08.07.2024 | 12:47

Эбии 7 пааматынньык Арассыыйа биир кэлим реестригэр киирэр буолла

Эбии 7 пааматынньык Арассыыйа биир кэлим реестригэр киирэр буолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2024 сыл бастакы аҥаарыгар Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин биир кэлим судаарыстыбаннай реестригэр киллэрэргэ 7 пааматынньык докумуона бэлэмнэннэ. Ол туһунан СӨ култуура нэһилиэстибэтин харыстабылга управлениетыгар иһитиннэрэллэр.
Манна Дьокуускайга атыыһыт И.В. Мигалкин дьиэтэ уонна ампаара, Уус Алдаҥҥа П.А. Алексеев-Бөтүрүүсэ уһаайбата, Горнайга норуот суруйааччылара Сэмэн, Софрон Даниловтар, норуот худуоһунньуга Афанасий Осипов, норуот ырыаһыта Мария Варламова төрөөбүт-үөскээбит алаастара о.д.а. киирсэллэр. 
Ону таһынан олунньу ыйга Арассыыйа култууратын министиэристибэтигэр Дьокуускай Сайсары күөлүн киллэрэр туһунан сурук ыытыллыбат. 
Саҥа булуллубут эбийиэктэргэ итини сэргэ Тааттаҕа баар Амыдай сирэ уонна Өлүөхүмэҕэ Кыайыы сэргэтэ киирсэллэр. 
Ити кудук сыл бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах 9 ордук харыстанар эбийиэк бигэргэтиллибит буоллаҕына, сыл иккис аҥаарыгар 10 бырайыак бигэргэтиллэрэ күүтүллэр. 
Оттон быйыл Дьокуускай куоракка Семен Дежнев уонна Абакаяда, Петр Бекетов, А.Е. Кулаковскай, Комсомолецтар пааматынньыктара уонна Короленко уулуссатыгар турар Аэрогеодезическэй тэрилтэ иһигэр баар өйдөбүнньүк өрөмүөннэннилэр. 
Дьокуускайга Ленин пааматынньыгын уонна Покровскайга Орджоникидзе дьиэтин өрөмүөннэрэ салҕанар.
Итини сэргэ Дьокуускайга Троицкай Собор, митрополит Иннокентий Вениаминов уонна Мииринэй куоракка «Мир» трубка өрөмүөннэрин бырайыага оҥоһуллар.
Каландаришвили уонна Марк Жирков уулуссаларын оройуоннарыгар 2 тыһ.кв.м иэннээх сиргэ киэҥ хабааннаах археологическай хаһыылар бара тураллар.
Санатар буоллахха, Саха АССР 100 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев «Сохраним памятники» диэн бырайыагы көҕүлээбитэ. Бу бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ араас муннугар уопсастыбанньыктар күүстэринэн 40-ча пааматынньык чөлүгэр түһэрилиннэ, үлэ салҕанар.
Официальнай чахчынан, Саха сиригэр 1912 култуурунай нэһилиэстиэ эбийиэгэ баарыттан Арассыыйа реестригэр 821 киирэн турар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....