18.10.2021 | 15:00

Дырыһааҥкыта оҥостуҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Благовещенскай мединститутун бүтэрбит, Кемеровоҕа хас да сыл үлэлээбит быраас, Ытык Күөлтэн төрүттээх Федорова-Толстоухова Евдокия Васильевна сүбэтэ:

– Дырыһааҥкы кальцийынан олус баай. Дырыһааҥкыны куурусса төбөтүттэн, атаҕыттан, сибиинньэ тириититтэн, кулгааҕыттан кытары, балыгы ыбылы буһаран, наһаа аһыы туустаабакка, тумалаабакка, күн өрүү-өрүү сиэххэ наада. Онтон буһарыллыбытын кэннэ сиидэлэнэн ылыллыбыт уҥуохтар, өҥүргэстэр эмп буолаллар. Иккиһин эмиэ дырыһааҥкы курдук буһаран, эбии туус, тума кутан сойутуллар. Ол убаҕас, сиҥэ курдук буолар. Ону олох кыратык эмиэ күнү өрөтөн иһиллэр. Оттон уҥуохтарын, уура сылдьан, кириллэр. Туох кэлэринэн. Ол элбэх калийдаах, кальцийдаах. Ону кирэргэ, килиэби сиэххэ наада. Киирэн оһоҕоско баар шлакка сыстыбатын наадатыгар. Хаалбыт уҥуоҕу гараас, баанньык оһоҕор уматан, бириһиэн курдук халыҥ таҥаска уган, молотуогунан үлтү охсуллар. Икки хос сиидэс таҥас мөһөөччүккэ уган, таас бааҥкаҕа тэбээн, ону быычыкаайыгы, чаайынай ньуоска төбөтүгэр баһан сиигин, уу иһэҕин. Итини шахтёрдар, аллара үлэлэригэр сииктэн, наар атахха ноҕоруускалаах буолан, сүһүөхтэрэ ыалдьар дьон, итинник туһаналлара үһү. Саастаах дьон итинник эбиниэн наада. Кальций-никомед састааба эмиэ итинник.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...