Эбии 20 саҥа оптуобус кэллэ
Саха сиригэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсөр тэрээһиннэр чэрчилэринэн эбии бары өттүнэн табыгастаах саҥа 20 КАВЗ оптуобус кэллэ. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бу күннэргэ киин куоракка бастаан 13, онтон эбии 7 оптуобус кэллэ. Барыта Дьокуускай территориятыгар 63 оптуобус кэлбитэ, сотору кэминэн хаалбыт 37-ни күүтэллэр.
Саха сирин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев информациятынан, оптуобустары саҥардыы РФ Минпромторгун гааһынан сылдьар тиэхиньикэтин субсидиялааһын бырагырааматыгар кыттыыбыт түмүгэ. Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ВЭФ-2021 кэмигэр Минпромторг баһылыга Денис Мантуровтыын Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспар саҥардыытын туһунан кэпсэтиини ыыппыта.
100 оптуобустан 90-на куорат иһигэр, 10-на улуустар икки ардыларыгар сүүрүөхтэрэ. «ЯПАК» МУТ 65 оптуобуһу, «Союз Авто» кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ чааһынай таһааччылара 35-һи ыллылар.
Куорат иһигэр сүүрэр «КАВЗ» оптуобустар 84 пассажирскай миэстэлээхтэр (28 олорор уонна биир инбэлиит кэлээскэтин миэстэтэ), куорат кытыытыгар сылдьар оптуобустар 35-тэн 39-ка диэри миэстэлээхтэр. «Вектор» типтээх оптуобуска миэстэтэ – 30.
Саҥа оптуобустар биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар үлэлииргэ анаммыттар, иккилии хос түннүктээх, салон иһигэр эбии ититиилээх, кондиционердаах. Биһиги туманнаах кыһыннарбытыгар анаан кыһыл өҥнөөх оптуобустары талбыттар.
Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн оптуобустары атыылаһыы төлөбүрдэрин лизинговай дуогабардарын сороҕо төлөнөр.
Саҥа оптуобустары туттарыы муус устар 27 күнүгэр – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Күнүгэр буолар.