25.06.2022 | 12:00

Эҥсиэли хочотугар — М.К. Аммосов үбүлүөйдээх ыһыаҕа

Эҥсиэли хочотугар — М.К. Аммосов үбүлүөйдээх ыһыаҕа
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА Дьокуускай – Нам – Дьокуускай
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ, бэс ыйын 16 күнүгэр, Эҥсилгэннээх Эҥсиэли хочотугар Нам улууһун киинигэр Саха АССР төрүттэммитэ 100, уһулуччулаах судаарыстыбаннай политическай деятель Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылларыгар аналлаах Үрүҥ Тунах ыһыах ыһылынна.

Үс сыллааҕыта Намҥа Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бары да өйдүүр буолуохтааххыт. Ол кэнниттэн Ыһыах диэн, дьэ, бу саҥа буолла. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэри сырдатар анал Пресс-киин тэриллэн үлэлээтэ. Мин урут бэйэм үлэлии сылдьыбыт “Киин куорат” хаһыатым аатыттан сырыттым. Санатан эттэххэ, Намҥа быйыл икки ыһыах буолла. Ол эбэтэр, бэс ыйын 16 күнүгэр Нам киинигэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи, онтон бэс ыйын 18 күнүгэр М.К. Аммосов төрөөбүт нэһилиэгэр Хатырыкка улуус ыһыаҕа ыытылынна. 

П.А. Ойуунускай ыһыахха тыл эппит трибунатын арыйыы

Сарсыарда 10.00 чаастан Нам сэлиэнньэтигэр П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин территориятыгар 1937 сыллаахха Саха АССР тэриллибитэ 15 сылынан ыытыллыбыт ыһыахха Платон Алексеевич Ойуунускай тыл эппит трибуната саҥардыллыбытын арыйыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста. П.А. Ойуунускай тыл эппит трибунатын саҥардан тутуу – өрөспүүбүлүкэ 1990 сыллаах выпускниктарын үтүө бачыыма. Платон Алексеевич курдук уһулуччулаах киһи Эҥсиэлибит хочотун килбэйэр киинигэр кэлэн барбыта историяҕа хаалбыт биир бэлиэ түгэн. Бу трибуна 2016 сыл муус устар 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин 283-ОКН нүөмэрдээх бирикээһинэн историческай эбийиэк быһыытынан биир кэлим реестргэ киирбитэ. Онон Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан историческай пааматынньыктары үйэтитии бырайыагынан, “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын сакааһынан, оскуоланы 1990 сыллаахха бүтэрбит выпускниктар түмсүүлэрин көҕүлээһининэн, “Вертекс” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ бу трибунаны саҥардыы үлэтин ыытан, дьоһуннаах бэлэҕи оҥордо. Манна СӨ Баһылыгын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Г.Н. Михайлов, “Нам улууһа” МТ дьаһалтатын баһылыга Ю.И. Слепцов, СӨ Култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстабылын Департаменын салайааччыта Н.А. Макаров о.д.а. кыттыыны ыллылар.

Саха норуотун чулуу уола П.А. Ойуунускай Нам сиригэр бар дьонугар тыл эппит трибуната үйэ-саас тухары кэлэр көлүөнэ ыччакка үтүө өйдөбүнньүк буолан туруо диэн эрэнэбит.

Үбүлүөйдээх ыһыах саҕаланна...

Сарсыарда 11.00 чаастан Нам сэлиэнньэтин “Эҥсиэли” улуус сынньалаҥ пааркатыгар үбүлүөйдээх ыһыаҕы арыйыы үөрүүлээх чааһа ыытылынна. Саха норуотун чулуу уола, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, биир дойдулаахпыт Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125, Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар холбоспута 390, Саха АССР төрүттэммитэ 100, Саха сирин бастакы самодеятельнай композитора Захар Порфирьевич Винокуров төрөөбүтэ 100, олоҥхоһут Егор Герасимович Охлопков – Буоратай төрөөбүтэ 125, СӨ Ийэ сылларыгар анаммыт дириҥ суолталаах, баай ис хоһоонноох түһүлгэни түһэрдилэр, Улуу тунах Ыһыаҕы ыстылар. Бырааһынньык түһүлгэтин ыҥырыылаах ыалдьыттара – Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев, СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Г.Н. Михайлов, “Нам улууһа” МТ дьаһалтатын баһылыга Ю.И. Слепцов, СӨ Сыана политикатыгар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Нам улууһун кураатара А.Б. Винокурова, судаарыстыбаннай уонна политическай деятель М.К. Аммосов сиэнэ Максим Владимирович Аммосов кэргэнэ Мария Александровналыын, хос сиэнэ Людмила Михайловна Аммосова, хос-хос сиэнэ Лев Александрович Васильев, сиэн балта Яна Егоровна Корякина кэргэнэ Гаврил Ивановичтыын, биллиилээх саха бастакы композитора Захар Порфирьевич Винокуров аймахтара Екатерина Васильевна Стрекаловская, Порфирий Захарович Винокуров, Мария Порфирьевна Решетникова, Анна Егоровна Охлопкова салайааччылаах биллиилээх олоҥхоһут Егор Герасимович Охлопков аймахтара, СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэттэрэ, СӨ норуодунай дьокутааттара, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа - бэйэлэрин эҕэрдэлэрин эттилэр.

Максим Аммосов бэйэтин норуотугар, саха баттаммыт-үктэммит үлэһит дьонугар аан бастаан “Көҥүл”, “Дьол”, “Босхолонуу” тыллары иһитиннэрбитин, бэйэтин норуотун көҥүлгэ сирдээбитин хоһуйар театрализованнай дьүһүйүү көрдөрүлүннэ. Судаарыстыбаннас олохтонуутун, үөрэхтээһин киэҥник тарҕаныытын, медицина сайдыытын, олохтоох каадыры бэлэмнээһин, онтон да атын боппуруостары быһаарыы киэҥ эйгэ көрүүтүгэр таҕыста. Салгыы, сахалыы туому тутуһан, алгыс түһэр сирин түптэ буруотунан унаарытан, арчылыыр үтүө түгэн үүннэ.

Күрэхтэр, куонкурустар, түһүлгэлэр

Ханна баҕарар буоларын курдук, эҕэрдэ кэнсиэртэр, куонкурустар, күрэхтэр ыытылыннылар. Улуустааҕы “Туллук хаара” ырыа айааччылар “Уруйдан-айхаллан, Эҥсиэли, Нам сирэ” кэнсиэртэрэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Сахаттан бастакы самодеятельнай композитор Захар Порфирьевич Винокуров туһунан Хатыҥ Арыытааҕы кыраайы үөрэтэр музей быыстапка туруорда. Итиэннэ чобуо чабырҕахсыттар күрэхтэрэ бэрт сэргэхтик барда. Нэһилиэктэр түһүлгэлэригэр “Дуолан дорҕоон доллоһуйа турда” тойук күрэҕэ ыытылынна. Нам сэлиэнньэтин саха балаҕаныгар Максим Кирович Аммосов олоҕун кэпсиир быыстапка үлэлээтэ. Бу күн манна документальнай киинэлэр көрдөрүлүннүлэр, анал зоналарга дьон-сэргэ өйдөбүнньүк гына хаартыскаҕа түһэн, умнуллубат түгэни үйэтиттэ.

Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыах үрдүк  таһымнаахтык ыытылынна. Кэлбит ыалдьыттар бары астынан, дуоһуйан тарҕастылар.

Хаартыскаларга: Үбүлүөйдээх ыһыах түгэннэриттэн

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...