26.04.2024 | 18:00

«Эдэр кэрэспэдьиэн» күрэҕин түмүгэ билиннэ!

«Эдэр кэрэспэдьиэн» күрэҕин түмүгэ билиннэ!
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат сахалыы тылынан тахсар “Киин куорат” хаһыатын «Оҕолорбут барахсаттарга» балаһата сахалыы тылынан өйтөн суруйууга аһаҕас күрэҕи биллэрбитэ. Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан барыта 15 ааптар кыттан, кыайыылаахтар быһаарылыннылар: 
1 миэстэ – «Төрөөбүт тылбытын харыстыахха», ааптар Ангелина Стрекаловская, Кэбээйи улууһа, Мукучу нэһилиэгэ, “И.Е.Левин аатынан туһааннаах предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр хайысхалаах Танара орто оскуолата”, 10-с кылаас үөрэннээччитэ.
2 миэстэ – «Мин дьиэ кэргэним», ааптар Вика Касьянова, Нам улууһун Е.М.Ларионов аатынан Салбаҥ орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ.
3 миэстэ – «Аныгы кэм лидерэ хайдах буолуохтааҕый?» ааптар Алина Сысолятина, Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ.
Бары кыттааччыларбытыгар махталбытын биллэрэбит, айар үлэ аартыгын арыйан, өссө да айа-тута, суруйа сылдьаргытыгар баҕарабыт!

Төрөөбүт тылбытын харыстыахха

Сахабыт сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 2023 сыллаахха мөлүйүөн киһи буолла дииллэр. Ол эрээри бүтүн Арассыыйа иһигэр сахалар аҕыйах ахсааннаахпыт. Омук быһыытынан бэйэбит тыллаахпыт, итэҕэллээхпит, олорор сирдээхпит-уоттаахпыт. Ол эрээри төрөөбүт тылбыт сайдарыгар төһө кыһаллабытый диэн санаа миигин үүйэ тутар.

Бэлиэтээн эттэххэ, аныгы сайдыылаах кэм кэлэн, олохпут тэтимэ түргэтээтэ, өйбүт-санаабыт биллэ уларыйда. Ыал аайы компьютер, тэлэбиисэр арааһа, талбыт тэрилэ барыта баар. Кырдьык, билигин суотабай төлөпүөнэ суох киһини тымтыктанан даҕаны булбаккын. Куйаар ситимэ (бассаап, инстаграм, телеграм, дьутууб, Вконтакте, сферум о.д.а.) олохпутугар өтөн киирбитэ, мин санаабар, биир өттүнэн үчүгэй, иккис өттүнэн - куһаҕан. Үчүгэйэ диэн сибээспит тубуста, аҕыйах мүнүүтэ иһигэр аан дойду сонунун истэ-билэ олоробут, төлөпүөнүнэн кэпсэтэбит, бассаабынан суруйсабыт, хаартыскабытын ыытыһабыт, ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнэбит, тэрээһиннэргэ кыттабыт уо.д.а. Оттон ситим куһаҕан өрүтэ эмиэ баарын мэлдьэһэр табыллыбат. Ол курдук, бастатан туран, кыра оҕолорго охсуулаах буолла дии саныыбын. Холобура, биир-икки сааһыттан төлөпүөнү илиитигэр туппут кырачаан бастаан нууччалыы саҥарар. Кэтээн көрдөххө, оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор үгүстэрэ нууччалыы, омуктуу тыллары кыбыталлар. Бэйэлэрин икки ардыларыгар алын уонна орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ эмиэ нууччалыы кэпсэтэллэр. Маннык көстүү тыа сиригэр дэлэйбитэ толкуйдатар.

Мин санаабар, бассаап ситимэ тылбытыгар-өспүтүгэр дьайара мөкү өрүттээх. Ол курдук, кылгатан суруйаары дьуптуону кылгас аһаҕас дорҕоонунан солбуйабыт. Холобур: Туохтан – тохтан (уо-о), суох – сох, буолуо – боло. Төрүт дорҕоону атынынан солбуйуу үгүстүк тахсар: сөп – сеп, көрдө – керде (ө-е), оҕус – огус (ҕ-г), тоҕо – тозо (ҕ-з), сүрүн – сурун (ү-у), үөрүү – уоруу (үө-уо, үү-уу), биһиэхэ – биһехэ (иэ-е) уо.д.а. Көстөрүн курдук, нууччалыы сириибинэн суруйаннар саха тылын сыыһырдаллар. Билиҥ – билин, кэлиҥ – кэлин, туруҥ – турун, киэҥ – киэн (ҥ-н), кыайыҥ – кыайын о.д.а. тылларга «ҥ» дорҕоон оннугар «н» саҥардахха, тыл суолтата биллэ уларыйар.

Олохпут сайдан, норуот бэйэтин тылыгар нууччалыы, омуктуу терминнэри туттар, ол да буоллар тылбыт сүппэтин туһугар хас биирдии киһи туруулаһыахтаах. Бастатан туран, төрөппүт дьиэ кэргэн иһигэр оҕотун кытта кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылынан кэпсэтэр үөрүйэҕин ситиһиэххэ. Оҕолор таптаан көрөр мультиктарын сахалыы тылбаастаан көрдөрүөххэ. Иккиһинэн, оскуолаларга сахалыы эйгэни тэрийэн, саха тылын уонна литературатын, төрүт култуура уруоктарын чааһын эбиэххэ. Үсүһүнэн, саха буоларбытынан киэн туттан уулуссалар, тэрилтэлэр, маҕаһыыннар ааттарын сахатытан суруйары тыа сиригэр киллэриэххэ.

“Эппэр ийэм үүтүн кытта

Иҥмит эбит, быһыыта,

Кустук өҥнөөх,

Кымыс сыттаах

Сахам мандар саҥата”,– диэн саха норуодунай поэта Семен Данилов суруйан турар. Төрөөбүт тыл – омук инники сайдыыта, кэнчээри ыччат кэскилэ. «Тыл диэн дьол, эрэл, доруобуйа, сиэр-майгы эбит. Тыл дьадайыыта – норуот дьадайыыта эбит. Тыл тиллиитэ – норуот тиллиитэ буолуоҕа»,– диэн мээнэҕэ эппэттэр. Түмүктээн эттэххэ, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит сиэрбитин-туоммутун, үгэспитин, төрөөбүт тылбытын харыстаан хаалларар, араҥаччылыыр туһугар саха дьоно бүттүүн  кыһаныахтаахпыт.

 

Ангелина Стрекаловская, Кэбээйи улууһа, Мукучу нэһилиэгэ, “И.Е.Левин аатынан туһааннаах предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр хайысхалаах Танара орто оскуолата”, 10-с кылаас үөрэннээччитэ

 

Мин дьиэ кэргэним

– һыллыа, тур, сэттэ чаас буолла,–

диэн ийэм сыллаан туруорарыттан сарсыардам саҕаланар. Оччоҕуна чэпчэкитик турабын. Ийэм овсянка хааһы буһаран, арыы кутан бэлэмнээбитин сиэн кэбиһэбин. Аҕам гараастан массыынатын таһааран, биһигини оскуолаҕа илдьэр уонна сылгыларын, отун-маһын дьаһайа барар. Үлэбит күнэ ити курдук саҕаланар.

Нуучча тылын быраабылатын Изабелла Николаевна биһиэхэ өйдөнүмтүө баҕайытык презентация көмөтүнэн быһаарар. Дьиэҕэ үлэни оҥорорбутун ирдиир. Сорох оҕолор оҥорбокко кэллэхтэринэ, аныгыскыга аҕалалларын этэр. Дьиэҕэ үлэни соһо сылдьарбын сөбүлээбэппин, эдьиийдэрбин көрө үөрэнэн, тута оҥоробун. Эдьиийдэрим – устудьуоннар, үөрэхтэригэр туйгуннар, ол иһин мин эмиэ оннукка дьулуһабын. Кинилэри кытта видеозвоногунан куруук кэпсэтэбин, көрүдьүөстэнэн күлэбит-үөрэбит.

Уулусса нөҥүө дьиэҕэ эбэлээх эдьиийим олороллор. Эбэм үксүн дьиэтигэр соҕотоҕун хаалар, тэһийбэт, кэпсэтэрин-ипсэтэрин сөбүлүүр. Оскуолаттан кэлэн, киниэхэ тахсарбын умнубаппын. Эбэм онно олус үөрэр. Кини бүппэт кэпсээннэрин истэр – миэхэ саамай үчүгэй. Ийэм учууталлаан хойут кэлэр, кэлиэн иннинэ иһити сууйабын, ол кэнниттэн дьиэҕэ үлэбин оҥоробун.

Киэһэ буолла. Утуйуохпут иннинэ  «5 радостей» диэн биһиэхэ баар. Ол аата «күнүм хайдах аастай, ханнык биэс үөрүү буоллай» диэн кэпсэтэбит. Ийэм миигин кыраҕа да үөрэргэ үөрэтэр. Сарсыарда сыллаан туруорбутун курдук сыллаан утутар.

Ити курдук, дьиэ кэргэн диэн, мин санаабар, бэйэ-бэйэҕэ үчүгэй сыһыан, бэйэ-бэйэни өйдүү сатааһын. Хас биирдии оҕо сыллыыр, өйдүүр ийэлээх, аҕалаах, элбэҕи кэпсиир эбэлээх, эһэлээх, куруук көмөлөһөр эдьиийдэрдээх, убайдардаах, мэниктиир бырааттардаах, балтылардаах буоллун!

 

Вика Касьянова, Нам улууһун Е.М.Ларионов аатынан Салбаҥ орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ

Аныгы кэм лидерэ хайдах буолуохтааҕый?

Олохпут сайдыы сиэринэн саҕыллан истэҕин ахсын бэйэтин кэмигэр лиидэр дьону үүннэрэн таһааран иһэр. Мин санаабар, хас биирдии киһи төрөөбүт сирин-уотун, Ийэ дойдутун таптыыр. Таптаабат, төрөөбүт дойдуну аанньа ахтыбат киһи бу аан дойдуга суоҕа буолуо. Саха дьоно ханна эрэ ыраах бардахпытына дойдутун туохтааҕар да күүскэ ахтарбытын бэйэм элбэхтэ билэн турабын. Ырааҕы кэҥэтэ барбакка, «Аныгы кэм лидерэ хайдах буолуохтааҕый?» диэн ыйытыыга бэйэм санаабын суруйуохпун баҕарабын.

Мин санаабар, өй-санаа, толкуй, култуура, махтал, олоҕу ыраҥалаан көрүү, өбүгэ үгэстэригэр ытыктабыллаах сыһыан, чөл турук уонна доруобай буолуу – бу барыта лиидэр киһи бастыҥ хаачыстыбалара.

Бастатан туран, лиидэр киһи бэйэтин тула элбэх доҕоттордоох буолар, ол инниттэн сатаан дьону кытта кэпсэтэр кыахтаах, нэһилиэнньэҕэ санаатын тиэрдэр, норуот итэҕэлинэн туһанар. Бу маннык киһиэхэ дьон бэйэтэ тардыһар уонна кини тула мустар, куруук кини этэр санаатын истэ үөрэнэр.

Иккиһинэн, киэҥ көҕүстээх киһи. Ол эбэтэр наҕыл, холку, ыгылыйбат, сыыһа-халты туттубат. Сүрэҕэ суох киһи хайдах даҕаны киэҥ көҕүстэнэр кыаҕа суох.

Үсүһүнэн, бэйэтин кыаҕын таба туһанар киһи. Холобур, билигин ыччакка да, улахан да киһиэхэ араас бырагыраамалар үлэлииллэр, бэйэтин олоҕун суолун көрдөнөрүгэр уонна үлэлээх-хамнастаах буоларын туһугар оҥоһуллаллар. Дьону кытта сатаан кэпсэтэр, этэр этиитин дьоҥҥо, норуокка тиэрдэр ыччат, улахан киһи бу манна барытыгар кыттар дии саныыбын. Ол ылбыт көмөтө барыта киһи сайдыан, олорор сирин тупсарыан сөптөөх хайысхаларыгар туһаайар. Ол эбэтэр дьоҥҥо итэҕэйиини уонна инники сайдыыны түстүүр быһыыта буолар. Холобур, граннарга кыттан бэйэтин тэрилтэтин арыйар, дьону үлэҕэ ылан хамнастыыр уонна дойдутун туһугар үлэлиир-хамсыыр.

Төрдүһүнэн, дириҥ билиилээх, аныгылыы эттэххэ «креативнай» өйдөөх.  Ханна да сырыттар, кимниин да алтыстар, куруук элбэҕи үөрэтэ, саҥаны билэ-көрө сылдьар. Этэргэ дылы, «Хаама сылдьар энциклопедия», «Сир түннүгэ киһи» диэн ааттыахха сөп.

Бэсиһинэн, үөрэҕи уонна үлэни өрө тутар. Үөрэххэ-билиигэ улахан суолтаны уурар. Үөрэх баар буоллаҕына ситиһии биирдэ кэлэрин олох кыра сааһыттан билэ улаатар, дьоно даҕаны онно улахан болҕомтону уураллар.

Ити курдук, мин бэйэм санаабар, лиидэр киһи хайдаҕын ойуулаатым. Биллэн турар, киһи-киһи атыннык ылынара бэйэтин көҥүлэ, мин оҕолуу санаабар аныгы олоххо лиидэр киһини бу курдук көрөбүн.

 

Алина Сысолятина, Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ

Сайыҥҥы оҕо лааҕырдарыгар эрдэттэн суруттарыахха

Ыам ыйын 15 күнүттэн “Госуслуги” портал нөҥүө оҕо сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырдарыгар электроннай сайабылыанньаны тутуу саҕаланар.

Дьокуускай куорат территориятыгар түөрт оҕо сайыҥҥы лааҕыра үлэлиир: “Радуга” (Саха политехническай лицей), “Каландаришвили аатынан лааҕыр” (31 №-дээх оскуола),  “Родничок” (21 №-дээх оскуола)  уонна  “Спутник” (2 №-дээх оскуола).

Маны таһынан оскуолаларга уонна эбии үөрэх тэрилтэлэригэр күнүскү лааҕырдар үлэлиэхтэрэ. Лааҕырдар үлэлиир болдьохторун, хайысхаларын, бырагыраамаларын туһунан сиһилии Дьокуускай куорат Үөрэҕин управлениетын социальнай ситимнэригэр тахсар информацияттан билсиэххэ сөп: vk.com/obr_yakutsk, t.me/yaguo_official, yaguo.ru/node/788.

Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын туһалаахтык атаарарын, дьарыктаах буоларын, доруобуйатын тупсарарын сөптөөхтүк тэрийии – төрөппүт биир сүрүн эбээһинэһэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...