Эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрин 35 %-на вакцина ылла
Коронавирус дьаҥа тарҕаныытын утары үлэлиир куорат суһал штабын мунньаҕар үөрэх тэрилтэлэригэр вакцинация хайдах ыытылларын кэпсээтилэр. Үлэһит 65 %-на быһыы ылбытын туһунан тустаах управление отчуоттаата. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрин 35 %-на вакцинацияны ааста», – диэтэ Үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Егор Охлопков.
Эбии үөрэхтээһин муниципальнай тэрилтэлэригэр 14 730 оҕо дьарыктанар. Онтон 4 678 оҕо дистанционнай көрүҥүнэн, 10 052 үөрэнээччи – очнай уонна заочнай форманан. 385 үлэһиттэн 135-һэ коронавируһу утары быһыыны ылла.
Мунньахха эбии үөрэхтээһин чааһынай тэрилтэлэрин үлэлэрин туһунан боппуруос көтөҕүлүннэ. Тэрилтэлэр уонна төрөппүттэр туруорсубуттара ыраатта. Онон Роспотребнадзору кытта бу боппуруоһу көрөргө этии киирдэ.