Эһиил маннык хаама сылдьыбыт киһии...
Саха сирин норуоттарын төрүт үгэстэрин сөргүтэр, үйэтитэр уонна сайыннарар сыаллаах-соруктаах тэрээһиҥҥэ сыллата кыттааччы ахсаана эбиллэн иһэрэ үөрдэр. Улуустар анаан-минээн сыл устата бэлэмнэнэр, таҥас тиктэн кэлэр үгэстэннилэр.
Сэлэлии хаамыыга 26 муниципальнай тэриллииттэн, 4 үөрэх кыһатыттан уопсайа 1500-кэ чугаһыыр киһи кыттыста. Орджоникидзе болуоссатыттан саҕалаан Ленин болуоссатыгар диэри хаамыы буолла. Норуот маастарын күнэ өрө күүрүүтүнэн, көрөөччүтэ элбэҕинэн, дьон санаата көтөҕүллүбүтүнэн ханнык да маассабай бырааһынньыктан хаалсыбат. Хаамыы кэннэ болуоссакка эҕэрдэ кэнсиэр, онтон добун оһуохай ыраахха диэри дуорайда.
Сэлэлии хаамыыга, биллэн турар, саха төрүт ииһин сөргүтээччилэр күннүүллэр. Сүрүн болҕомто кинилэргэ хатанар. Киһи хараҕа халтарыйар уран оҥоһуктарын манна булан көрүөххэ, чугаһаан тутан-хабан, имэрийэн, кэтэ сылдьар маастары кытта истиҥник кэпсэтэн, ыйыталаһан дуоһуйуохха сөп. Кэтээн көрдөххө, быйылгы тэрээһиҥҥэ көрөөччүтэ өссө үксээбит. Көннөрү көрөөччү быһыытынан саҥа саҕалааччы иистэнньэҥнэр, ииһинэн дьарыктанар кэрэ аҥаардар ыраах улуустартан кытта оҥостон кэлэр буолбуттар. Сөҕө-махтайа туран: “Эһиил таҥас тиктэн, маннык хаама сылдьыбыт киһии”, - дэспит киһи элбэх буолла.
Төрүт иискэ, буоларын курдук, сунтаардар олус маанылар. Быйыл отучча буолан, норуот маастардара уонна айар үлэнэн дьарыктанааччылар түмсэн кэлбиттэр:
– Биһиги улууспут уран тарбахтаахтарын “Сунтаар ситимэ” диэн улахан түмсүүтэ Археология уонна этнография музейыгар “Сүктүү“ диэн уруу таҥаһын сөргүттэ. Ону кытта Музыка музейыгар туспа быыстапка, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Якутия мастеровая” быыстапкаҕа кытынныбыт.
Дьон ордук сэҥээрбит үлэтинэн бэйэбит улууспут музейыгар “Искусство киһитин маанылаах таҥаһа” диэн бэлэх оҥорбут, 2022 сылга тигэн бүтэрбит Сергей Зверев-Кыыл Уола таҥаһын сөргүтүүтэ буолла. Сунтаартан бастакы Арассыыйа норуотун маастара буолбут Тамара Игнатьева сүктэр кыыстаах уол таҥастара эмиэ дьон сэҥээриитин ылла.
Биһиги бу тэрээһиҥҥэ үөрэ-көтө, сүргэбит көтөҕүллэн тэринэбит, эрдэттэн былааннанан үлэлиибит.
Норуот маастарын күнүн хаамыытын иннинэ кыттааччылар иккис чаас инниттэн Орджоникидзе болуоссатыгар тоҕуорустулар. Бэйэ-бэйэни көрсүү, сөҕүү-махтайыы, санаа атастаһыыта манна тахсар эбит. Үгүс киһи быыһыттан туус маҥан кырынаас саҕынньахтаах Мария Николаевна Егорова-Большакова ыраахтан кылбайан көстөр. Кини кырынаас саҕынньаҕын таһынан таарбаҕантан хотойдоох сон тикпитин көрдөрө таһаарбыт:
– Бэйэм Үөһээ Халыматтан төрүттээхпин, онон бу саҕынньаҕым барыта 300-чэкэ устуука хоту дойду кырынааһыттан тигиллибитэ. Ийэбиниин, норуот маастара Елена Петровна Егоровалыын, хас эмэ сыл устата мунньубуппут, сүлэн ыыппыттарын бэйэбит сууйан-тараан, ыраастаан, имитэн бэлэмнээбиппит. Тигиитэ эмиэ барыта илии үлэтэ, ийэм көмөлөстө – балтараа сыл устата тиктибит. Саҕынньаҕым бэргэһэлээх уонна муфталаах. Быыстапкаҕа эҥин туруорбатым. Тоҕо диэтэххэ кылбаа маҥан түү буолан, кырынаас олус түргэнник саһарар. Өстүөкүлэ сабыылаах миэстэҕэ туруоруохпун наада, “Симэх” оннук усулуобуйаны тэрийбэт. Бу бүгүн кэтэн кэлбиппэр даҕаны илиилэринэн тыытар, убахтаан көрүөн баҕарар киһи наһаа элбэх. “Баһаалыста, тутан көрбөккө көрүҥ дуу”, - диэн көрдөһө сырыттым (күлэр).
Оттон хотойдоох соммун 2021 сылга тикпитим. Быыстапкаларга син турбута, Москваҕа тиийэн бастаан кэлбитэ. Таарбаҕан тириитэ туттуллубута, эмиэ наһаа өр мунньубуппут. Таарбаҕан хайалаах эрэ сиргэ үөскүүр, Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит кыыл, онон буларга олус уустук. Бу 17-с үйэҕэ кинээс кыыһа кэппит соно, Йохельсон Америкаҕа маннык сону илдьэ баран музейга туруорбут эбит, ону хаартыскаттан көрөн тикпитим.
Көннөрү бэйэм санаабыттан, быыстапкаҕа кыттаары буолбакка, бэйэм интэриэһиргиир буоламмын бу соннорбун тикпитим. Онтон “Сөргүтүү” айар холбоһукка киирбитим. Бөлөҕүнэн 17-с үйэ таҥаһын иистэммиппит билигин “Арассыыйа – мин историям” музейга турар, баран көрүөххүтүн сөп.