25.11.2020 | 16:29

ДЫГЫН ООННЬУУЛАРЫГАР КИМНЭЭХ КЫТТЫАХТАРАЙ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биллэрин курдук, быйыл “Дыгын оонньуулара” коронавирус мэһэйдээн буолбатахтара. Инньэ гынан, дьон-сэргэ кэтэспит-күүппүт күүстээх-быһый уоланнар күөн-күрэс былдьаһар “Дыгын оонньуулара” ахсынньы 5-6 күннэригэр Дьокуускайга “Триумф” спорка бэлэмнэнии киинигэр ыытыллыахтара.

Оонньууларга, бастатан туран, 2019 сыллаахха абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын үһүс төгүлүн ылбыт Хаҥалас мааны ыччата Егор Филиппов уонна сыл саҕаланыыта национальнай многоборьеҕа ыытыллыбыт чемпионат кыайыылаахтара Ньурбаттан хапсаҕай уонна атах оонньуутун маастара Владимир Федоров уонна Кэбээйиттэн “тутум эргиир” рекордсмена Алексей Уваровскай эрдэ путевка хааччынан тураллар. Кинилэри сэргэ, “Дыгын оонньууларыгар” абсолютнай чөмпүйүөннүү  сылдьыбыт уонна хаста да миэстэлэспит Чурапчы чулуута Петр Старостин, куруутун миэстэлэһэр Нам баттаамалаах ыччата Артем Варданян, Горнай күүстээҕэ, ыарахан ыйааһыннаах сымара тааһы ыраахха көтөҕөн илдьии рекордсмена Дьулустаан Ноговицын, Өлөөнтөн хапсаҕай, мас тардыһыы маастара Айсен Семёнов, Амматтан кус-быһый Леонид Филиппов, Таатта Манчаарыта Николай Матаннанов, кыайыыга дьулуурдаах туруу уоланнар Павел Друзьянов Чурапчыттан, Егор Свинобоев Мэҥэттэн, Алексей Протодьяконов Томпоттон уонна Дыгыҥҥа аан бастаан кыттар быраабы Никита Новгородов Уус-Алдантан күөн көрсүөхтэрэ. Ахсынньы 5-6 күннэригэр Дьокуускайга “Триумф” спорткомплекска буолар «Дыгын оонньуулара» көрөөччүлэрэ суох ыытыллыахтара. Күрэхтэһиини «Саха» НКИХ ханаала быһа эфиргэ көрдөрүөҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...