Эһиилги быыстапка уратылардаах буолуоҕа
(“Якутия мастеровая” үбүлүөйдээх 10-с быыстапка-дьаарбаҥката)
Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов 2012 сыл олунньу 21 күнүнээҕи 1227 №-дээх ыйааҕынан кулун тутар 5 күнүн Норуот маастарын күнүнэн биллэрэн турар.
Кулун тутар 5-8 күннэригэр киин куораппытыгар норуот маастардарын күнүгэр анаммыт “Якутия мастеровая” өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапка-дьаарбаҥка быйыл 10-с төгүлүн ыытылынна. Саха сирин үрдүнэн үгүс элбэх норуот маастара, уус-уран оҥоһуктарга үлэлиир дьон баар.
Бу тэрээһин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин, “Симэх” норуот искусствотын киинин, култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин, Тас сыһыаннаһыы уонна СӨ норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэтэ өйөбүллэринэн ыытылынна. Сүрүн сыалынан-соругунан төрүт үгэскэ олоҕуран саҥа талааннары көрдөөһүн, кинилэр айар үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарыы буолар. Быйылгы быыстапка-дьаарбаҥкаҕа 24 улуустан 400-тэн тахса норуот уонна уус-уран оҥоһук маастара оҥоһуктарын дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаардылар.
Сонун хайысханан үлэлиир былааннаахпыт
Яна Викторовна Игнатьева, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин генеральнай дириэктэрэ:
- Бу быыстапкаҕа 24 улуустан 400 киһи кытынна. Онтон 4-с төгүлүн ыытыллар национальнай таҥастаах маастардар параадтарыгар Кыайыы болуоссатыттан саҕалаан Орджоникидзе болуоссатыгар диэри 1 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылла. Бу параадпыт хайысхатын эһиилгиттэн уларытан, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах “Звезды Арктики” Хотугу таҥаска сыһыаннаан, “Весна начинается с Якутии” Арктическай зонаны холбоон, карнавал курдук оҥорор былааннаахпыт.
Быйыл 10 сыллаах үбүлүөйдээх быыстапкабытын ыыттыбыт. Эһиилгиттэн 11-с быыстапкабыт хайысхатын эмиэ уларытаары гынабыт. Аны улуустарынан туруорбакка, ханнык көрүҥҥэ кытталларынан көрөн, холобур, туой оҥоһуктар, традиционнай, аныгы таҥастар, оҕуруоттан оҥоһуллубут таҥастар, сахалыы иис, кырадаһын мозаика, тимир, мас уустара анал сиргэ туспа сааһыланан, быыстапканы көрө кэлбит ыалдьыттарга табыгастаах гына тэриллиэҕэ. Быйыл сүрүн уратыбытынан керамистар сойуустара (бэрэссэдээтэл Василий Тагров) тэриллибитэ буолар. Кинилэр туой иһити сөргүтэн эрэллэр. Аны туран, Далан арамаанынан “Тыгын Дархан” куукула быыстапката дьон дьүүлүгэр турда. Анал миэстэҕэ панорама курдук оҥорор былаан баар. Бу саҕалааһын эрэ. “Тыгын Дархан” бырайыак, дьиҥинэн, саха омук урукку олоҕун, история кэрдиис кэмин көрдөрөр Эллэй саҕаттан саҕаланыахтаах этэ. Салгыы үлэлииргэ научнай консультаннар, историктар, худуоһунньуктар көмөлөрө наада.
Быйылгы СӨ норуодунай маастардара кимнээҕий?
Норуот маастардара идэтийбит бырааһынньыктарын бэлиэтиир буолбуттара быйыл 10-с сылыгар барда. Онон төрүт үгэс ситимэ үйэттэн-үйэҕэ салҕанан бара турарыгар маннык тэрээһин ыытыллара саамай сөптөөх дии саныыбын. “Якутия мастеровая” быыстапка-дьаарбаҥка кэмигэр маастардар үлэлэрин быыстапката, маастар-кылаастар ыытылыннылар. Үгүс сыллар тухары өбүгэ төрүт үгэһин тиэрдиигэ сыралаахтык үлэлээбит норуот талааннаах дьонугар үрдүк аат-суол тигистэ. Норуот маастарын үрдүк аатын ылбыт дьоммутугар инникитин даҕаны ситиһиини баҕарабыт.
Быйыл “СӨ норуодунай маастара” үрдүк ааты ыллылар:
- Анна Николаевна Семенова (Бүлүү улууһа);
- Мария Николаевна Быканова (Ус Дьааҥы улууһа);
- Ирина Константиновна Пахомова (Уус Дьааҥы улууһа);
- Мария Егоровна Петрова (Уус Алдан);
- Тамара Галиновна Васильева (Нам улууһа);
- Валентин Титович Васильев (Нам улууһа).
Удьурхайы дьон сэҥээрэр
Быыстапкаҕа иис, көмүс, кыл, туос оҥоһуктар, быһах, хомус эгэлгэтэ, онтон да атын кэрэ көстүүлээх оҥоһуктар көрөөччү дьүүлүгэр туруордулар.
Василий Николаевич Сидоров, Томпо улууһа, Кириэс Халдьаайы нэһилиэгэ:
- “Якутия мастеровая”быыстапкаҕа бэһис сылбын кыттабын. Сыл аайы сонун оҥоһуктарбын аҕалабын. Маннык тэрээһин ыытыллара олус туһалаах. Атын дьонтон уопут ылаҕын, элбэххэ үөрэнэҕин, билиигин кэҥэтэҕин. Онон бэйэм баҕаран туран сыл аайы анаан-минээн кытта диэн ааттаан буолбакка, көрө кэлэбин.Мин маһынан дьарыгырбытым ыраатта. Оҥоһуктарым үксэ удьурхай мастан. Ордук иһити сөбүлээн оҥоробун. Тоҕо диэтэххэ экологическай өттүнэн аска туттарга ыраас буолар. Былыр өбүгэлэрбит мас, туой иһиттэн аһаан кэллэхтэрэ дии. Онон ыччакка маннык иһиттэн аһыахха сөбүн тиэрдэ, көрдөрө сатыыбын. Биһиги тиэрдибэтэхпитинэ ким тиэрдиэй диэн өйдөбүллээхпин. Күрэххэ кыттыбатарбын да, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапкаларга кыаҕым тиийэринэн кытта сатыыбын. Биэнсийэҕэ дьэ таҕыстым. Онон маска уһаныыга күүскэ ылсар санаалаахпын. Үксүн хатыҥ маһы ордоробун. Өссө уулаайы диэн үрэх кытыытыгар үүнэр мас силиһинэн кимиэхэ да суох сонун оҥоһуктары оҥоробун. Мас оҥоһукка композицияны киллэрэр былаан эмиэ баар. Көҥдөй мастары хаһан эмиэ араас иһити оҥортуубун. Уопсайынан, бэйэ көрүүтүнэн, илиинэн кыһан оҥорууну кэрэхсиибин. Бу быыстапкаҕа дьэ талааннаах дьон оҥоһуктарын көрөн сөҕөбүн. Маһы хаамтарбат эрэ уустары манна көрсөн, кэпсэтэн, элбэҕи билэҕин. Онон тэрийээччилэргэ улахан махталбын тиэрдэбин.
Өбүгэ үгэһэ тэнийэр
Норуот маастардарын биир түһүлгэҕэ түмэр соҕотох ааттаах-суоллаах “Якутия мастеровая” быыстапка сыл аайы таһыма үрдээн иһэр. Манна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Яна Викторовна Игнатьева үтүөтэ-өҥөтө улахан диэн тоһоҕолоон туран бэлиэтиэм этэ. Кини көҕүлээһининэн сыл аайы сонун бырайыактар үлэҕэ киирэллэр.
Саха норуотун баай култуурата чэчирии сайдарын туһугар хатыламмат дьоҕурдарынан күннэтэ түбүгүрэр, ис сүрэхтэриттэн кыһаллар уус дьон үйэлээх үгэһи сайыннарыыга ыллыктаах санааларын холбууллар, кэскиллээҕи кэпсэтэллэр. Ити курдук норуот маастардара айымньылаахтык норуоттарын туһугар айаллар-туталлар, маннык быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттан үйэлээҕи тэнитэллэр.