«Дыгын оонньууларыгар» кыттар 12 бөҕөс быһаарылынна
Нам, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Өлүөхүмэ, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Кэбээйи, Муома, Анаабыр, Орто Халыма улуустарыттан, Дьокуускай куораттан 27 уолан “Дохсун” кыһыҥҥы стадион-манежка түмсэн, түөрт путевканы былдьастылар. Күөн-күрэс кыттыылаахтарын Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнэ Алексей Пинигин, Дьокуускай куорат Физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Эдуард Ефимов, сүрүн судьуйа Иван Горохов эҕэрдэлээтилэр.
Маҥнайгы күн “Үс төгүл үс” көрүҥҥэ Валентин Афанасьев (Ньурба) 33 м 75 см көрдөрүүлээх бастаата. Владислав Попов (Нам) – иккис, Алексей Уваровскай (Кэбээйи) үһүс буоллулар. “Тутум эргииргэ” Алексей Уваровскай 65 эргийэн бастаата, Арсен Федотов (Мэҥэ Хаҥалас) – иккис, Алексей Созонов (Орто Халыма) – үһүс. Мас тардыһыыга Владимир Федоров (Ньурба) бастаата, Станислав Андросов (Чурапчы) – иккис, Николай Матаннанов үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
Иккис күн оҕунан ытыыга Арсен Федоров 15 очколаах бастаата, Валентин Афанасьев – иккис, Дьулустаан Туприн (Муома) – үһүс. 400 м сүүрүүгэ Алексей Созонов, Тимофей Большаков (Сунтаар) бастаатылар; хапсаҕайга Давыд Колесов (Мэҥэ Хаҥалас), Алексей Уваровскай, Владимир Федоров миэстэлэстилэр; таас көтөҕүүгэ 140 м ыраахха илдьэн Николай Матаннанов, Алексей Ефимов (Муома), Давыд Колесов бастаатылар.
Түмүккэ “Дыгын-2020” абсолютнай кыайыылааҕа, Кэбээйи боотура Алексей Уваровскай “3х3”, “тутумҥа”, хапсаҕайга миэстэлэһэн, уопсайа 34 очколаах бастакы миэстэҕэ таҕыста. “Дыгын-2018, -2021, -2022” үрүҥ көмүс призера Николай Матаннанов икки көрүҥҥэ миэстэлэһэн, 40 очколаах – иккис; Сунтаартан Тимофей Большаков сүүрүүгэ миэстэлэһэн, 40 очколаах – үһүс; Үөһээ Бүлүүттэн Владимир Шологонов 41 очколаах төрдүс миэстэлэнэн, бу сайын “Дыгын оонньууларын” финалыгар кыттар путевкалары ылаттаатылар.
Сүүмэрдиир күрэхтэһиилэргэ “Дыгын-2022” кыайыылааҕа Алексей Уваровскай кыттан уонна кыайыыны ситиһэн, сэҥээриини үөскэттэ, туругар киирэн эрэрин көрдөрдө: “Кыһын чемпион Кубогар ылбыт эчэйиибин оһорунаммын кытынным. Сөбүлүүр атаҕым оонньуутугар сэрэнэн холоннум. Онтон арылынным. Хапсаҕайга санаам күүһүнэн кииристим. Уолаттар бары да бэлэмнэрэ үчүгэй. Сайын өссө үчүгэй бэлэмнээх, кыахтаах уолаттар күүтэллэр. Эчэйиитэ суох эрэ тиийиэххэ наада. Реабилитациябын ааһан, чөлбөр түһүөм. Формабар киирэргэ кыһаллыам. Чурапчы институтугар III кууруска үөрэнэбин. Дойдубар тиийбэтэҕим син ыраатта, баран ахтылҕаммын таһааран, дьарыктаныахпын, күүс-уох ылыахпын наада”.
Мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолорго абсолютнай чөмпүйүөн, улахан дьоҥҥо турнирдар кыайыылааҕа, 80 кг Саха сирин чөмпүйүөнэ, спорт маастара, күрэс былдьаһыы күүрээнин, боотурдары үчүгэйдик билэттиир комментатор Борислав Степанов күрэхтэһиилэр хаамыыларын бэрт сэргэхтик кэпсээн-ипсээн сырдатта: “27 туруу уол кыттыбыта элбэҕи этэр. Бары уопуттаах уолаттар путевкалары ылаттаатылар. Сүүрбэлэрин туола илик эдэрдэр маастардар кэтэхтэригэр тыыналлара үчүгэй. Аҕыйах сылынан түһүлгэлэри киэргэтиэхтэрэ. Былыргы саха оонньууларынан дьарыктанааччылар элбээн, сайдан иһэллэрэ үөрдэр. Быһыылара-таһаалара, былчыҥнара көрөргө үчүгэйдэр, “рельефнэйдэр”. “Таастарын” ыйааһына да улааппытын улаханнык билиннэрбэтилэр. Уваровскай былырыыҥҥытын курдук буолбатах, лаппа хомуллубут, форматын тутан эрэр. Онон “Туймаада” ыһыаҕар кытаанах киирсиилэр күүтүллэллэр”.
Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнэ, “Дыгын оонньууларын” сүрүн спонсора, “Прогресс” тутуу тэрилтэтин гендириэктэрэ Пинигин Алексей Семенович: «2024 с. “Туймаада” ыһыаҕар буолар “Дыгын оонньууларыгар” сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр түмүктэннилэр, 12 боотур быһаарылынна. Сүрүн сыал-сорук саха төрүт култууратын, историятын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии, тарҕатыы буолар. Кыттааччылар элбээн, география кэҥээн иһэр. Эдэр уолаттар бааллара үөрдэр. Тыа сириттэн төрүттээх буоламмын, саха төрүт оонньууларын өйүүрү эбээһинэcпинэн ааҕабын. Спордунан дьарыктанар ыччат этэ-хаана, өйө-санаата эргиччи сайдар, күүстээх-уохтаах, чэгиэн-чэбдик буолар. Төрүт көрүҥмүтүн илдьэ сырыттахпытына, саха омук аата соргулаахтык ааттаныаҕа».
Кыһын-саас үс түһүмэҕинэн буолуталаабыт сүүмэрдээһиннэр түмүктэринэн, икки ыйынан быйылгы “Дыгын оонньууларын” финалыгар кыттыыны ылыахтара:
*Дьулустаан Ноговицын (Горнай)
* Артем Дьяконов (Кэбээйи)
* Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү)
* Яков Дмитриев (Кэбээйи)
* Борис Сдвижков (Амма)
* Алексей Соколов (Сунтаар)
* Николай Обоев (Ньурба)
* Павел Друзьянов (Чурапчы)
*Алексей Уваровскай (Кэбээйи)
* Николай Матаннанов (Таатта)
* Тимофей Большаков (Сунтаар)
* Владимир Шологонов (Үөһээ Бүлүү)
Сүрүн бириистэр хаһаайыннарынан, биллэн турар, ким күүстээх, үчүгэй бэлэмнээх, кыайыыга дьулуурдаах буолуохтара.
Боотурдар, кытаатыҥ!