«Дыгын оонньуулара» көрөөччүтэ суох ыытыллыахтара
Быйылгы «Дыгын оонньуулара» бэс ыйын 26-27 күннэригэр көрөөччүтэ суох ыытыллыахтара.
«Туймаада ыһыаҕа дистанционнай көрүҥүнэн буоларын иһин күрэхтэһиилэри көрөөччүтэ суох тэрийэргэ көҥүл ылбыппыт. «Туймаада» стадиоҥҥа 12 кыттааччы, 12 тренер, судьуйа уонна тэрийээччилэр баар буолуохтара», – диэн кэпсиир куорат физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Константин Бурцев.
Манна даҕатан, кини күрэхтэһии кыттааччылара бары коронавируһу утары вакцинацияны ааспыт буолуохтара диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Күрэхтэһии кыттааччылара:
Леонид Филиппов (Амма)
Вячеслав Дьяконов (Нам)
Дьулустаан Ноговицын (Горнай)
Николай Матаннанов (Таатта)
Егор Филиппов (Хаҥалас)
Тимофей Большаков (Сунтаар)
Артем Варданян (Нам)
Владимир Федоров (Ньурба)
Павел Друзьянов (Чурапчы)
Дмитрий Петров (Бүлүү)
Никита Новгородов (Уус Алдан)
Айсен Елисеев (Дьокуускай)