20.05.2022 | 15:00

Дыгын оонньууларыгар кимнээх кыттыахтарай?

Дыгын оонньууларыгар кимнээх кыттыахтарай?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйыгар Үс Хатыҥҥа буолуохтаах Туймаада Ыһыаҕын күүтүүлээх Дыгын оонньууларыгар кыттыыны ылар 12 уол аата билиннэ.
Сахалыы атах оонньуутугар, тутум эргииргэ, мас тардыһыытыгар, оҕунан ытыыга, 400 м сиргэ кыыһы эккирэтэн сүүрүүгэ, хапсаҕайга уонна ыарахан ыйааһыннаах сымара тааһы көтөҕөн ыраах илдьиигэ, дьэ, кимнээх илин-кэлин түсүһэр буоллулар? Кыһын-саас буолуталаабыт сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр кыайыылааҕа Сунтаартан Тимофей Большаков, иккис-үһүс миэстэлэммит Петр Прудецкай (Дьааҥы), Борис Сдвижков (Амма), биэс иһигэр киирбит Николай Обоев (Ньурба), Давыд Колесов (Мэҥэ Хаҥалас), ону сэргэ эрдэтээҕи Дыгын оонньууларын кыайыылаахтара Алексей Уваровскай (Кэбээйи), Үөһээ Бүлүүттэн Айсен Ботуев уонна Владимир Шологонов, Вячеслав Дьяконов (Нам), Николай Матаннанов (Таатта), Дьулустаан Ноговицын (Горнай), Артем Варданян (Нам) бааллар. Бу ааттаммыт эр бэртэрэ бэс ыйын 25-26 күннэригэр Туймаада Ыһыаҕын түһүлгэтигэр күөн-күрэс былдьаһалларын көрүөхпүт! Дыгын оонньууларын биэс төгүллээх кыайыылааҕа Егор Филиппов эчэйии ылбытынан быйыл кыттыыны ылбат. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...