Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр субсидия көрүллүөҕэ
РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр судаарыстыбаннай өйөбүл быһыытынан субсидия көрөр туһунан уураахха илии баттаабыт. Төлөбүрү ыларга үөрэҕирии Министиэристибэтин талар күрэҕэр кыттар ирдэнэр. Ол туһунан Арассыыйа информационнай агентствота иһитиннэрдэ.
«Бу иннинэ итинник хампаанньалар кредит бырыһыаннарын төлөөһүн ороскуоттарын төнүннэрэргэ көмөнө эрэйэллэр этэ. Билигин биисинэс көрдөһүүтүнэн бырабыыталыстыба өйөбүл миэрэтин уларытан үөрэҕирии инфраструктуратын тупсарыыга, дьиэлэр капитальнай өрөмүөннэригэр, туттар тэрили, босуобуйалары, оонньуулары саҥардыыга уонна атыылаһарга ыытыллыбыт суума 5%-на компенсация быһыытынан төннөрүллэр. Итини таһынан, сайдыытыгар уратылаах оҕолору кытта дьарыктанар квалификациялаах специалиһы наймылаһан үлэлэппит ороскуоттарын төнүннэриэххэ сөп», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Итинник өйөбүл миэрэтэ оҕо доруобуйатын чэбдигирдиинэн уонна сынньалаҥын тэрийиинэн дьарыктанар тэрилтэлэргэ эмиэ көрүллэр. Үөһээ этиллибитин курдук, субсидияны ыларга үөрэҕирии Министиэристибэтин талар күрэҕэр кыттар ирдэнэр.
Субсидия социальнай эйгэҕэ үлэлиир предпринимателлэри өйүүр, чааһынай эбии үөрэхтээһин уонна оҕо сынньалаҥын тэрийэр тэрилтэлэри сайыннарар сыаллаах оҥоһуллубут.