13.05.2021 | 17:41 | Просмотров: 654

Эбии күҥҥэ 400-тэн тахса үөрэнээччи кытынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл оскуоланы бүтэрэр өрөспүүбүлүкэ 400-тэн тахса үөрэнээччитэ түмүктүүр өйтөн суруйууну (аахпыттан суруйууну) эбии бэриллибит күҥҥэ туттарда. Ол курдук, бэҕэһээ сүрүн болдьоххо, ол эбэтэр муус устар 15 күнүгэр ыытыллыбыт түһүмэххэ «зачет» ылбатах эбэтэр ол күн кэккэ биричиинэнэн кыайан кэлбэтэх, сорудаҕы толорботох үөрэнээччилэр суруйдулар. 
Бу үлэ “зачет/незачет” систиэмэнэн сыаналанар уонна 11 кылаас үөрэнээччилэригэр судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестацияҕа көҥүл биэрэр. 
Түмүктүүр өйтөн суруйуу 250 тылтан, оттон аахпыттан суруйуу 200 тылтан  итэҕэһэ суох буолуохтаахтар. 
Оҕолор сорудаҕы 3 чаас 55 мүнүүтэ толордулар. Доруобуйаларыгар хааччахтаах, инбэлиит оҕолорго бу болдьох 1,5 чаас уһатыллан биэрдэ диэн үөрэх министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Өссө биир эбии күн ыам ыйын 19 күнүгэр буолуохтаах. Түмүк ыам ыйын 20 күнүн ааспакка биллиэхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.