23.01.2024 | 10:00

«Эдэр аграрий» куонкурус быйыл аан бастаан ыытыллыаҕа

«Эдэр аграрий» куонкурус быйыл аан бастаан ыытыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Муус устар-2024» бэстибээл «Тыа хаһаайыстыбатын производствотын тэрий!» хайысхатын чэрчитинэн быйыл аан бастаан «Эдэр аграрий» күрэх ыытыллаары турар. 
Маҥнайгы түһүмэххэ улуустар үс киһиттэн турар хамаанданы тэрийэллэр – агроном, зооинженер уонна урбаанньыт. Олунньу 16 күнүгэр былааннанар иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ хамаандалар дьүүллүүр сүбэҕэ дьиэтээҕи сорудахтарын көрдөрөллөр уонна зачет туттараллар. Манна үс хаһаайыстыба сайдыытын стратегиятын көрдөрөллөр – хаалынньаҥ, орто баайыылаах уонна үрдүк көрдөрүүлээх, маны сэргэ бэйэлэрин хаһаайыстыбалара оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын быыстапкалыылллар. Бэстибээл кэмигэр бородууксуйаны атыыга таһаарар кыахтаахтар. 
«Эдэр аграрий» куонкуруска кыттарга олунньу 8 күнүгэр диэри https://goo.su/5lzfJ сыылканан тургутугу ааһыахха наада. Интеллектуальнай оонньуу балаһыанньата: https://vk.com/doc1799150_671533231?hash=gy9oqBfKYldF8EamSN3etdbvQwwBhQ9XYPZLtLqdiC8&dl=5Tk7Fw8MThrLdjqysUXctXa595jtMul89pug2a5xBSD.
Санатар буоллахха, былырыыҥҥы «Муус устар» бэстибээлгэ 10 тыһыынча кэриҥэ ыччат кыттыыны ылбыта. Бэстибээл тэрээһиннэрэ киин куорат Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотекатыгар, «Точка кипения», Эстрада тыйаатырыгар, ХИФУ о.д.а. ыытыллыбыттара. Оттон тэрийээччилэринэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата уонна «Эльгауголь» хампаанньа буолаллар, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....