Дыгын оонньууларын өйөөһүнү салгыы үрдэтэр баҕа санаалаахпыт!
Улуу Туймаада уйгу тунах ыһыаҕа чугаһаан иһэр.
Ыһыах дьонун, күндү-мааны ыалдьыттары сэргэхситэр, уйулҕаны уһугуннарар Дыгын оонньуулара болҕомто киинигэр тураллар. Сүүмэрдиир түһүмэхтэр тургутууларын, буһууну-хатыыны ааспыт 12 эр бэрдэ ириэнэх иҥиирдэрэ лачыгыраан, быыппастар былчыҥнарынан оонньоомохтоон, кылаан чыпчаалларыгар тиийэн эрдэхтэрэ. Бэрт бэрди баһыйыаҕа, үчүгэй үчүгэйи бүдүрүтүөҕэ. Муҥутуур кыайыылаахха “Прогресс” тутуу тэрилтэтэ 1 мөл. солк., миэстэҕэ тиксибиттэргэ “Охотный двор” квадроцикл, «Carmen» атыы дьиэтэ матасыыкыл туруортаабыттарын курдук сүдү бириистэргэ тиксиэхтэрэ, албан ааттара, суон сурахтара киэҥ сиринэн дуораһыйа көтүөҕэ!
Үтүө дьыаланы оҥоруу хаһан баҕарар үчүгэй өйдөбүлү үөскэтэр, дьон-норуот биһирэбилин ылар, махталынан туһанар. Биһиги бүгүн Дыгын онньууларыгар сүрүн бирииһи үһүс сылын туруорар “Прогресс” тутуу тэрилтэтин бас-көс салайааччыта Алексей Семенович Пинигини кытта кэпсэттибит.
— Алексей Семенович, Дыгын оонньууларын үһүс төгүлүн спонсордаан эрэҕин. Спорка эрэ буолбакка, үлэ, олох атын салааларыгар, биирдиилээн дьоҥҥо эмиэ көмөлөһөҕүн. Туох сыаллаах-соруктаах спонсордыыгыный?
— Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар Дыгын оонньууларын быйыл үһүс төгүлүн спонсордыырга сөбүлэҥмитин бу саас биллэрбиппит. Сорохтор «харчылара элбээбит”, “киһиргииллэр” диэн сыыһа өйдүүллэр. Оннук буолбатах. Бастатан туран, көмөнү оҥорору биир киһи быһаарбат, биһи тэрилтэбит, коллективпыт быһаарыныы ылар. Мин соҕотоҕун быһаарбаппын. Онуоха хайдах-туох үлэлээн, инники диэки сайдан иһэрбит улахан оруоллаах. Сахалыы өс хоһооно баар: “Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар” диэн. Саха киһитэ буоларым быһыытынан онон сиэттэрэбин. Уонна Дыгын оонньуулара сахалыы көрүҥнэр. Саха норуотун култууратын, үгэстэрин, историятын арылхайдык көрдөрөр. Ааспыт үтүө үгэстэри умнуо суохтаахпыт. Ону эбии сайыннаран, өссө үрдүк таһымҥа таһаарыахтаахпыт, хаҥатыахтаахпыт уонна кэлэр көлүөнэлэрбитигэр тиэрдиэхтээхпит. Ол ытык иэспит буолар. Спорт – чэгиэн буолуу, доруобуйа көстүүтэ.
— Бэйэҥ спорка туох сыһыаннааххыный?
— Спортивнай дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитим. Онон олохпор спорт куруутун баар. Аҕам Семен Семенович Пинигин уонча сыл Чурапчы оройуонун спорка кэмитиэтин салайбыта, 1970-80-с сылларга. Дуобатчыт. Быраатын, Саха сирин хас да төгүллээх чөмпүйүөнүн Уйбаан Сэмэнэбис Пинигини, дьон билэр. Күрэхтэһии да күрэхтэһии! Хамаанда хомуйуутун түбүгэ, сбордар, күрэхтэһиилэри быһаарсыылар. Тааттаҕа, Майаҕа, Намҥа тиийэллэр. Манчаары спартакиадаларын, Спортивнай оонньуулары кыайаллара. Бэйэм спортсаалаттан тахсыбат этим. Тренердэрим улуу тренер Д.П. Коркин иитиллээччилэрэ, аан дойду оҕолорун призера Семен Прокопьевич Макаров, профтехучилищеҕа суоппар идэтин ыларбар үтүөлээх тренер Афанасий Афанасьевич Лугинов, учуонай Виктор Викторович Отделкин этилэр. Төрөппүт уолум Нерюнгриттааҕы футбол оскуолатын бүтэрэн, билигин Москва биир киин кулуубугар оонньуур.
— Ханна үлэлээн-хамсаан, “Прогресс” тутуу тэрилтэтин тэрийбиккиний?
— Армияҕа икки сыл суоппарынан сулууспалаан кэлэн баран, үөрэххэ киирэн, тустуунан дьарыктанарбын тохтоппутум. Болҕомтобун үөрэххэ, идэ ыларга туһаайбытым. Тыа хаһаайыстыбатын институтугар экономист үөрэҕин, кэлин юрист, хайа инженерин үөрэхтэрин бүтэртээбитим. Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар атыы-эргиэн экономиһынан үлэлээбитим. Онтон Намҥа алмаас кырыылыыр собуокка дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитим. Бу икки бөдөҥ хозрасчетнай тэрилтэ миигин үлэни тэрийэргэ, харчыны оҥорорго үөрэппиттэрэ. Итинник, кыраттан саҕаламмыта. Бастакы тэрилтэбин 2008 с. регистрациялаабытым. Үлэһиттэринэн орто саастаах, армияҕа сылдьыбыт, үрдүк үөрэхтээх, дьиэ кэргэттэрдээх, өйдөрүн туппут, эрэллээх дьону ылаттаабытым.
— Аан бастаан туппут объеккыт?
— Бастаан өрөмүөн, реконструкция үлэлэриттэн саҕалаабыппыт. Улуустары кытта кэпсэтэн, дуогабардаһан үлэлиибит. Сыыйа таас дьиэлэргэ ылсыбыппыт, социальнай объектары – оскуолалары, уһуйааннары тутаттаабыппыт. Тутуулар хаачыстыбаларыгар ирдэбил кытаанах. Исписэлиистэр оруоллара улахан, барыта уопутунан кэлэр. Үчүгэйдик үлэлээтэххэ, тутуулар аргыый аҕай баран иһэллэр. Үлэһиттэрим бары анал идэлээх дьон.
— Спонсор быһыытынан аан бастаан хаһан көмөлөһөн барбыккытый?
— Дойдубуттан. Чурапчы нэһилиэгэр уон объегы туппуппут. Көмөҕө наадыйар кыамматтар, кырдьаҕастар, оҕолор элбэхтэр. Көмөбүт кээмэйэ 20 мөл. солк. кэриҥэ буолла.
— Көмө оҥордоххо, тэрилтэҕит мөлтөөн хаалбат дуо?
— Көмөбүт тэрилтэ ылар барыһыттан барар, атын источник суох. Көмөлөһөр буоллаххына, аатыҥ-суолуҥ биллэр буолар. Ол аата – имиджиҥ үрдүүр, репутацияҥ тупсар. Биһи курдук биисинэскэ үлэлээччилэргэ ол олус наадалаах. Дьон биһигини кытта үлэлэһэр буолар. Тылгын толорор, кырдьыксыт, чиэһинэй, дьоҥҥо туһалаах буоларыҥ эрэйиллэр. Уопсастыбаннай хайысхалаах үлэлиибит. Үлэлиир, олорор сириҥ олоҕор-дьаһаҕар кыттыаххын, дьоҥҥо көмөлөһүөххүн, дьон олоҕун өйдүөххүн, көмөлөһүөххүн наада. Дьон биһигини кытта үлэлэһэллэрин туһугар. Ити сыалтан биһиги итинник суолу тутуспуппут. Уонтан тахса сыл үлэлии олоробут. Үчүгэй баҕайы кырдьаҕас учууталлардаах этим, кинилэр мындыр сүбэлэрин умнубаппын. Бэйэбин кытта бииргэ үөрэммит оҕолор билигин элбэхтэр. Ситиһиилэрдээхтэр, бэйэлэрэ тэрилтэлэрдээхтэр. Үтүөнү оҥорор дьон өссө күүһүрэллэр, кыаҕыраллар дии саныыбын.
— Дыгын оонньууларыгар быйыл 1 мөл. солк. туруораҕыт, онтон салгыы хайдах буолуоҕай?
— Салгыы эмиэ итинник баран иһиэхпит. Дыгын оонньууларын илдьэ сылдьыа этибит. Дьон да биһигини ылынан, үөрэнэн эрэр. Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыга Евгений Григорьевка, куорат физкультураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Константин Бурцевка, Саха многоборьетын федерациятыгар Иннокентий Макаровка бииргэ үлэлэһэллэригэр, хамсатыылаах дьаһаллары ылалларыгар махталбыт улахан. Аан дойду балаһыанньата тупсан, үлэбит-хамнаспыт табыллан иһэрэ буоллар, Дыгын оонньууларын бириэмийэтин улаатыннаран, үрдэтэн иһиэ этибит.
— Спортсменнар норуокка кыайыыны аҕалаллар, киэн туттууну үөскэтэллэр. Спорт – норуот, нация күүһэ-уоҕа бу баар диэн духуобунай баайы-дуолу бэлэхтиир. Дыгын оонньууларыгар кыттар күүстээх-кыахтаах уолаттарбытын өйөөһүн тыһыынчанан дьон үөрүүтэ. Дьоҥҥо анаан үлэлиигит, көмөлөһөҕүт. Саха спорда сайдарын, көрдөрүүлэр тупсалларын туһугар. Үтүө дьыалаҕа, дьоһун аакка, үтүө дьоҥҥо киһи бэйэтинэн сыстар. Махтал буоллун, Алексей Семенович, үтүө дьыалаҕар, уҕараабат көмөҥ, өйөбүлүҥ иһин!