19.02.2020 | 13:33

ЭДЭР-ЧЭГИЭН СЫЛДЬЫАҔЫҤ

ЭДЭР-ЧЭГИЭН СЫЛДЬЫАҔЫҤ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хайа киһи кырдьан бороохтуйуон, ыалдьа сытыан, кыаммат буолуон баҕарыай? Аныгы дьоҥҥо чэгиэн сылдьар, кэрэ сэбэрэлээх буолар туһугар араас сүбэ-ама, битэмиин арааһа, фитнестиир, эрчиллэр сир хара баһаам.

Тыа сиригэр олорор дьахталлар, саастаах да дьон хаалыктаах хаамыынан үлүһүйэн туран дьарыктаналлар, сорохтор сынньанар сирдэригэр, кулууптарыгар эмиэ доруобуйаларын тупсарар эрчиллиилэргэ сылдьаллар, эдэрдэрин уһаталлар.

Санаан кэлиэҕиҥ биһиги ийэлэрбитин, аҕаларбытын. Күүстээх үлэҕэ сылдьан элбэх оҕону төрөтөн, иитэн-аһатан бэйэлэрин көрүнэллэригэр, кырдьык, бириэмэлэрэ да суох этэ.

Биһиги 1986 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит банкеппытыгар ийэлэрбит былааттаах, сиитэс, майыар, сибэккилээх (хас да ийэ киэнэ үүт-үкчү) ырбаахылаах маанымсыйан кэлбиттэрин билигин хаартыскаҕа сонньуйа көрөбүт. Оччолорго кинилэр билигин биһиги саастыыта буолуохтара эбээт. Биирдэ мин сыбаайбаҕа тиийбитим, учууталым оруобуна мин булууһам курдугу кэтэ сылдьарын ыраахтан көрөөт, дьиэбэр баран уларыттан кэлбитим. Дьиҥэр, оччолорго дэриэбинэҕэ биир маҕаһыынтан атыыластахпыт дии.

Билигин биэнсийэҕэ тахсыбыт, 50-нарын туолбут “кыргыттар” сааспыт аны төттөрү айанныыр диэн күлэллэр. Бэйэлэрин сүрдээхтик көрүнэллэр, араас салоннарга сылдьаллар, эдэрдэри кытта тэҥҥэ “тусовкалыыллар”, сиэннэрин кытта тэҥҥэ мэниктииллэр. Сөп ээ, олох хаамыыта, сайдыыта буоллаҕа. Хайа киһи түһээҕирэн олоруон баҕарыай.

Онон, дьэ, күндү ааҕааччыларбытыгар кырдьыыны утары сэттэ ньыманы эһиэхэ билиһиннэрэбит.

1. Айдааннаахтык олорор кэргэнниилэр хааннарын баттааһына үрдүк буоларын уонна аритмия курдук ыарыы сайдар кыахтааҕын учуонайдар бэлиэтииллэр. Этиһии, өстөһүү түмүгэр кииннэммит киһи иммуннай систиэмэтэ 24 чаас устата баттыыр. Оттон иллээхтик олорор ыал иммуннай систиэмэлэрэ бөҕөргүүр.

2. Аймахтара, доҕотторо өйүүр, көмөлөһөр, дьону кытта мэлдьи истиҥник кэпсэтэр киһи иммуннай систиэмэтэ бөҕөргүүрүн учуонайдар быһаарбыттар. Араас уустуктары көрсөн баран, онтон санааларын түһэрбэккэ, актыыбынай олоҕунан олорор дьон иммуннай систиэмэлэрэ бөҕө буолар. Онтон дьонтон тэйиччи туттан, мэлдьи соҕотох сылдьар киһи үйэтэ икки төгүл кылгыыр. Статистика көрдөрөрүнэн, аҕыйахта кэпсэтэр киһи сүрэх, мэйии тымыра, рак курдук ыарыыларынан көннөрү киһитээҕэр ордук элбэхтик ыалдьар, устунан өлөр кыахтаах.

3. Оҕо саастарыгар корь, краснуха, свинка курдук ыарыылартан быһыы ылбатах улахан дьон оҕолортон сыстыахтарын сөп. Онон оҕолор бу ыарыылартан быһыы ылыыларын төрөппүттэр хааччыйыах кэриҥнээхтэр. Грипп, гепатит, пневмония курдук ыарыылары сэрэтэр укуоллары ылбатах сүүһүнэн тыһыынча дьон сыл ахсын өлөллөрүн болҕомтоҕо ыллахха, атын да уодаһыннаах ыарыылары утары бэриллэр быһыылары бириэмэтигэр ылыы улахан көдьүүстээҕэ көстөр. Грипп ыарыыны утары быһыы ылбыт эр дьон 70-90 бырыһыаннарыгар бу ыарыы кутталы суоһаабат.

4. Үлэнэн үлүһүйбүт дьон утуйалларын да умналлара аҕыйаҕа суох. Онон кинилэр доруобуйаларыгар буортуну оҥороллор. Оттон киһи сууккаҕа 8-9 чаас утуйдаҕына толору сынньанар кыахтаах. Сууккаҕа 6 чаастан итэҕэс утуйар дьон 7-9 чаас утуйар дьоннооҕор 70 бырыһыан үйэлэрэ кылгаһын чинчийээччилэр быһаарбыттар. Итинэн сөпкө утуйуу иммуннай систиэмэни кытта быһаччы сибээстээҕэ биллэн тахсыбыт.

5. Бэйэ үлэтинэн астыммат буолуу, устунан стресс туругар киирии киһи күүһүн барыыр, сэниэтин эһэр. Стресскэ ылларар усулуобуйаҕа үлэлиир дьон үгүстүк тымныйаллар, төбөлөрө ыалдьар, атын да ыарыыларга ылларыахтарын сөп. Ити дьон өрөбүл күннэргэ бу ыарыылара сүтэн хаалар. Психологтар бигэргэтэллэринэн, үлэлэрин астынар дьон маннык турукка киирбэттэр.

6. Биһиги сыыһа, ол оннугар минньигэстик аһыырбытын быраастар бигэргэтэллэр. Кинилэр бу минньигэс астары бырааһынньыкка диэри тохтотору сүбэлииллэр. Ол оннугар эти кэмнээн, чесногу, сибиэһэй оҕуруот аһын, фруктаны, мэлиллибит куруппалары элбэхтик сиэтэххэ, холестерин быдан түһэрин туһунан быһааран кэпсииллэр.

7. Элбэх чахчылар бигэргэтэллэринэн, доруобуйа туругун тупсуута уонна таҥараҕа итэҕэл сибээстээхтэр. Америка чинчийээччилэрэ таҥара дьиэтигэр элбэхтик сылдьар дьон аҕыйахтык ыалдьалларын быһаарбыттар. Баҕар, инникигэ эрэл, сырдык санаа иммуннай систиэмэни "кымньыылыыр" буолуохтарын сөп диэн сэрэйэллэр. Манна биллиилээх пианист Артур Рубенштейн "Олоҕу таптыыр буоллаххына, кини эйиэхэ оннук хардарар" диэн этиитин дакаастабыл быһыытынан аҕалаллар.

И.И. Неустроев. “Доруобуйа – дьол” кинигэттэн. Дьокуускай: Бичик, 2011 с.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...