23.04.2021 | 19:57

Эчи, кыраһыабайыан, сахалыы былаачыйа барахсан...

Эчи, кыраһыабайыан, сахалыы былаачыйа барахсан...
Ааптар: Сардаана Багынанова
Бөлөххө киир

Мин саха таҥаһын айылҕа кэрэ көстүүтүгэр холоон көрөбүн. Оннук кыраһыабай, кэрэ көстүүлээх, хараҕы манньытар, дууһаны сылаанньытар.

Бүгүн кэпсэтэр Далбар хотунум тигэр былаачыйаларын өрүү ымсыыра көрөбүн.  Хаарыаныы, маннык былаачыйаламмыт киһи диэн баҕа санаа ымыыта оҥостобун.

Анна Дмитриевна ЧИРКОВА Бүлүү улууһун Арыылаах нэһилиэгэр олорор, сүрүн дьарыга – иис.

 Байбаралаах былаачыйаны 5-10 миэтэрэ матырыйаалтан тигиэххэ сөп

Анна Дмитриевна, үтүө күнүнэн! Кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыах.

– Бүтэй Бүлүү туонатыгар, тыллаах эрэ таптаан хоһуйар, кэлбит-барбыт кэрэхсээн кэпсиир, ойон тахсар күннээх, хатыҥ чараҥ тыалардаах, дьэдьэн уга тэллэхтээх, үлэһит туруу дьоннордоох, үүнэр-сайдар ыччаттаах Тааһаҕарым сиригэр уутуйан үөскээбит Баскачиттар дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм. Ыал улахан кыыстара буолан, ийэм ыһыах кэмигэр миэтэрэлээх таҥаһы аҕалан биэрэрэ, балтыларгар уонна бэйэҕэр былаачыйата тиктэлээ диэн. Билигин санаатахпына, дьиктиргиибин, хайдах барыларыгар таҥас тигэн кэтэрдибитим эбитэ буолла диэн.

Хаһааҥҥыттан иистэнэр буолбуккунуй? Сүрүннээн сахалыы таҥастары тигэр эбиккин. Ити сахалыы «комплект» таҥастары тигии, бука, улахан үлэни эрэйэр буолуохтаах. Биир «комплект» таҥаскын хайдах тигэргин ырытыах эрэ. Төһө матырыйаал барарый?

– Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан дьүөгэм Люция Михайловналыын иистэнэ сатыыр этибит. Бу кэнники кэмнэргэ саха омук буоларбыт быһыытынан, дьон үксэ ыһыахтарга сахалыы таҥаһы кэтэр буолбуттара олус кэрэхсэбиллээх. Мин бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сахалыы моһуоннаах таҥаһы үлүһүйэн туран тигэбин. Биллэн турар, маннык “комплект” таҥаһы тигии улахан сыраттан, үлэттэн тахсар. Оччолорго дьүөгэм Люция Михайловна иис үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, дойдутугар үлэлиир этэ. Мин ол кэмҥэ нэһилиэкпэр “Далбар» диэн ааттаах түмсүүнү тэрийбитим. Онно дьүөгэбиниин сүбэлэһэн баран, сахалыы таҥаста тиктиэҕиҥ, түмсүү буоларбытын онон билиэхтэрэ диэммит, маннык бүтүн “комплект” таҥаһы тигии ол кэмтэн саҕаламмыта. Дьэ, ол курдук,  16 дьахтар сахалыы былаачыйа сон тиктэргэ быһаарынан, үлэбитин саҕалаабыппыт. Бас-көс киһибит Люция Михайловна быһан биэрэрин тигэн барбыппыт. Мантан саҕалаан сахалыы иискэ уһуйуллан барбытым. Дьүөгэм иис араас ньыматыгар үөрэппитэ. Онон киниэхэ махталым улахан. Билигин миигин хайҕаатаҕына үөрэн, өссө да тугу эрэ үчүгэйи тикпит киһи диэн сананабын. Байбаралаах былаачыйаны 5-10 миэтэрэ матырыйаалтан тигиэххэ сөп. Мин биир ойуулаах былаачыйабын 8 миэтэрэ матырыйаалтан тикпитим. Хаһыаччыгы эмиэ хайдах муодалаан тигэргиттэн уонна таҥаһыҥ иэниттэн эмиэ тутулуктаах.

Таҥас тигэргэр матырыйаалларгын хантан атыылаһаҕыный? Матырыйаалыҥ хаачыстыбатын көрөҕүн дуо?

– Сүрүннээн Бүлүү куоратыттан атыылаһабын. Дьокуускайга кэллэхпинэ, матырыйаал атыылыыр маҕаһыыннары быһа ааспаппын. Тугу эмит атыылаһан тэйэбин. Билигин олорор нэһилиэкпэр Хампаҕа, дьиэм таһыгар «Ажура» диэн ааттаах маҕаһыынтан сороҕор атыылаһабын. Атыылаһыам иннинэ матырыйаал хаачыстыбатын көрөбүн. Үчүгэй хаачыстыбалаах матырыйаалтан тигиллибит таҥас өҥүн-дьүһүнүн сүтэрбэт.

Сакааска тигэҕин дуо?

– Дьэ, ыһыах чугаһаатаҕына сакаас бөҕө киирэр. Маны таһынан, бэйэм аймах дьоммор, кыргыттарбар, сиэннэрбэр уонна үксүн бэйэбэр тиктэбин.

Аныгы үйэ социальнай ситиминэн, бассаап нөҥүө иистэниэн баҕалаах дьоҥҥо сахалыы таҥаһы тигэргэ, маастар-кылаас ыытар эбиккин дии. Ол туһунан сырдатыаҥ дуу.

– Биһиги бүтүн өрөспүүбүлүкэни хабар “Маастар кылаас-уран уус тарбахтар» диэн ааттаах бассаапка бөлөхтөөхпүт. 115 киһи баар, салайааччыбыт, иистэнньэҥнэри түмэр киһибит Василий Николаевич Пак буолар. Бу бөлөххө ким туох талааннааҕынан көрөн, күн аайы маастар-кылаас ыытабыт. Манна таҥаһы быһарга, сиигин өтүүктээһиҥҥэ тиийэ барытын видеоҕа устабыт, хайдах тигэрбитин кэпсиибит. Олус туһалаах үөрэх буолар. Киһи киһиттэн элбэххэ үөрэнэр. Олус интэриэһинэй, билбэтэххин онно билэҕин, алҕаскын да көннөрүнэҕин. Атын иистэнньэҥнэр тигэр уопуттарыгар үөрэнэҕин.  Өбүгэбит үйэттэн үйэҕэ илдьэ кэлбит сахалыы сиэдэрэй былаачыйаларын тигэргэ, сахалыы оһуору, оҕуруо тиһиитин ньыматыгар үөрэнэбит, санаабытын үллэстэбит. Түгэнинэн туһанан, дьон туһа диэн маннык наадалаах бөлөҕү арыйан үлэлэтэригэр Василий Николаевичка барҕа махталбытын тиэрдэбин.

Саҥа иистэнэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Билиҥҥи кэмҥэ эдэр кыргыттар иискэ сысталлара биһирэнэр. Эдэрдэр саҥалыы көрүүлээх буоланнар, тикпит таҥастара кэрэ көстүүлээх буолар. Мин кинилэр   ситиһиилэриттэн үөрэбин. Хас баҕарар саастан иискэ үөрэниэххэ сөп, кылаабынайа, баҕа эрэ наада. Саҥа иискэ үөрэнэн эрэр кыргыттарга эбэтэр үөрэниэн баҕалаахтарга, бастатан туран, бэйэҕит оҕолоргутугар таҥаста тигэ үөрэниҥ, дьэ онтон баран иһиэ буоллаҕа. Сатабыл эрэ наада.

Иистэнэргэр иэйииҥ киирэр дуо?

– Хас биирдии киһи туох эрэ дьарыктаах буоллаҕына, онтуката табыллан эрэр буоллаҕына, иэйии киирэр дии саныыбын. Иистэнэ олорон, кэрэни, үчүгэйи эрэ саныыгын. Оччоҕуна тигэр таҥаһыҥ табыллар. Түргэнник уонна судургутук бүтэрэҕин. Ол үлэҕиттэн олус астынаҕын.

Өссө тугунан дьарыктанаҕын?

Ыал эбэтэ буоларым быһыытынан, дьиэ үлэтэ миэнэ. Ону таһынан «Далбар» түмсүүбүн кытта нэһилиэккэ, улууска ыытыллар күрэхтэргэ, араас куонкурустарга кыттабыт. Ол курдук улууспутугар, нэһилиэкпитигэр хас да төгүллээх Гран-при хаһаайкалара буолабыт. Дьарыга суох олорбоппут. Уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар буоламмыт, олоххо “стимуллаахпыт”. Ону таһынан, бэйэбит кэнсиэртээн киллэрбит үппүтүн ыалдьар оҕолор эмтэнэ баралларыгар, улууска буолар аһымал аахсыйаҕа биэрэбит. Ону таһынан, дьүөгэлэрбиниин Бүлүү улууһун дэриэбинэлэригэр олорор айар куттаахтары түмэн, куйаар ситимин нөҥүө бөлөх арыммыппыт. Билигин ол дьоммут хоһооннорун түмэн, үс кинигэни таһаартардыбыт.

Оһуорга болҕомто уурар буоллаҕыҥ. Онон сахалыы таҥаһы тигиигэ уонна оһуорга ким үлэтин сэҥээрэҕин?

– Саха дьахтара буоларым быһыытынан, ити кытайдар ойууларын улаханнык сэҥээрбэппин. Сиэннэрбэр сахалыы былаачыйа тигэрбэр үксүн Мандар Уус ойуутун көрөн, үөрэтэн, ону туттабын. Бу ойуу туох суолталааҕын ымпыгын-чымпыгын билэн-көрөн баран тигэбин. Саха төрүт таҥаһыгар ураты, сонун көрүүлээх, историческай наука кандидата Светлана Ивановна Петрова научнай үлэлэрин сэҥээрэбин. Кини төрүт өбүгэбит кэтэ сылдьыбыт былыргы таҥастарыгар олоҕуран тикпит үлэлэрэ хайа баҕарар саха киһитин дууһатын кылын таарыйар, ону көрөн киһи элбэххэ үөрэнэр. Кини тигэр таҥастара сахалыы ураты кичэллээхтэрин көрөн сөҕөбүн эрэ.

Кытайдар сахалыы истииллээх таҥастары үтүктэн тигэр буолбуттар. Эн санааҥ.

– Билигин ханнык баҕарар дойду сахабыт таҥаһын үтүктэн тигэр буолла. Биһиги бэйэбит таҥнар таҥаспыт, сахабыт диэн киэн туттан кэтэр киэргэлбит дии саныыбын. Омук-омук туһунан култууралаах, олохтоох-дьаһахтаах. Кытайдар ырыынактарыгар сахалыы тигиллибит оҕо-дьахтар былаачыйалара атыыга туралларын көрөн, хомойоҕун эрэ. Ити омуктар сахалыы иһиппитин-хомуоспутун, таҥаспытын-саппытын көрдөрбүтүнэн оҥорон, тигэн атыыга таһаарар “үтүктээйи” омуктар эрэ диирбэр тиийэбин.

Бэйэҥ тикпит, кэтэн турар таҥаһыҥ сыаната төһөнүй?

– Билигин сахалыы былаачыйа тигиллэр сыаната 6 тыһыынча, онтон сахалыы таҥас “комплега” 35-40 тыһыынчаҕа тиийэр. Кэтэн турар таҥаһым барыта холбоон (комплект) 45-50 тыһыынча буолуо диэн сыаналыыбын. Ити быысапкатын хас да ыйы быһа тикпитим. Бычык-бычык үлэтэ үгүс, онон элбэх бириэмэни, сыраны ылар.

Иискэ кимнээҕи уһуйаҕын?

– Бэйэм дьиэҕэ олорон иистэнэрбэр сиэн кыыспын Ксюшаны быйыл олбох тигэргэ үөрэттим. Улахан кыыһым Наташаны саха таҥаһын тигэргэ уһуйбутум, билигин бэйэтэ үчүгэйдик тигэр буолла. Кийиитим Алёна тарбаҕар маастар кыыс, сатаабатаҕа диэн суох, оҕолоругар тигэр буолла. Иистэниэн баҕата сүрдээх, билбэтэҕин ыйыталаһар, мииигиттэн элбэххэ үөрэннэ. Сахам сирин далбардарыгар, мааны таҥаспытын киэн тутта кэтиэххэ, кэнэҕэски үүнэр көлүөнэҕэ өбүгэбит төрүт үгэһин тиэрдиэххэ диэн баҕа санаабын этэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...