлыы киирэр...

Эдэр кыыс хаайыыга учууталлыы киирэр...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аныгы ыччат социальнай ситимнэргэ өйүн-санаатын бүтүннүү сүүйтэрдэ диэн мөҕүттэр сыыһа. Олох сайдыытын сиэринэн, ыччат талааннаах, ураты көрүүлээх өттө социальнай ситимнэргэ бэйэтин аудиториятын булар кыаҕа кэҥээтэ. Бу ыйга “Бичик” национальнай кинигэ кыһатыгар эдэр ааптар Тина Амергазина (@tinaamergazina) “Мой труп мне не снится” диэн кинигэтэ атыыга тахсыахтаах.

– Мин Покровскайтан төрүттээхпин, онно улааппытым, оскуоланы бүтэрбитим. ХИФУ нуучча тылын филологическай факультетын бүтэрбитим. 9 сыл устата идэбинэн үлэлээбитим.

Бу сотору атыыга тахсыахтаах кинигэм хаайыыга үлэлээбит сылларым тустарынан буолла. Уопсай ыстааспыттан 4 сылын хаайыыга учууталлаабытым. Ол туһунан кинигэ суруйуом диэн былаан суоҕа.

Стористартан саҕалаабытым

– Дьон үксэ урут ханна үлэлээбиппин биллэхтэринэ, наһаа интэриэһиргээччилэр. Ханнык баҕарар киһи билбэт олоҕун туһунан кэпсээни истиэн, атын эйгэни билиэн-көрүөн баҕарар. Ыйыталастахтарына, аһаҕастык кэпсиирим.

Кинигэ суруйуоххун сөп эбит диэн этэн аһарааччылар.

Былырыын өр баҕайы ыалдьыбытым, больничнайга олорон тэһийбэккэ дуу, иэйии киирэн батарбакка дуу, инстаграм стористарбар тэттик кэпсээннэри таһааран барбытым. Дьон интэриэһиргээбитэ, подписчик эбиллэ түспүтэ.

Хаайыы тиэмэтин бары интэриэһиргииллэр

– Хаайыы туһунан кэпсээннэри суруйбуппар, дьон болҕомтото өссө күүһүрбүтэ. Нэдиэлэҕэ 1-2 кэпсээни таһаарар этим. Ааҕааччыларым кэтэспит буолааччылар.

Ааҕааччыларбыттан куруук эппиэт сурук кэлэр этэ. Ол ааҕар дьон быыһыгар арай “Бичик” эрэдээктэрэ баар эбит: “Эн кинигэ таһаарыаххын баҕарбаккын дуо?” – диэн ыйыппыт. Улаханнык толкуйдуу барбакка, “таһаарыам этэ” диэн кэбиспитим. “Оччоҕуна бу стористаргын кылаабынай эрэдээктэргэ көрдөрүөм, кини хайдах быһаарарынан буолуоҕа”, – диэн суруйбута. Сотору буолан баран “эрэдээктэр сөбүлээтэ” диэн эппиэт тигинээн кэлбитэ. Дьэ ол кэннэ соһуччу кинигэни суруйарга туруммутум.

Олоххо баар дьоруойдар

– Кинигэм дьоруойдара ааттара суохтар. Кинилэр бары олоххо дьиҥнээхтии баар дьон, аҕыйах уобарастар хомуур. Баһыйар өттө дьиҥнээх олохтон ылыллыбыт прототиптардаах дьоруойдар. Кинигэм анонсугар “эдэр кыыс хаайыыга учууталлыы киирэр. Эрэһээҥки анараа өттүнээҕи олох кинини төһө уларытыай...” диэн суруллар – ити мин бэйэм.

Дириҥэтэн эттэххэ, бу кинигэ ыччакка интэриэһинэй буолуо дии саныыбын. Дьахталларга, эдэр кыргыттарга, уолаттарга ордук умсугутуулаах буолуо. Тоҕо диэтэххэ, хаайыыны киһи үксэ ыраах ханна эрэ, хатыылаах боробулуоха анараа өттүгэр ааһар олох курдук саныыр. Биһиэхэ сыһыана суох дииллэр. Дьиҥэ, бу барыта биһиги олохпутугар баар көстүүлэр, хаайыылаахтар биһиги ортобутугар сылдьаллар... Хайдах хаайыыга түбэһэллэрин, онно хайдах олороллорун, эдэр кыргыттар хайдах хаайыыга олорор уолаттарга кэргэн сүктэллэрин, ийэ киһиэхэ оҕото манныкка түбэһэрэ төһөлөөх охсуулааҕын боростуой дьон олоҕун холобурунан кэпсээтим.

Биир үөрэнээччим баар этэ, кинини кинигэҕэ киллэрбэтэҕим. Миигин кытта саастыы уол. Үөрэҕэр олох үчүгэй. Интэриэһэ киэҥ, киһи ону-маны ырытыһар киһитэ. Ыстатыйата ыарахан буолбатах этэ. Икки сылынан көҥүлгэ тахсыбыта. Тахсан музыканан дьарыктаммыта. Сотору өлбүтүн туһунан истибитим. Киһи итинник дьылҕалаах уолаттары санаан абарар, кыһыйар. Өйдөрүн, кыахтарын туһаммакка, быстах дьылҕаналларыттан...

Хаайыы улахан охсуулаах

– Кинигэм икки сюжетнай линиялаах: мин оҕо сааһым уонна хаайыыга үлэлээбит күннэрим. Учууталлар да, хаайыылаахтар да үксэ биир көлүөнэ оҕолоро буоллахпыт. Биир оҕо саастан, биир уопсастыбаттан үөскээн, улаатан, киһи-хара буолан таҕыстахпыт. Ол эрэн тоҕо хаайыы тимир эрэһээҥкэтэ биһигини араартаабытай, ханнык кэмҥэ олохпут ыллыктара арахсан итинник оҥорбутай диэн боппуруос баар...

Хаайыы хаайыылаахха эрэ буолбакка, онно үлэлиир киһиэхэ эмиэ улахан охсуулаах, сабыдыаллаах буолар эбит. Олоҕу атын хараххынан көрөргө күһэллэҕин.

Кылгатан эттэххэ, кинигэм хаайыы киһиэхэ туох дьайыылаагын көрдөрөр. Уонна туох сабыдыаллаан боростуой киһи олоҕо итинник хараҥа өттүгэр тардылларын эмиэ арыйар.

Хамнаһа үрдүгүттэн сөбүлэспитим

– Мин хаайыыга үлэлии киириэм иннинэ киэһээҥҥи оскуолаҕа үлэлээбитим. Онно эмиэ ураты, ыарахан да диэххэ сөптөөх, быһыылаах-майгылаах оҕолору үөрэтэҕин. Ол Киэһээҥи оскуолабыт филиаллара “строгай” эрэһиимнээх уонна “уопсай” эрэһиимнээх хаайыыларга баар буолар.

Бэһис сылым барарын саҕана “вечеркаҕа” уопсай эрэһиимнээх холуонньа хаайылааҕын ахсаана элбээн, филиалбытыгар эбии учуутал наада

диэбиттэригэр, хамнаһа үрдүгүттэн, туох да кэтэх санаата суох, тута сөбүлэспитим.

Олоҕу көрүүм ити үлэттэн сылтаан тосту уларыйыа диэн таайан да көрбөтөҕүм.

Тоҕо диэтэххэ, 4 сылы быһа хаайыыга үлэлээммин, бэйэбинэн билбиппинэн, наар куһаҕаны көрө сылдьар киһи бэйэтэ куһаҕаны эрэ итэҕэйэр буолан барыан сөп эбит. Дьону итэҕэйэриҥ, ыраастык көрөрүҥ быдан аччыыр, онтон сылтаан олоххо да сыһыаныҥ тосту уларыйан барар. 4 сыл үлэлээн, уйулҕа өттүнэн олус сылайан, атын үлэҕэ көһөн хаалбытым.

Атын эйгэҕэ көстүм

– Оттон билиҥҥи эйгэбэр олох ураты дьону кытта алтыһабын.

Култуура эйгэтигэр баарбын. Худуоһунньуктар сойуустарыгар үлэлии сылдьабын. Омуннаабакка эттэххэ, аллараа дойдуттан, орто дойдуну ааһа көтөн, үөһээ дойдуга тиийбит курдукпун. Оннук улахан уратылаах эйгэлэргэ сырыттым.

Миэхэ билиҥҥи үлэм, хаайыыга үлэм кэнниттэн, реабилитация курдук буолла.

Инникитин улуу худуоһунньуктар олохторуттан кэпсээннэри суруйуохпун сөп этэ дии саныыбын.

Олоҕу үөрэтэ кэлэбит

– Өлүү уонна олох диэн баар. Дьон бары өлүү туһунан тугу да билбэппит дииллэр. Киһи өлөн баран ханна барарын, туох буоларын билбэппит дэһэбит. Таайа сатыыбыт. Өлүү диэн тугуй? Дьиҥэ, олох боростуой эппиэттээх боппуруос ити. Өлүү диэн Суох буолааһын. Бу сир үрдүгэр эн суох буолаҕын. Атын олох баар да буоллаҕына, биһиги бу өйбүтүнэн-санаабытынан, эппитинэн-хааммытынан ол олоҕу олорбоппут.

Оттон бу олох туһунан тугу билэбитий? Эмиэ үгүһү билбэппит эбээт. Туохха төрөөбүппүтүн, хайдах баар буолбуппутун билбэппит. Хайдах сөпкө олоруохтаахпытын, тугу гыннахпытына сыыһалары оҥорбоппутун олох билбэппит. Киһи бу олоххо тута бу олоҕу үөрэтиэхтээх, билэ сатыахтаах, үчүгэй олоҕу олорорго тардыһыылаах буолуохтаах, куһаҕаны оҥорбокко уонна иҥэриммэккэ олоруохтаах эбит.

Дьылҕа эмиэ да хараҕа суох курдук. Ыарахан түгэҥҥэ түбэстэххинэ, хантан эрэ күүс, кыах ылан көннөрөргө, үтүө санааны ыһыктыбат буоларга кыһаллыахтаах эбиппит.

Биирдэ бэриллибит олоҕу күүскэ да күүскэ харыстыахха наада эбит.

Мин кинигэм олох хараҥа өттүн көрдөрөн, ааҕааччыбын дириҥник уонна сөпкө толкуйдатыа диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...